Алдьатар дуу, абырыыр дуу?

01.12.2016
Бөлөххө киир:

Дойду сонунун истэр үчүгээй… Бу күннэргэ тастыҥ балтыбыт оҕотун көрдөрө диэн кэлэн, хоно-өрүү сылдьар. Кэһиитин муҥха соботун аҕалбыт. Биир киэһэ онтубутун ыргыччы буһаран, күөстэнэн аһаатыбыт. Барахсан, дойду аһа амтанныын ураты буоллаҕа! Бэл, этим-сииним сааһынан дьырылаан киирдэҕэ үһү! Сыалаах, эмис собону сиэн, моҥкурдаан, ороммутун эрдэ буллубут.
Көр, ол гынан баран, балтым дьиибэ майгылаах буолан биэрдэ. Киһилии аһы аһаабат идэлээх эбит. Соботуттан, дьөрү, искэҕин да амсайбата. Бэйэтэ туох эрэ бороһуогу таһааран, онтун ууга буккуйан сиир. Омуктуу суруга туох да бачырҕас, миигинньик баҕас өйдөөбөт үлүгэрэ. Ону муодарҕаан ыйыталастым ээ.
Онтум баара, ыраары сордоноохтуур эбит. Көрдөххө, оннук айылаах сыа-арыы аллыбыт, онон-манан халыйбыт көрүҥэ суох ээ. Баайтаһын дьахтар буолан баран, кыратык сыаланымына. Хайа, хатыччы хатан хааллаҕына, аны хайа эр киһи көрөр үһү?. Һитинник эргэ тахсымаары дьүһүлэнэр быһыылаах диибин ээ. Аныгы уолаттар уҥуох-тирии дьахтарга ымсыырар буолбуттара дуу?
Былыр баҕас, ас-үөл аҕыйаҕар, эттээх-сииннээх дьахтар тутарга-хабарга үчүгэй буолараа… Чэ бэйи, эмиэ атыҥҥа халыйаары гынным…
Дьэ, ол барахсаммыт аны бэйэбитин мөҕөн-этэн турбата дуо?!. Сыалаах эти, арыылаах килиэби сиэ суохтаах үһүбүт. “Тымыргытын бүөлүүр, сүрэххитигэр куһаҕан” диир. Чэ, мин баҕас, хата, сыалаах эппин уоппутунан анараа дойдуга аттанар оҕонньор инибин. Һэ-һэ… Ол хэлэстэриин-илэстэриин эрэ, туох эрэ, урут онто да суох олорбуппут.
Саха буолан баран, хайдах сахалыы аһа суох олоруохпутуй? Биһиги аспыт буоллаҕа – араас эбилигэ-тойо суох, саамай иҥэмтиэлээх, туһалаах, ыраас ас. Айылҕа бэйэтэ анаабыт аһа. Онтон аккаастанан, омуктар тугу-тугу булкуйан оҥорбуттара биллибэт бороһуоктарынан аһаан, доруобуйабытын тупсарарбыт, чэлгийэ көҕөрөрбүт биллибэт. Ити диэн бүтүннүү хиимийэ ас буоллаҕа. Баҕар, Арассыыйа дьонун доруобуйатын алларытарга эмиэрикэлэр кистэлэҥ ньымалара буолуо. Ону биһиги дьоммут, ордук ыччаппыт, итэҕэйэ, ылына охсоллоро бэрт…
Куһаҕана диэн, оҕотун кытта бу бороһуокка үөрэппит эбит. Бу саҥа улаатан эрэ оҕо этигэр-сиинигэр охсуулаах буолсу диэн, эмээхсин биһикки араастаан этэ-тыына, ньаҥсыйа сатаатыбыт да… “Олохтон хаалбыт” оҕонньордоох эмээхсин тылларын истэр эрэ суох…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0