“Оһуохай түмсүү” бу кэнники уонча сыл иһигэр оһуохайы чөлүгэр түһэриигэ, киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга, сайыннарыыга араас бырайыагы олоххо киллэрдэ. Бу туһунан түмсүү салайааччыта Александр Данилов кэпсиир.
Оһуохай түмсүүтэ билигин 16 улууска филиаллаах, тас дойдуга үс бэрэстэбиитэллээх. Түмсүү тэриллиэҕиттэн өрөспүүбүлүкэҕэ, Россияҕа, ону таһынан аан дойдуга араас тэрээһини ыытан кэллэ. Ону тэҥэ Дьокуускай куоракка маассабай бырааһынньыктарга улахан оһуохайы тэрийэн үтүө үгэһи олохтоото.
Александр Данилов бэлиэтииринэн, былырыын түмсүү 30 сыллаах үбүлүөйүгэр икки улахан күрэхтэһиини ыыппыттар. Онно эдэрдэр инники күөҥҥэ тахсыбыттар. “Туймаада уонна Олоҥхо ыһыахтарыгар эдэр дьон бастаатылар. Итини уопуттаах Дархан-этээччилэр үтүө бэлиэ быһыытынан сыаналыыбыт. Стас Иванов уонна Прокопий Федоров иккиэн бииргэ оһуохай этээччи быһыытынан улааттылар, кинилэртэн хаалсыбакка Үөһээ Бүлүү кыргыттара Марианна Хобусарова, Хаарчаана Семенова, Арыйаана Михайлова, Тааттаттан Матрена Порядина биир таһымҥа сылдьаллар”, — диэн бэлиэтиир кини.
Улуустарга оһуохайы маассабайдык тарҕатыыга дьон-сэргэ эмиэ көхтөөхтүк кыттар. Түмсүү Үөһээ Бүлүүтээҕи салаата итиннэ кэскиллээх үлэни ыытар. “Дмитрий Яковлевич Федотов (хомойуох иһин, былырыын биһиги кэккэбиттэн туораабыта), Сахаайа Михайловна Мойтохонова оҕону иитэр методикалара олус көдьүүстээх. Итини бу эдэр көлүөнэ этээччилэр үүнэн-сайдан тахсыбыттара да туоһулуур”, — диэн этэр Александр Джурович.
Ону сэргэ кини Дьокуускай куорат 17-с, 2-с нүөмэрдээх орто оскуолалара, “Кэскил” оҕо саада көхтөөхтүк кытталларын бэлиэтиир. “Инникитин эдэрдэри кытары ыкса үлэлэһэр санаалаахпыт. Ону тэҥэ хас нэһилиэк аайы оһуохайдьыты иитэн-үөрэтэн таһаарар соруктаахпыт. Мин санаабар, нэһилиэктэргэ алгысчыт, оһуохай этээччи хайаатар да баар буолуохтаахтар”, — диэн түмүккэ бэлиэтиир Александр Данилов.
Олег ГОГОЛЕВ, Дьокуускай к.