Александр Бурнашов: «Норуодунай буолуу дьол уонна эппиэтинэс»
Александр Бурнашов -– Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина. Бу күннэргэ кини өссө биир үрдүк ааты ылбытыттан -– «СӨ норуодунай артыыһа» буолбутуттан саха норуота тэҥҥэ долгуйда, ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ, махтал тылларын анаата.
Бэйэм көлүөнэбин таптыыбын
— Кырдьыга да, бу сылларга пародия жанрыгар соҕотоҕун үлэлээн кэллим. Кэнники өйдөөн-санаан көрдөхпүнэ, мин кэннибиттэн ыччаттар тахсыбаттарын төрүөтүнэн жанра уустугуттан буолуон сөп. Ону сэргэ, пародист диэн сыанаҕа тахсан кими эрэ үтүктэн, оонньоон көрдөрүү эрэ буолбатах. Талаан киһиэхэ барытыгар баар, киһи барыта куоластаах, онуоха эбии эн элбэх билиилээх-көрүүлээх, ураты өйдөөх-санаалаах, олоххо, дьоҥҥо сыһыаны кыраҕы хараҕынан кэтээн көрөр дьоҕурдаах буолуохтааххын. Сыанаҕа атын киһи уобараһыгар кини олоҕунан эмиэ «олорон» көрүөххүн наада. Ол иһин, саҥа уобараһы арыйаргар кинилэр тустарынан элбэхтик ааҕаҕын, кэнсиэртэригэр сылдьаҕын, майгыларын-сигилилэрин үөрэтэҕин.
Мин көр-күлүү артыыһа да буоларбынан, 50 сааспар диэри аргыый наллаан, холку соҕустук сылдьыбыт эбиппин дуу дии саныыбын. Онтон орто омурҕаҥҥын ааһан баран, өссө үлэлиэх-хамсыах, айыах-тутуох баҕаҥ күүһүрэр эбит. Биллэн турар, бириэмэ баран иһэр, ол аайы эстрада, көлүөнэ уларыйан иһэр. 30-тан тахса сыллааҕыттан миигин кытары тэбис-тэҥҥэ айаннаан кэлбит, ииппит көрөөччүлэрим миэхэ бэриниилээхтэрин билэбин. Кэнсиэртэрбэр ханнык баҕарар саалаҕа киһи наар толору буолар. Ити барыта мээнэҕэ буолбатах, барыта эмискэ кэлэн хаалбат. Көрөөччүбүн иитэн, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн-өйөһөн баччааҥҥа диэри кэллэхпит. Онон, бэйэм көлүөнэбин наһаа хайҕыыбын, таптыыбын. Биллэн турар, урукку көлүөнэ дьонуттан билигин сорохторо суохтара хомолтолоох.
Норуодунай артыыс
— 20-тэн тахса сыл «СӨ үтүөлээх артыыһа» диэн ааппын илдьэ сырыттым. 2001 сыллаахха 31 сааспар Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев илиититтэн ылбытым.
Мин санаабар, «Саха сирин норуодунай артыыһа» диэн наһаа улахан аат. Мин өйбөр олох кыайан киирбэт курдук. Христофор Максимов, таайым Афанасий Ефремов, Марина Попова, Анегина Ильина уо.д.а. артыыстарбыт, уһулуччулаах суруйааччыларбыт ааттара буоллаҕа дии. Билигин санаатахпына, кинилэр эмиэ мин сааспар итинник аакка тиксибиттэр быһылаах. Итинник дьон ааттарыгар киирсэр диэн ханнык эрэ өттүнэн дьол уонна улахан эппиэтинэс. Үлэлии-хамсыы сылдьар кэммэр бырабыыталыстыба маннык наҕарааданы биэрбитэ миэхэ улахан дьол. Уопсайынан, ааты-суолу киһи үлэлиир кэмигэр ылыахтаах дии саныыбын. Бэйэтэ кэмигэр кэлэр наҕараада быһыылаах, аны мин кэннибиттэн кэлэр көлүөнэ эмиэ ылыан наада буоллаҕа…
Онтон норуотум миэхэ тапталын, бэриниитин үчүгэйдик билэбин. Сыанаҕа таҕыстахпына: «Ханнык да мэтээллээҕэр, уордьаннааҕар саамай улахан наҕараадам, мин дьолум -– көрөөччүлэрим, эһиги тапталгыт, ытыскыт тыаһа», — диэн куруук этэбин.
«Көмүс ааттар»
— Бу бырайыагы олоххо киллэрэр туһунан, дьиҥинэн, аан бастаан кэргэним Владилена—Сахаайа этии киллэрбитэ. «Эн конферансьелыыгын, кэнсиэрди үчүгэйдик ыытаҕын, элбэх дьону билэҕин», — диэбитэ. Кырдьык, кыһыл көмүс плеяда аттыгар үөрэнэ-үлэлии сылдьарбын оччолорго өйбөр үчүгэйдик оҕустарбат этим. Эдьиий Марыынаттан саҕалаан, Анастасия Лыткина училищеҕа үөрэнэ сырыттахпына, отделение сэбиэдиссэйэ, саха бастакы балерината Евдокия Степанова хореография преподавателэ этилэр. Итинник улуу дьоннор аттыларыгар сылдьарбын Сахаайа биһирии көрөн, Виталий Вульф ускуустуба уһулуччулаах дьонугар аналлаах бырагырааматыгар майгыннатан, тыйаатырбытыгар туох эрэ бырагыраамата оҥор диэн сүбэлээбитэ. Онуоха тыйаатыр салалтатыгар эппиппэр тута сөбүлэспиттэрэ. Онтон ыла Саха телевидениетын уонна араадьыйатын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. «Көмүс ааттары» кэнсиэр курдук ыытабыт, ону телевидениеҕа усталлар. Онтон араадьыйаҕа кыһыл көмүс пуондаҕа хаалар биэриини туспа анаан оҥоробун, манна биэрии анаммыт дьоруойдарым бэйэлэрин ырыаларын холбуубун. Араадьыйа, тэлэбидьиэннэ күүстээх, уопуттаах режиссердара Анна Пудованы, Мария Сунхалырованы миэхэ анаабыттарыгар махтанабын, мин дьолбор тиксибит дьонунан сыаналыыбын. Онон Олег Марков, Олег Колесов, Николай Бястинов салайааччылардаах көмөлөһөр, өйүүр айар хамаанда баар буолан, «Көмүс ааттар» бааллар.
Биэриибэр өр бэлэмнэнэбин. Ардыгар Национальнай бибилэтиэкэҕэ тиийэн, наадалаах кинигэбин сакаастыыбын. Налыччы-наскыччы олорон ааҕар бириэмэм суох буолан, хаартыскаҕа түһэртээн ылабын уонна дьиэбэр кэлэммин түүннэри ааҕабын, өйбөр тутабын. Холобур, саха күөрэгэйэ Екатерина Захарова туһунан биир эрэ кинигэ баара, матырыйаал олох суоҕа. Ол гынан баран, «көрдөөбүт көмүһү булар» диэн баар. Кини аймахтарын көрдөөммүн, биир дойдулаахтара эмистэри атахтарыгар туруораммын, саха күөрэгэйин «Көмүс ааттар» биэриибэр киллэрбиппинэн киэн тутта саныыбын. Ити курдук, элбэҕи ааҕан, билэн истэҕиҥ аайы бэйэтэ ситимнэнэн тахсан иһэр. Ол эрээри, аттыбытыгар суох, ахтан-санаан ааһыахтаах ырыаһыттарбыт элбэхтэриттэн уонна эдэрдэриттэн киһи курутуйа саныыр.
Биэриим дьоруойун ырыаларын билиҥҥи көлүөнэ артыыстартан ким ыллыай диэн толкуйдуурбар эмиэ бириэмэ балачча барар. Араадьыйа пуондатыттан тиийэн уһуллубут ырыаларын булаттаан, наушник кэтэн барытын истэ сылдьаҕын. Онон, бэйэҥ эмиэ режиссер курдук буолан хаалаҕын.
Ол сылдьан эстрада ырыаһыттарыгар туох эрэ саҥаны арыйабын, кинилэри атын өттүнэн көрөбүн, хас биирдии киһи кинигэ курдук. Ыллыы турдаҕына, киниэхэ аныгыскыга өссө маннык ырыаны биэриэхпин сөп эбит диэн, атын бырайыагы тэҥинэн толкуйдуу олороҕун. Ол иһин артыыстарбыттан элбэххэ үөрэнэбин, кинилэри да үөрэтэбин быһылаах.
Эстрада тыйаатыра уларыйа турар аналлаах
— Тыйаатыр үлэтэ-хамнаһа, үлэлиир истиилэ да уларыйыахтаах. Алексей Егоров-Өркөн диэн талааннаах эдэр киһи кэлэн үлэлээбитэ. Билиҥҥи курдук муусукаалынай испэктээктэргэ, мюзиклларга үлэбитин кини көҕүлээбитэ уонна олоххо киллэрбитэ.
САССР үтүөлээх артыыската Наталья Трапезникова баара эбитэ буоллар, биһиги испэктээктэрбитигэр тэбис-тэҥҥэ оонньоһуо этэ диэн, тустаах оруолларга Наталья Спиридоновнаны санаан тахсабын. Урукку кэм артыыстара, о.э. мин иннинээҕи көлүөнэ артыыстар итинник испэктээктэргэ оонньообокко хаалбыттарыттан олус хомойобун.
Эстрада, сахалыы эттэххэ, ньымса, саталлаах жанр. Хаһан баҕарар уларыйыан-тэлэрийиэн сөп, норуот жанра буоллаҕа. Онон испэктээк эрэ буолбакка, өссө атын уларыйыылар тахсыахтара. Киһи соһуйбат, биһиги ол уларыйыыларга да бэлэммит. Олох биир сиргэ турбат, артыыстар эмиэ уларыйан иһэр буоллахпыт.
Үйэтитии хоһо
— Саха эстрадата 1968 сыллаахтан, бастакы идэлээх артыыстар Юрий Платонов, Наталья Трапезникова кэмнэриттэн саҕаламмыта. Ити сыллар тухары саха эстрадата туспа анал дьиэтэ суох үлэлээн кэллэ, Троицкай собуорга наһаа уһуннук үлэлээбитэ.
Онтон аҕыйах сылтан бэттэх урукку «Европа» дьиэтин биэрэннэр, миэхэ кыракый хос анааннар, бу матырыйаалларбын мунньарбын саҕалаабытым. Билиҥҥитэ мусуой диэн ааттаабаппын, саҕалааһын, мунньуу курдук эрэ. Үлэлиэх диэтэххэ, былаан элбэх. Эн этэриҥ курдук, тыйаатыр сиэркилэтинэн буолуон сөп. Манна саха норуота бары таптыыр дьонун үйэтитэбит. Бары үтүөлээх, ааттаах-суоллаах дьон. Эстрада курдук норуокка саамай чугас жанрга үлэлээн-хамсаан ааспыт норуот ырыаһыттарын манна кэлэн ахтан-санаан ааһыан, кинилэр тустарынан үгүс матырыйаалы билиэн-көрүөн баҕалаах дьон элбэҕэ үөрдэр.
«Гостуруолтан ыарахан үлэ баар эбит»
— Кэргэним Сахаайалыын артыыстар буоламмыт, биир интэриэстээхпит, биир үлэлээхпит, биир тыйаатырдаахпыт, биир көрөөччүлээхпит. Биир хааһыга буһа сылдьар дьон буоллахпыт, онон үлэлииргэ, олорорго чэпчэки курдук.
СӨ норуодунай артыыһа Аркадий Михайлович Алексеев бөлөҕөр үлэлии сылдьыахпытыттан наһаа элбэхтик айааннаан, гостуруоллаан, киһи үчүгэйэ-куһаҕана үксүн айаҥҥа сылдьан биллэр эбит. Араас түгэннэргэ бэйэ-бэйэҕин үчүгэйдик билсэҕин. Оннук сылдьан ыал буолбут артыыстар элбэхтэр.
Сахаайа наһаа үлэһит, көхтөөх киһи, куруук элбэх саҥа санаалардаах, ону олоххо киллэрэргэ дьулуһар. Холобур, пандемия кэмигэр үлэтэ суох таах олоруохпут дуо диэн кондитерскай сыах арыйбыта. Дьэ, ол баар эбит -– судургута суох үлэ. Аналлаах тэрил, оһох, иһит-хомуос, холодильник арааһын атыылаһан, дьиэ арендалаан, 3 исписэлииһи үлэлэппиппит, тэрилтэ курдук буолан хаалбыппыт. Онон, наар үлэлии, сүүрэ-көтө сылдьыбыт буолан, пандемия кэлэн ааспытын да өйдөөбөппүн. Дьэ, гостуруолларга сылдьардааҕар өссө ыарахан үлэ эбит, биир бэйэм улаханнык салынным. Сахаайа дьаһайсан барытыгар тэҥҥэ сылдьыспыта. Урут туорду минньигэс бэйэлээхтик сии эрэ сылдьыбыт киһи ынырыктаах үлэлээх эбитин биллим. Кондитердары, ас астаан күүстээх үлэҕэ сылдьар дьону олус убаастаатым. Ол да буоллар, киһи сылдьарын тухары туохха барытыгар үөрэнэр эбит. Омук кириэмнэрин ааттарын барытын нойосуус биллим ээ. Хаһан эрэ, туох эрэ кэпсээн оҥорон сыанаҕа таһаарарым буолуо дьэ… Аны сакаастаабыт дьоҥҥо бэйэм тириэрдэбин. Онтон олох да кыбыстыбат этим, мин арыгы аҕалбат буоллаҕым, минньигэс аһылыгы аҕалабын. Дьон наһаа үөрэр, өссө хаартыскаҕа бииргэ түһэллэр. Онон сакааһы тиэрдиигэ сылдьаммын дьоҥҥо үөрүүнү, дьолу аҕалар курдук сананар этим.
Билигин тыйаатырга үлэбитигэр тахсан, тохтообуппут, биисинэспитин атын дьоҥҥо атыылаабыппыт.
Тохсунньуга айан -– дьиэ кэргэн үгэһэ
— Улахан уолбут Ганя быйыл 9-с кылааһы бүтэрэр, кыраттан саҕалаан, идэ ыла турар санаалаах. Онтон кырабыт, уһуйаан киһитэ «Сан Саныч» киһини чуумпурдубат, элэстэнэр эрчимнээх киһи, дьэ. Кини биһиги дьиэ кэргэммитигэр кэлиэҕиттэн ыла хайдах эрэ өссө тигинээчи үлэлиир буоллубут, сынньанар диэни билбэппит, дьиэбит иһигэр олох күөстүү оргуйар.
Сыл аайы атын сиргэ сынньана барыы -– дьиэ кэргэнинэн үгэспит. Уопсайынан, киһиэхэ муора уонна күн киһи доруобуйатыгар наһаа туһалаахтар. Муораҕа сынньаммыт киһи ыалдьыбат диэн ааттыыллар, туох бааргын барытын муора салгына сайҕыыр, аһа-үөлэ үчүгэйэ, оҕолор сөбүлүүллэр. Ол иһин, үгэс курдук, Саҥа дьыллаан баран тохсунньуга айаҥҥа турунабыт. Ханнык да дойду буоллун, килиимэтигэр үөрэнэ охсобут.
«Наҕараада үлэлиир киһиэхэ кэлэр»
— «Ханнык да наҕараада мээнэҕэ кэлбэт, үлэлиир киһиэхэ тиксэр» дии саныыбыт. Быйыл САССР уонна Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ 100 сылларыгар анаан, бэрэстэбиитэлистибэ гииминигэр куонкурус биллэриллибитэ. Онно СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, бэйиэт Сергей Прачев, поэтесса Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ тылларыгар, СӨ култууратын туйгуна, мелодист Николай Андросов мелодиятыгар айбыт гииминнэрэ элбэх үлэттэн бастакы миэстэ буолбута. Сахаайа Саха сириттэн төрүттээх, СӨ үтүөлээх артыыһа, Мариинскай академическай тыйаатыр солиһа Григорий Чернецовтыын, РФ национальнай гвардиятын ырыаҕа уонна үҥкүүгэ академическай ансаамбылын хуорун доҕуһуолунан толордулар, килиип уһуллулар. Сахаайа Москваҕа ГИТИС-кэ мастарыскыайга үөрэнэ сылдьан уонна хас бардаҕын аайы бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан кэллэ. Онон, киниэхэ бэрэстэбиитэлистибэ 100 сылыгар аналлаах мэтээли туттардылар. Чахчы, дьоһуннаахтык үлэлээн, ылыан ылла дии саныыбын.
Онтон сарсыныгар иккиэн эмиэ мэтээл иилинэр чиэскэ тигистибит ээ. Биһиги 2000 сылтан айар кэнсиэртэрбитин улахан аҥаарын наар аһымалга анаан кэллибит. Аһымал кэнсиэртэрбит чэрчилэринэн, истэр аппарааттары атыылаһан бэлэхтээн, искэн ыарыылаах оҕолор эмтэнэ баралларыгар үбүнэн-харчынан көмөлөһөн, тулаайах, элбэх оҕолоох кыаммат ыаллары өйөөн кэллибит. Ити барыта бэйэбит эрэ билэр, ааһан хаалар дьыалабыт дии саныыр этим. Ол гынан баран, дьон-сэргэ кэтээн көрөр, билэр эбит. СӨ киһи быраабыгар боломуочунай Сардаана Гурьеваттан Бочуотунай грамотанан наҕараадаланныбыт.
Аммаларбыт саха күөрэгэйэ Екатерина Захарова 100 сылынан эмиэ наһаа үчүгэй мэтээл биэрдилэр. Онон мэтээлбит элбээн иһэр курдук. Биирдэ эмэ мэтээлбин барытын иилинэн баран, хаартыскаҕа түһүөҕүм диэн дьээбэлэнэбин ээ.
Эһиил үбүлүөйдээх сылбар анаан бырагыраама былаанныыбын, тыйаатырбын кытары күүскэ үлэлиэхпит.
Оттон баҕа санаа диэ? Саха араадьыйатыгар уонна тэлэбидиэнньэтигэр анал биэрии оҥоруохпун баҕарабын. Кэнники сылларга биһиги улуу дьоммутугар наһаа үчүгэй кинигэлэр тахсаллара -– үйэлээх дьыала. Онон, кинигэ туһунан эмиэ санаан ылабын…
«Саха сирэ» курдук өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыатыгар тахсар дьол уонна чиэс дии саныыбын. Эһиэхэ уонна ааҕааччыларбар махтанабын. Гостуруолларга сырыттахпына, түспүт ыалларбар дьэ, хаһыаттары көрөрбүн, ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Онон элбэх хаһыаттаах ыалга түбэһии миэхэ улахан табыллыы буолааччы.
Киһи үчүгэйгэ эрэниэхтээх. Сарсыҥҥы күҥҥүт бүгүҥҥү күҥҥүтүнээҕэр өссө үчүгэй буоллун!
ххх
«Мин эрдэһиппин. Сарсыарда эрдэ туран, күөрэйэн тахсан эрэр күммүттэн күнүм табылларыгар куруук көрдөһө сылдьабын».
«Артыыс быһыытынан бэйэбиттэн толору астыммытым диэн хаһан да суох! Сыанаттан тахсан баран, ону ситэри гымматахпын, маны этэрбин умнубуппун диэн буолар. Ол да иһин буолуо, бэйэбин тэлэбиисэргэ, социальнай ситимнэргэ көрөрбүн олох сөбүлээбэппин. Уопсайынан, бу сыллар тухары бэйэбин кириитикэлиирим хаһан да тохтообот. Ол эмиэ да үчүгэй дии саныыбын. Биир нүөмэри 2 эбэтэр 5 сыл устата бэлэмниэхпин сөп. Артыыс киһи бэйэтиттэн астынара, салҕыы сайдыбата соччо бэрдэ суоҕа буолуо дии саныыбын».
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru