Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов атырдьах ыйын 13 күнүгэр Муома улууһун баһылыгын Иван Павловы кытта көрүстэ.
edersaas.ru.
Кэпсэтии сүнньүнэн, оттооһун хампаанньатын тула барда.
– Төһө да ойуур баһаардара мэһэйдээтэллэр, дьоммут оттуу-мастыы сылдьаллар. Билигин оппут былаана 64 % туолан иһэр. Улууска былааммыт – 1290 туонна, ону 84 % толорор кыахтаахпыт, хаалбытын мобильнай биригээдэлэр эрэ көмөлөрүнэн хааччынарга соруктанабыт, — диэн бэлиэтээтэ Иван Петрович.
Александр Павлович Муома улууһа мобильнай биригээдэҕэ сайаапка биэрбитин уонна биригээдэлэри тэрийиигэ көмө харчы көрүллэрин эттэ. Күн бүгүн Муома улууһугар тыа баһаардара умуруорулуннулар. Буор Сыһыыга чааһынай дьон ходуһата, Хонууга Аркадий Корякин бааһынай хаһаайыстыбатын ото, күрүөтэ уокка былдьаммыт. Билигин уопсай хоромньуну ааҕа-суоттуу сылдьаллар.
Муома улууһугар барыта 13 000 таба (быйыл төрүөҕү ылыы 45 %), 340 ынах сүөһү (160 ыанар ынах, төрүөҕү ылыы 100%), 2000 сылгы (төрүөҕү ылыы 66%) баар. Иван Павлов биир улахан былаана «Комплексное развитие сельских территорий» бырагыраамаҕа кыттыы буолар. Улуус социальнай эбийиэктэрэ (оскуолалар, оҕо саадтара) сэбиэскэй кэм саҕанааҕы буолан, эргэрэн бүппүттэрэ баар суол. Ол эрээри, улуус үбэ кырыымчык буолан, саҥа тутуулар бырайыактарын оҥорторорго үгүс ыарахаттары көрсөр. Кэлэр сылтан киирээри турар уларыйыыларга Муома улууһун баһылыга эмиэ тохтоон ааста. Ол курдук ыанар ынахха көрүллэр харчы үрдээбэтэҕэ ыраатта, маныаха кэлэр сылтан эбиллэрэ буоллар хоту сир дьонугар көмө буолуо этэ диэн санаатын эттэ. Билигин хотугу улуустар ыанар ынахха 30 000 солк. субсидияны ылаллар, оҥоһулла сылдьар саҥа механизмҥа ити 45 000 солк. буолара барылланар диэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru