Александр Чиряев: «Учуутал идэтэ — уустук, ньымата — араас»
СӨ үтүөлээх учуутала, Дьокуускай куорат 12-с нүөмэрдээх оскуолатын математикаҕа уһуйааччыта Александр Чиряев оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ ураты көрүүлээх. Учуутал күнүн көрсө кини киэҥ далай холобурдарын ааҕыаҕыҥ, көрүүлэрин сэгэтиэҕиҥ, уопутун үллэстиэҕиҥ.
Учуутал дьиэ кэргэн
— Александр Константинович, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар. Учуутал дьиэ кэргэниттэн төрүттээххин билэбин.
— Учуутал эйгэтигэр төрөөбүтүм. Ийэлээх аҕабыт иккиэн учууталлар этэ. Бииргэ төрөөбүт ахсыабыт. Улахан убайбыт математик идэлээҕэ. Иккис убайбыт эмиэ өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ. Мин кэннибиттэн кэлэр кыыс — иитээччи. Ол кэнниттэн кэлэр игирэ уолаттартан биирдэстэрэ Николай Константинович СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ буолбута, Дьокуускай куораттааҕы Саха национальнай гимназиятын төрүттээбитэ. Саамай кырабыт — СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Биир бырааппыт эмиэ оскуолаҕа үлэлиир, хаһаайыстыбаннай чааска. Эдьиийим Новосибирскайга технолог идэтин баһылаан, ол хайысхатынан үлэлээбитэ. Ол гынан баран, мин санаабар, биһигиттэн ордук учуутал киниттэн тахсыан сөп этэ.
“Үөрэхтээх эрэ барыта учуутал буолбат”
— Учуутал идэтигэр уһуйуллаллар дуу, айылҕаттан ананан төрүүллэр дуу?
— Учуутал — анал идэ. Ону баһылааһын, киһи бэйэтин олоҕор туттуута араас түгэннэртэн тутулуктаах. Бастатан туран, арааһа, үөрэхтэн. Ол гынан баран, итини олус сөптөөҕүнэн аахпаппын. Кэлин үөрэҕинэн эрэ учуутал аатын сүгэр дьон элбээтэ. Төһө даҕаны педагог идэтин баһылаабытын иһин, дьиҥнээх учуутал диир сорох түгэҥҥэ сөп түбэспэт. Учуутал быһыытынан үлэлэрэ, сыһыаннара даҕаны соччо эппиэттэспэт.
Кэлин учуутал хамнаһа намыһах диэн этиини элбэхтик истэбин. Учуутал идэтэ хамнаһынан быһаарыллар курдук түгэн үөскээтэ. Ол – сыыһа. Учуутал айылҕаттан бэриллибит идэ диэххэ сөп. Ол идэни ылбычча киһи ситиспэт. Биллэн турар, идэни сыаналыырга таһым эҥин диэн ирдэнэр. Маныаха биир сөпсөспөт өрүттээхпин. Билигин көрүнньэҥҥэ, тас көстүүгэ эрэ охтон хааллыбыт.
Дьиҥнээх сыанабыл — үөрэнээччи таһымынан
— Тас көстүү диэн тугу этэҕин?
— Холобура, докумуону толоруу, кумааҕыга тиһиллэрин ситиһии, араас отчуоттары уу тэстибэт гына оҥоруу… Ити баһылыыр оруолу ылла. Мин санаабар, учуутал идэтин төһө баһылаабытын, хайдах үлэлиирин биир тугу эрэ билбитинэн-билбэтэҕинэн буолбакка, оҕо уопсай таһымынан быһаарыахха сөп.
Учууталлаан баран оскуолаҕа дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйа сылдьыбытым. Онтон Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка кэлэн, тустаах боппуруоска элбэхтэ үлэлэспитим. Учууталлары хайдах сыаналыахтаахпыный, бу учуутал үлэтэ хайдаҕый диэн ыйытыыга хоруйдуурга быһаарыыны тобулбутум. Ол — оҕолору кытта үлэлэринэн көрүү. Кэлин министиэристибэҕэ үлэлиир кэммэр, ханнык баҕарар оскуолаҕа киирдибит да, учууталлар уруоктарыгар сылдьан, кинилэр хайдах үлэлииллэрин көрөн, сылыктаан, ол эрэ кэнниттэн кэпсэтэн, түмүк таһаарарга дьулуһарбыт. Биллэн турар, сурунаалы, докумуону көрөрбүт эрээри, мин онно улахан болҕомтону уурбат этим. Билигин ити таһым тутуһуллубат буолла. Учуутал хайдах үлэлиирин, оҕоҕо хайдах сыһыаннаһарын уруоктарыгар, ыытар тэрээһиннэригэр сылдьан эрэ билиэххэ сөп. Үөрэх систиэмэтин араас таһымнаах салайааччылара, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччыттан саҕалаан араас мэтэдиистэргэ тиийэ учуутал үлэтигэр, учууталга бэйэтигэр сыһыаҥҥа бэрдэ суох суолга тиэрдэр.
Учуутал үөрэнээччигэ дьайыыта
— Чахчы оннук.
— Сорохтор, учуутал ону туттубат, маннык ньыманы туһаммат диэн араас ирдэбиллэри туруораллар. Кини биир күннээҕинэн, биир уруогунан сыаналанар киһи буолбатах. Уопсай үлэтин хайысхатынан, үлэтигэр сыһыанынан, атыннык ситиһиэн сөп.
Билигин ирдэбилинэн үөрэтии (формальнай) тарҕанна. Эн маны билиэхтээххин, толоруохтааххын, өйдөтүөхтээххин диэн ыйынньыктарга тиийэ сирдэтии баар. Ону толорбот түгэннэригэр, учуутал үлэтин сыыһанан ааҕаллара элбээтэ. Эбэтэр бу учуутал маннык систиэмэнэн үлэлиир дииллэр. Холобура, бэйэтин кэмигэр киэҥник биллибит, математикаҕа тирэх кэниспиэктэри, схемалары тэрийэн үлэлээбит новатор-педагог Шаталов үлэтин кытта билсибитим, куурустарга сылдьыбытым. Чахчы үчүгэй. Ол эрээри, мин кини ньыматын толору кыайан туһанар кыахтаахпын дуо, диэн боппуруоһу туруорабын. Бэйэ суолун-ииһин көрдөөбөккө, бэлэм үлэни тутуһан үлэлиэххэ дииллэрин биһирээбэппин. Мин Шаталов буолбатахпын. Кини бэйэтэ, оҥорбут киһи ситиһэрэ чахчы.
Онон идэни баһылааһын аҥаардас үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммат. Биһиги Үөһээ Бүлүүгэ норуот учуутала Михаил Андреевич Алексеев тэрийбит физика-математика хайысхалаах кылааһыгар үөрэммиппит. Үс сыл онно үөрэнэрим тухары, Михаил Андреевичка биир даҕаны уруокка үөрэммэтэҕим. Ол эрээри, кинини бэйэм учууталбынан ааҕынабын. Тоҕо? Кини эйгэтигэр, кини ирдэбилигэр, кини сыһыаныгар такыллан тахсыбытым. Ол буолбатах дуо, кини учуутал быһыытынан үөрэнээччигэ дьайыыта? Уруогу биэрбитинэн эрэ дьайар кыахтаах дуо?
Норуот учууталын кырылас “биэһэ”
— Салгыы кэпсээтэххэ, өссө биир түгэн баар. Балтараа сыл курдук Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир кэммэр Михаил Андреевич Алексеев салайар кылааһыгар киирэн, сурунаалга физика биридимиэтин көрдүм. Сурунаалга биир даҕаны биэстэн ураты сыана суох. Кимиэхэ эрэ килиэккэ муҥунан улахан биэс турар, кимиэхэ эрэ килиэккэ уҥа муннугар кып-кырачаан биэс турар, атын киһиэхэ атын биэс турар.
— Һа, ол аата?
— Ол аата, кини биһиги туруорар “формальнай” “2”, “3” сыанабытын туттубат. Кини үөрэнээччигэ куһаҕан сыананы туруоран буруйдаабакка, мөхпөккө, оҕону өрө тардан таһаарар сыаналары туруорар эбит. Ону ким сатыырый? Мэхээлэттэн ураты, баҕар, биир эбит учуутал баһылаабыта буолуо… Биһиги ону сатаабаппыт. Онон хас биирдии учуутал “универсальнай” ньыманы тутуспакка, бэйэтэ туһанар ньымалаах, суоллаах-иистээх буолуохтаах. Мин ону көрөн баран сөхпүтүм уонна биһирээбитим.
— Онтон чиэппэрдээҕи, сыллааҕы сыаналары хайдах туруорарый?
— Эн ирдэбил баар буолуохтаах диэн санаанан салайтараҕын. Кини онно баардылаабат, мин үлэбин үөрэнээччигэ сыана туруорбуппунан сыаналыахтара диэн наадыйбат. Сыананы туруорууну оҕоҕо эрэ наадалааҕынан ааҕар.
— Билигин, бука, атын хартыына буолуо ээ…
— Оннук. Кини үөрэнээччини көҕүлүүр, кынаттыыр эрэ суолу тутуһар, оҕоҕо үчүгэй эрэ буоларын ситиһэр.
1978 сыллаахха үөрэхпин бүтэриэхпиттэн үөрэх эйгэтигэр үлэлиибин. Ол тухары испэр мөккүһэр мөккүөрүм биир – ирдэбил уонна билиини оҕоҕо чахчы тиэрдии быыһын, икки ардын булуу. Учуутал сүрүн соруга – ити. Арыый судургутутан эттэххэ, көннөрү билии (холобура, хоһоону нойосуус үөрэтии) уонна ис хоһоонун өйдөөн билии, ол икки ардыгар тугу, хайдах быһаарыахтаахпын мин билигин даҕаны этэр кыаҕым суох. Ол барыта күннээҕи туруктан тутулуктаах.
Учуутал идэтин үйэтин тухары баһылыыр
— Александр Константинович, оттон эн бэйэҥ хайдах үөрэтэҕин?
— Биирдэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи физика-математика оскуолатыгар үлэлии сырыттахпына, биир учуутал уруокпар көҥүллэтэн сырытта уонна тахсан баран ыйытар: “Александр Константинович, эн бу ханнык учуобунньугунан үлэлиигин?” Онуоха эрэ өйдөөтүм, бай, чахчы даҕаны чопчу учуобунньугунан үлэлээбэт эбиппин. Бастакы үс сылбар, кырдьык, учуобунньугунан үөрэтэрим. Ол эрээри, онно аналлаах босуобуйаны улаханнык туһаммат этим. Кэлин ону даҕаны бырахпытым. “Уруокка хас да тэтэрээттээх, хас даҕаны кинигэлээх кэлэн ыыттым”, – диэтим. “Оччоҕо эн тоҕо учуобунньук суруйбаккыный?” – диэн ыйытта. Учуобунньугу суруйбутум да иһин, эһиилигэр бэйэм даҕаны туттубатым биллэр.
— Тоҕо?
— Эһиил атын оҕолор кэлиэхтэрэ, бэйэм уларыйыам… Чопчу биир боппуруоһу үөрэтиинэн хааччахтаммакка, уруогу атын өттүттэн көрөн ыытан кэбиһиэхпин сөп. Билигин биһиги учууталларбытын оннук сыаналыыбыт дуо? Суох. Бырагырааманы толорбутун-толорботоҕун туоһулаһабыт, онон сыаналыыбыт. Онон учуутал идэтэ — уустук, түгэнэ, ньымата — араас. Учуутал идэтин үйэтин тухары баһылыахтаах.
Патриотизм – кыраайы үөрэтии
— Оҕолору хайдах гынан патриотизм тыыныгар иитэбит?
— Дойду үрдүнэн Патриотизм сыла биллэриллибитэ. Ол эрээри, Арассыыйа саамай аатырбыт массыынатын УАЗ-игы тупсарбыта буолан, “PATRIOT” диэн омуктуу суруйабыт. Баҕар, нууччалыы суруйбуппут эбитэ буоллар, син да этэ. Ити бэйэбит ылынар ыҥырыыбытыгар болҕомто уурбаппытын туоһулуур курдук. Хас даҕаны сыллааҕыта Путин бэйэтэ салайан ыытар култуураҕа аналлаах Судаарыстыбаннай сэбиэт кэпсэтиитигэр биир дьахтар: “Патриотизм саамай улахан төрүтэ – кыраайы үөрэтии”, — диэн бэрт бэргэнник этэн турар. Сөп ээ, сирин-дойдутун билбэт, өйдөөбөт, онтон күүс ылбат киһи хайдах патриот буолуоҕай? Бүгүҥҥү оҕо Саха сиринээҕэр Турцияны ордук билэр. Чахчы оннук.
Аны кыраайы кинигэнэн, альбомунан үөрэтии туһата суох. Анаан-минээн кылааска олорон үөрэтэрдээҕэр, быһаччы алтыһар, илэ көрдөрөр, билиһиннэрэр ордук табыгастаах. Билигин тулалыыр эйгэ уруогар оҕолор кинигэнэн үөрэнэллэр. Ити дьайыыта тутах.
Иитиигэ, үөрэтиигэ аҕа көлүөнэм суолун тутуһабын. Норуот учуутала Николай Иванович Афанасьев – уһулуччулаах кыраайы үөрэтээччи. Кини элбэх кинигэлэриттэн биирдэстэригэр, сайын оҕолору түмэн 42 күн устата тыаҕа сылдьыбыттарын туһунан аахпытым. Ити сырыыттан оҕолор төһөлөөх элбэх билиини сомсон ылбыттарын, айылҕа дьиктитин көрбүттэрин этэ даҕаны барыллыбат. Биир интэриэһинэй түгэн баар. Сырыыларын тухары үөрэнээччилэр үрүксээктэригэр пионерскай таҥастарын укта сылдьаллар. Кыайыыга аналлаах өйдөбүнньүктэри таарыйдахтарына, сүгүрүйүү сиэрин-туомун оҥороллор. Онно тахсалларыгар билиҥҥи курдук эҥин араас эриэн таҥаһы таҥныбакка, анал пуормаларын кэтэллэр, хаалтыстарын бааналлар. 42 күн устата иккитэ эрэ кэтээри, таҥастарын барытын сүгэ сылдьаллар. Хайдах курдук бэринииний?! Билигин, оннооҕор бэлэм массыынанан барарбытыгар, таһаҕас оҥостубаппыт дэһэбит.
Куорат усулуобуйатыгар оҕону иитии
— Оҕону иитиигэ ураты үгэстээххин. Ити туохтан, хайдах саҕаламмытай?
— Оҕону сайыннарыы, иитии төрүт айылҕатыгар сыһыарыыга олоҕурар. Төрүт айылҕа диэн тугуй? Тулалыыр айылҕа, алтыһар эйгэ, кэпсэтэр дьон-сэргэ, былыргы устуоруйа — барыта киирэр. Оҕо онно умньаннаҕына, илэ көрдөҕүнэ, онтон тирэҕирдэҕинэ эрэ сайдар кыахтаах. Оттон аҥаардас үөрэҕинэн эрэ тугу эмэ ситиһэ сатааһын, бибилэтиэкэҕэ кинигэни эрэ хасыһан аахпыт, көмпүүтэр көмөтүнэн билбит оҕолор сайдыылара татым. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр тирэхтэриттэн тэйэн хаалаллар. Саха оҕото айылҕаттан тэйиитэ омсолоох өттүнэн дьайар. Этэргэ дылы, сарсыардааҥҥы сииккэ хаамара, күн киирэрин көрөн дуоһуйара наада. Айылҕаттан ордук улуу күүс суох. Киһи бэйэтэ даҕаны билбэтинэн, айылҕа киниэхэ дьайар ээ.
Саха кылаастарын ыырдарын кэҥэтиэҕиҥ
— Куоракка саха оҕотун иитии боппуруоһун күүскэ туруоруохтаахпыт. Билигин саха кылаастарын тэрийиинэн, ону элбэтиинэн эрэ муҥурданабыт. Биллэн турар, саха кылааһа элбэҕэ үчүгэй. “Сүүрбэ сылы быһа саха кылааһа, оскуолата тэриллиэхтээх диибит даҕаны, ол оскуола хайдах үлэлиэхтээҕин, туох тыыннаах буолуохтааҕын туһунан биир даҕаны кэпсэтиини ыыппакка, “тэриллиэхтээх” эрэ диэнинэн олоробут”, — диэн биир мунньахха тыл этинэн турабын. Итиэннэ ол этиибин толоро сылдьабын, тугу эрэ ситистим диир кыахтаахпын. Ити куорат сиригэр оҕону иитии биир хайысхата.
Айылҕаттан тирэхтэнии
— Өр сылларга Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үлэлээбитим. Үрдүкү кылаастарга тыа оскуолатыттан кэлбит оҕолору кэтээн көрдөххө, чаҕылхай буолбатах эрээри, уопсай сайдыыларын таһымнарынан чорбойоллоро. Ити, айылҕаларыттан тэйэ иликтэрин туоһута. Ону чопчу өйдөөн, 5-с кылааска үөрэнэ киирэр куорат оҕолорун айылҕаҕа чугаһатыахха наада эбит диэн санаа киирбитэ.
Биир үтүө күн төрөппүт мунньаҕар, биология учуутала Анна Егоровна Местникова оҕолоргутун сайын тыаҕа илдьэ сылдьыахпын баҕарабын диэн этии киллэрбитин, төрөппүттэр тута өйөөн, ханна барар туһунан толкуйга түспүттэрэ. Онтон сиэттэрэн сайынын эспэдииссийэлэри тэрийии саҕаланан барбыта. Онно сылдьан төрөппүттэргэ, оҕо эрдэхпинэ ийэлээх аҕабыт, улаатан баран бэйэм дьиэ кэргэнинэн уонна үлэбинэн дойдубут араас муннуктарыгар сылдьан элбэҕи көрбүппүн, араас дьону, кинилэр олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын билсибиппин кэпсээбитим. Ону истэн миэхэ: “Бэйэҥ көрбүт, сылдьыбыт сирдэргин дьыл кэмиттэн тутулуга суох оҕолорбутугар көрдөр”, — диэн быһаччы соруйбуттара. Онон алтыс кылааһы бүтэриилэригэр маршрут оҥорбутум. Итинтэн ыла тиһигин быспакка барабыт.
Кэлэктиибинэн иитии
— Үөрэтии-иитии үлэтин араас хайысхаларынан, оҕо сайдыытынан көрөр схема баар, сыл аайы кэҥээн иһэр. Оттон оҕо уопсай сайдыытын боппуруоһугар итинник схема суох. Ону аҥаардастыы уруогунан эрэ буолбакка, атын суолларынан тобулуохха, ситэриэххэ сөп. Холобура, эт-хаан өттүнэн сайдыы. Ханнык баҕарар усулуобуйаҕа айылҕаҕа сылдьыы, ону тулуйуу, туорааһын, салгыы оҕо бэйэтин этин-хаанын салайынарга үөрэниитигэр тиэрдиэхтээх. Этин-хаанын кыаҕын сүтэрбэккэ эрэ иитэн таһаарар ирдэнэр. “Тепличнэй” усулуобуйаҕа олордон, эт-сиин бэйэтэ тулуйар, кыайар, утарылаһар иммунитетын суох гынан кэбиһэбит. Холобур, аныгы оҕолор охтоллоругар сирэйдэринэн баран түһэллэр. Тоҕо? Оҕо саҥа хаамарын саҕана араас “манеж”, “ходунок” диэннэри туһанабыт. Ол түмүгэр оҕо охто үөрэммэт. Аны суорат оннугар йогурту иһэллэр. Онно ханнааҕы кальций кэлиэҕэй… Өссө биир түгэн. Биир сыл бэһис кылааска кэлбит оҕолортон икки ый устата икки оҕо илиитин тоһутта, биир оҕо сиһин, биир оҕо атаҕын эчэттилэр. Төрөппүттэри кытта итинник буолбутун ырыттыбыт. Итиэннэ үс төрүөт баар диэн быһаардыбыт: сатаан охтубаттар, уҥуохтара мөлтөх, сатаан оонньооботтор. Оонньуур кэмнэригэр сэрэнэр, туттунар диэни умнан, киинэлэргэ көрөллөрүн курдук “иирээки” аҥаардаах туруктаналларыттан. Маны барытын кыайар туһугар эрчиллии, дьарык ирдэнэр. Бу биир кистэлэҥнээх — оҕону кэлэктиибинэн иитии. Оҕолорбун кытта Булууска тиийдэхпитинэ, муустаах ууга сөтүөлүүбүт.
— Ычча даа, бэлэмэ суох оҕолор киирэллэр дуу?
— Үгүстэрэ сөтүөлүүллэр, ычча диэбитинэн умсан тахсаллар. Биир даҕаны киһи ыалдьыбат. Тоҕо? Оҕо төрөппүтүн кытта муустаах ууга киирэн таҕыстаҕына, ыалдьыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүт “ыалдьыаҥ, итинник гын”, “тымныйыаҥ, маннык гын” диэн бүөбэйдииртэн быыс булбат. Инньэ гынан, оҕо этэ-сиинэ бэйэтэ туруулуһар кыаҕын суох гынан кэбиһэллэр. Оттон бэйэбит эрэ сырыттахпытына, доҕоро киирэн тахсыбытын көрөн, өссө күүһүрэр, эрчимирэр. Табаарыһа киирэн тахсыбытын кэннэ кини тоҕо тоҥон туруохтааҕый? Кэлэктиибинэн күүһү күүркэтэн бөҕөргөтүү маннык түгэҥҥэ үөскүүр.
Итиниэхэ холобурум үгүс. Сатыы хаамыы кэмигэр массыынанан баран иһэр биир уол аҕата, “тохтоон кэтэһиэххэ диэбитигэр”, “ээ суох, кэлиэхтэрэ” диибин. Салгыы баран иһэн тулуйбата: “Олус ырааттыбыт, төттөрү барыахха”, — диэннээх. Сыл аайы сылдьар маршрутум буолан: “Тиийиэхтээх сирдэригэр кэлиэхтэрэ”, — диэбиппэр, букатын “бачча ыраах оҕолору хаалларар туох буолбут киһигиний”, — диэн турда. Тиийиэхтээх сирбитигэр тиийбиппит кэннэ кыыһырыы бөҕө. Аны биир ийэ мин истэрим курдук: “Мааҕын сарсыарда уолум үчүгэйдик аһаабатаҕа”, — диэн иккитэ-хаста эттэ. Оҕолор өр гымматылар, ыраахтан биир уол хааман иһэрэ көһүннэ. Онтум “төннүөххэ” диэбит аҕа уола. Кэнниттэн икки уол иһэр. Олортон биирдэстэрэ, били, сарсыарда үчүгэйдик аһаабатах оҕобут. Сэниэ бөҕө, кэпсээн-ипсээн, илиитэ күөрэҥнэс. Тиийэн кэлбиттэригэр, манна тохтоон сынньана түһүөххэ диэбиппитигэр: “Тоҕо, салгыы барыахха”, — диэннээх. Онон биирдиилээн иитии кыайбатах суолун кэлэктиибинэн иитии кыайа тутар кыахтаах, ис кыаҕын өрө таһааран, сайдар суолларын арыйар.
Саха сирин тилийэ хаамыы
— Ханнык маршруттардааххытый?
— Кылаастарынан маршруттарбыт арааһынайдар. Бэһис кылаастары бүтэрбиттэргэ 3 күннээх алаастарынан сырыыттан саҕаланар. Алтыс кылаас кэннэ “Орто дойду” зоопаркаттан, кыраайы үөрэтээччи Прокопий Романович Ноговицыны кытта кэпсэтииттэн саҕалаан, Хачыкаакка тиийэбит, Барашков баай туһунан кэпсээни истэбит. Онтон Булууһу таарыйабыт, Күөрдэм мусуойугар сылдьабыт. Хомойуох иһин, мусуойу төрүттээбит Роберт Константинович Захаров биһиги кэккэбититтэн туораахтаата. Оҕолорум кини кэпсээнин истэн баран: “Булуус хорош, но старик лучше”, — диэн бэлиэтээбиттээхтэр. Үлэтигэр сыһыанын, киһи ис кэрэтин көрөн сыаналыыр буолбуттарыттан чахчы үөрбүттээхпин.
Сэттис кылаас кэнниттэн Алдаҥҥа аттанабыт. Тимир суолу, сиртэн хостонор баайы көрөбүт, Алдан хайаларыгар сылдьабыт.
Ахсыһы бүтэрбиттэрбиниин Тааттаҕа эмиэ үс түһүмэхтээх сырыыга турунабыт. Лэкэ хайанан, Баайаҕанан, Ытык Күөлгэ, Чөркөөххө мусуойга, Ойуунускай алааһыгар сылдьабыт. Баайаҕаҕа тиийдэхпитинэ, булгуччу норуот маастарыгар Борис Неустроевка-Мандар Ууска ыалдьыттыыбыт. Уолаттарым хайаан даҕаны кыыннаах быһах оҥостон кэлэллэр. Соторутааҕыта турбут Моҕол ураһаҕа кыргыттарым кылааттара эмиэ баар. Мусуой үлэһиттэрэ барахсаттар кэтэһэн олорор буолаллар. Бу сырыыбыт 14 күннээх.
Оттон тохсуһу бүтэрбиттэрин кэннэ “Сайдыы суола” диэн Сунтаар ыһыаҕынан, Тойбохой мусуойунан, Кириэстээҕинэн, Чернышевскайынан, Светлэйинэн, Мииринэйинэн, Кэмпэндээйинэн, Элгээйинэн, Тукулаанынан барабыт. Сороҕор мусуой үлэһиттэрэ түүн 1 чааска диэри кэпсээччилэр. Оҕолорум ол курдук сэҥээрэн истэллэр, үлэһиттэр онтон дуоһуйууну ылаллар.
Бүтэһигин онус кылааһы бүтэрбиттэрбин кытта “Муома хайалара – ыра санаам чыпчааллара” диэн маршрукка аттанабыт. Уопсайа, сайыҥҥы 6 эспэдииссийэттэн биир-үс күннээх 20 маршруттаахпын. Сайыҥҥы үлэбин, айаннарбын барытын толордохпуна, дьиэбэр 8 хонобун. Икки улахан эспэдииссийэбин бырайыак оҥорон, Арассыыйа бэрэсидьиэнин Гранын ылбыппыт. Ол эрэн, быйыл хамсыгынан сибээстээн, Муомаҕа айаны эрэ толору оҥордубут.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru