Александр Атласов: Олохтоох оҥорон таһаарыы санкция кэмигэр энчириэ суоҕа (ВИДЕО)

Ааптар: 
21.03.2022
Бөлөххө киир:

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов «Сэмсэ санаа» биэриигэ санкциялар кэмнэригэр олохтоох аһынан-үөлүнэн, бородууктанан хааччыллыыбытын этэҥҥэ буолуо диэн сыаналыыр:

— Тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаан этэр буоллахха, ааспыт сылга 26 млрд. 700 мөл солк.  бородууксуйа оҥоһуллубута. 2021 сыллааҕы үлэ түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэбит этинэн 26 %, үүтүнэн 56 %, сымыытынан 62 %, хортуоппуйунан 52 %, оҕуруот аһынан 36 %  хааччынан олоробут. Бу этиллибит сыыппаралары өрөспүүбүлүкэ иһигэр бэйэбит оҥоробут. Уоннааҕыта тастан киирэр. Быйыл ити кирбииттэн түспэккэ, өссө элбэтэр курдук дьаһанан үлэлиэхтээхпит. Билигин сааскы ыһыыга күүстээх бэлэмнэнии бара турар. Сиэмэни  бэйэбит  хаһаайыстыбаларбыт 70 %-нын хааччыйаллар. Оттон кормовуой өттүн тастан киллэрэбит. Бу күннэргэ дуогабар барыта түһэрсилиннэ. Уматык өттүн этэр буоллахха, “Туймаада-нефть” уонна “Сахатранснефтегазсбыт” хампаанньалар толору хааччынан олороллор, улуустарга сөптөөх кээмэй баар.

Интервьюттан быһа тардыыны көр.

Сиһилии чэппиэрдээҕи хаһыакка уонна Ютуб-ханаалга тахсыаҕа.

Александр Тарасов, «Саха сирэ».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0