Александр Амбросьев Альфред Нобель аатынан дипломунан наҕараадаланна
Айар куттаах Александр Амбросьев-Сайылык Уола Аан дойдутааҕы Наука уонна ускуустуба академиятын (МАНИ) саҥа бырыайыагар кыттан, Альфред Нобель аатынан үрдүк дипломунан наҕараадаланна. Ааптар «Аарыма» диэн киэҥ ааҕааччыга биллибит сэһэнин тылбааһынан кыттан, биллэр кириитиктэр үрдүк сыанабылларын ылла, аан дойду кэскиллээх бириэмэйэтинэн бэлиэтэннэ.
edersaas.ru
Ону таһынан Александр Амбросьев 5 хоһооно тылбаастанан, Украина литературнай сурунаалыгар таҕыста, ааҕааччыга биллибит «Аарыма» кэпсээнэ «Полярная звезда» сурунаал 2022 сыл бастакы нүөмэригэр бэчээттэннэ.
Александр Ксаверьевич Сунтаар улууһун Бүлүүчээн (Хордоҕой) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Билигин Кириэстээх сэлиэнньэтигэр олорор. Аҕыс оҕо амарах аҕата, биэс сиэн иһирэх эһээтэ.
Кини Бүлүүчээн орто оскуолатын бүтэрэн баран, Кириэстээх сопхуос рабкобар хачыгаардаабыта. Онтон эргиэн араас тэрилтэтигэр исписэлииһинэн, салайааччынан үлэлээбитэ. «Кооперативнай эргиэҥҥэ өр сыллаах уонна үтүө суобастаах үлэтин иһин» бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
2014 сылтан «Айар куттаах сүрэхтэр» диэн батсаап-бөлөххо хоһооннорун ыытан барбыта. Кини хоһоонноро «Алтан Сэргэ», «Киин куорат», «Туймаада», «Кыым» хаһыаттарга, «Чолбон», «Күрүлгэн», «Тиэргэн», «Айар кут» сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. «Сыл суруйааччыта-2021», «Сыл бэйиэтэ-2021» номинана буолбута, Достоевскай мэтээлинэн наҕараадаланна.
2017 сыллаахха Сунтаар улууһун Гранын сүүйэн, «Иэйэр кутум илдьиттэрэ» диэн хоһооннорун уонна кэпсээннэрин хомуурунньугун таһаартарбыта. Салҕыы ааҕааччыларыгар «Дайар кутум далбараҥа», «Кэпсээн кэлимэр эргийэ» хомуурунньуктарын, «Аарыма» сэһэнин бэлэх ууммута. Бу сэһэнин тылбаасчыт, сценарист, суруналыыс, суруйааччы Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду тылбаастаабыта. Сайылык Уолун хомоҕой хоһоонноро ыллам ырыа буолан көтөллөр.
Дэгиттэр талааннаах Александр Ксаверьевиһы үрдүк наҕараадаларынан эҕэрдэлиибит!
ххх
Ханна, хаһан?
Тырым сулус мичээрдээх
Түүҥҥү халлаан харахтар,
Тоҕо куппар хатанан
Түүлбүн ыһар буоллугут…
Имэҥ суоһа кутаалаах
Илбиир суһум харахтар,
Ирим-дьирим санаабын
Илим курдук ииллигит…
Куйаар күөнэ далайдаах
Кэрэ угут харахтар,
Кууһа көрөн сүрэхпин
Куурда ыгар буоллугут…
Хаһан сүттүм этэй мин
Хайгыы иэйэр хараххар,
Ханна таптал уотунан
Хаарылламмын хаалламый…
(Сайылык Уола)
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru