Аҕыйах хонуктааҕыта Казань куоракка улахан алдьархай тахсыбытын бары иһиттэххит. 19 саастаах Ильназ Галявиев үөрэммит кыһатыгар киирэн олоҕу саҥа билэн эрэр хас да оҕону, учууталлары суорума суоллаабыта. Тоҕо? Маннык түгэн, аны, хаһан даҕаны хатыланыа суоҕа диэн ким эмэ мэктиэлиир кыахтаах дуо?
Көннөрү оскуола буолбатах
Куйаар киэҥ ситимигэр сурулларынан, Галявиев көннөрү оскуолаҕа буолбакка, гимназияҕа үөрэммит. Итиэннэ үөрэммит кыһатыгар тиийэн алдьархайы таһаарбыт. Оттон биһиги өйдүүрбүтүнэн, гимназияҕа үөрэхтэригэр балачча билиилээх оҕолор үөрэнэллэр. Тустаах 175-с нүөмэрдээх гимназияҕа барыта 1 049 оҕо үөрэнэр эбит. Онон син харах далыгар сылдьыах эбит да, кини муҥха хараҕар туттарбатах. Галявиев саҥата-иҥэтэ суох, холку диэн бэлиэтээбиттэр. 2018 сыллаахха гимназияны бүтэрэн баран кэллиэскэ үөрэнэ киирбит. Ол эрээри, үөрэҕиттэн муус устар ыйга уһуллубут.
Аан дойдуга ахсаана биллибэт
Казаньҥа буолбут алдьархайдаах түгэн курдук киһи өйүгэр баппат быһыылар кэмиттэн-кэмигэр тахсыталыыллар. Ол курдук, 2018 сылтан бэттэх аҥаардас Арассыыйаҕа үөрэх тэрилтэтигэр бу төрдүс (үс оскуолаҕа, биир кэллиэскэ) быһылаан диэн суруйаллар.
Буруй эрэ моттойоҕо…
Буруй эрэ моттойоҕо диэбиккэ дылы, маҥнай быһылаан тахсаатын кытта, дьон абарбыт, кыһыйбыт, хомойбут уохтарыгар буруйданааччыга сааланарыгар көҥүлү биэрбит психиатры, үөрэммит гимназиятын психологтарын, төрөппүттэрин буруйдуур санаалар элбэхтэр этэ. Билигин балачча кэм ааспытын кэннэ, кэннибит диэки хайыһан көрдөххө, арыый атын хартыына уруһуйданарга дылы.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үөрэх бары кыһаларыгар куттал суох буолуутун хааччыйыыны күүһүрдэргэ сорудахтаабыта.
Психолог: “Туох барыта төрүөттээх”
А.И.Герцен аатынан судаарыстыбаннай педагогическай университеты бүтэрбит анал идэлээх психолог, психологическай киин салайааччыта Надежда Васильеваны кытта көрсөн кэпсэттибит.
Төрөппүттэн тутулуктаах
— Надежда Юрьевна, буруйданааччы ыйытыыларга хоруйдуур видеота тарҕаммыта. Психолог быһыытынан көрүүгэр чахчы ыалдьар дуу эбэтэр ыалдьыбыта буолан кубулунар дуу?
— Ити уһулбут видеоларыттан көрдөххө, кини чахчы ыалдьар киһи. Бастатан туран, баар олоҕу (реальность) атыннык ылынар, бэйэтин таҥарабын диэн сананар. Иккиһинэн, киниэхэ улахан кырык, өстүйүү (агрессия) бэлиэтэ баар. “Дьону барытын абааһы көрөбүн. Ол иһин оскуолаҕа баран ити курдук гыммытым” диэн хаһыытыыр. Эмиэ даҕаны төрөппүттэрэ суохтарын, эмиэ даҕаны миигин төрөппүт дьахтар баар диир. Төрөппүттэриттэн туспа олорор эбит диэн суруйбуттарын ааҕан аһарбытым. Дьиэ түүлэһэн дуу, атыылаһан дуу устудьуон киһини туспа олохтообуттар. Уопсайынан, кыахтаах ыал, үөрэҕин эҥин төлүүллэр диэн суруллубут этэ. Ол гынан баран, оҕолорун кытта үчүгэй истиҥ сыһыан, кэпсэтии суох быһыылаах. Доппуруос кэмигэр, мин таҥарабын диэн ийэбэр эппитим диэн этэр. Ол аата сибээстэһэллэр, оҕолорун туругун билэллэр эрээри, уопсай тылы булан кэпсэппэтэхтэр, өйдөппөтөхтөр.
Ханнык баҕарар оҕо кыһалҕата (проблема) төрөппүттэртэн, дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах. Ол иһин биһиги кииммитигэр кыра оҕолору кытта туспа үлэлэспэппит, ордук төрөппүттэри кытта дьарыктанабыт. Төрөппүт бэйэтэ тирэхтээх, бэйэтигэр эрэллээх, холку, уйулҕа өттүнэн доруобай буоллаҕына, оҕотугар ону барытын иҥэриэн сөп. Онтон төрөппүт бэйэтэ муна-тэнэ, кыыһыра, туга эрэ тиийбэт эбэтэр өрүү сиэртибэлэнээччи оруолугар сылдьар түгэнигэр оҕотугар толору туруктаах олоҕу хааччыйар кыаҕа суох.
Биһиги оскуолаҕа төрөппүт мунньаҕар өрүү сылдьабыт. Учууталлар, бэрээдэгэ мөлтөх, учуокка турар оҕолор төрөппүттэрэ анал идэлээх психологтарга хаһан даҕаны сылдьыбаттар диэн этэллэр. Тоҕо? Эбэтэр психолог көмөтө ирдэммэт дииллэр эбэтэр иһэр-аһыыр, үлэлиир-үлэлээбэт икки ардынан сылдьар дьон. Дьиҥэр, кинилэр бэйэлэрэ олус улахан кыһалҕаҕа баттата сылдьар буолаллар. Төрөппүт оҕотугар сыһыанын уларыттаҕына, оҕо тута көнөр суолу тутуһар.
Буллинг
— Ити биир төрүөтү эттим. Ону таһынан, оннооҕор манна үтүө туруктаах оскуолаларга буллинг баар. Буллинг – эккирэтии, сонордоһуу. Хас биирдии оскуолаҕа оҕолор ортолоругар кыраны-хараны, мөлтөҕү, саҥата-иҥэтэ суоҕу атаҕастааһын, үөхсээһин түгэннэрэ урут да баара, билигин да баар. Урукку сылларга учууталлар өссө иитэр эбээһинэстээхтэрэ, хото үлэлэһэллэрэ, доҕордуу, ытыктабыллаах сыһыаҥҥа үөрэтэллэрэ. Билигин ол суох, төрөппүт бэйэтэ иитиэхтээх дииллэр. Төрөппүт иитиигэ бириэмэтэ суох эбэтэр сүрүн эбээһинэспит аһатыы, таҥыннарыы эрэ диэн толкуйдуохтарын сөп. “Мин оҕом планшеттаах, аныгы төлөпүөннээх, үчүгэй кроссовкалаах, ол аата барыта үчүгэй” дии санааччылар эмиэ бааллар. Оттон оҕоҕо туох нааданый? Кини тапталы, ийэтин сылаас, истиҥ сыһыанын эрэйэр.
— Оччотугар буруйданааччы уол буллинг диэҥҥэ түбэспит буолуон сөп дуо?
— Кини кэтээн көрүүттэн тахсыбыт оҕо. Учууталларга эмиэ өстүйэр курдук тыллаһар. Ити төрүөтэ суох буолбат. Оскуолаҕа үлэлээбит биһиги кииммит психолога учууталлары кытта эмиэ күүскэ үлэлэһэбит диэбитэ. Тоҕо диэтэххэ, күннэтэ, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри 35-40 үөрэнээччилээх кылааһы үөрэтэр сыанан аҕаабат дьыала. Онуоха эбии араас отчуоту ирдииллэр, докумуон үлэтин толоттороллор. Учууталлар — үлэлэригэр олорор дьон. Кинилэргэ эмиэ көмө наада. Бэйэлэрэ сылайа, кыыһыра сылдьар дьон, сороҕор ис туруктарын кыайан туттуммат буолуохтарын сөп. Истибэт оҕону хаһыыттан ураты хайдах үөрэтэри билбэттэр. Оттон сорох оҕо хаһыыттан истириэстиэн, бэйэтигэр бүгүөн, түүнүн тэллэҕэр кытта ииктиэн сөп, хаһыы араас невротическай кэһиллиигэ кытта тиэрдиэн сөп. Ити буруйданар эдэр киһиэхэ оскуола өттүттэн эмиэ туох эрэ ыгыы-түүрүү баара сабаҕаланар.
Аны төрөппүттэрин кытта сыһыана эмиэ соччото суох эбит. Үчүгэй сыһыаннааҕа буоллар тоҕо кини “төрөппүттэрим суох” диэ этэй. Маны барытын мунньан-мунньан, иһигэр тута сылдьан баран таһыгар таһаарбыт буолуон сөп.
“Мин олох олоруохпун баҕарбаппын”
— Биһиэхэ олох олоруон баҕарбат алын кылаас үөрэнээччилэрин аҕалаллар. “Олох ыарахан”, “үлэ куһаҕан”, “дьон куһаҕан” диэн өйдөбүллээхтэр. Кинилэргэ оннук санаа хантан киирэрий? Төрөппүттэртэн. Өскөтүн, ийэм үлэтигэр хаатыргаҕа курдук барар, өрүү сылайа, кыраттан кыйытта, кыыһыра сылдьар, онтун миигинэн таһаарар, туох даҕаны интэриэһэ суох, олох туох да үчүгэйэ суох, ыарахан буоллаҕына мин улаатарым, олох олорорум туохха нааданый, мин кини курдук буолуохпун баҕарбаппын диэн түмүк оҥостор. Оҕо баҕарбатаҕын да иһин төрөппүттэриттэн оннук тосхол (установка) иҥэн хаалар. Арай, көрдөҕүнэ атын төрөппүттэр өрүү үөрэ-көтө сылдьаллар, оҕолорун илдьэ айылҕаҕа тахсаллар, тас дойдуларынан күүлэйдииллэр. Оҕо бэйэтэ тугу да айбат. Туохха барытыгар төрөппүттэриттэн үөрэнэр, кинилэри үтүктэр.
Оҕону кытта эрдэттэн үлэлэһэр эрэйиллэр
— Оҕону эрдэттэн учуокка ылыы, ол түмүгүнэн бааза оҥоруу эҥин диэн баар дуу?
— Бастакытынан, сэрэтии үлэтэ (профилактика) Арассыыйаҕа быстар мөлтөх. Миэхэ элбэх киһи кэлэн “Оҕо психиатрдара ханна баалларый? Көрдүүбүт да булбаппыт” дэһэллэр. Сорох поликлиникаҕа, мин билэрбинэн, 1-кы нүөмэрдээх поликлиникаҕа баар эрээри, дьон булан тиийбэт эбит. Атыттар психиатрга куттанан барбаттар “Оҕобун тута учуокка ылыахтара, балыыһаҕа угуохтара. Ол кэриэтэ бэйэбит норуот эмчитигэр эҥин эмтэтиэхпит” дии саныыллар. Ол сыыһа толкуй. Оҕо психикатыгар кэһиллиилээҕэ, уларыйыылааҕа төһөнөн эрдэ булуллар да, соччонон эмтэниигэ, көннөрүүгэ дэбигис бэринимтиэ, кыайтарымтыа буолар.
Иккиһинэн, оскуолаларга психологтар тиийбэттэр. Биир психолог 500 оҕону көрүөхтээх. Буруйу оҥорбут эдэр киһи оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саҥата-иҥэтэ суох эбит. Холобур, охсуһуук, этиһиик, киирбит-тахсыбыт оҕо эбитэ буоллар, учуокка туруоран, үлэ ыытыллыах этэ. Өскөтүн оҕо саҥата-иҥэтэ суох түгэнигэр, ким кинини кытта анаан-минээн тиийэн үлэлэһэ сатыай. Психолог 500 оҕолоох, барыларын эккирэтэ сылдьан көрөрүгэр бириэмэтэ да тиийбэт. Үҥсэргиир эрэ үөрэнээччилэрин кытта үлэлэһэр. Оскуола психологтара олус элбэх үлэлээхтэрин таһынан, отчуоттан ордубаттар. Билигин ити түгэн кэнниттэн отчуоту өссө элбэтиэхтэрэ диэн сабаҕалыыллар. Онон оскуола психологтара хас биирдии оҕону кытта чопчу кэпсэтэн үлэни ыыталларын туһугар, кинилэр ахсааннарын эбэр наада.
Дьиҥэр, оҕо ис туругун сатаан кистээбэт, туох кыһалҕалаах сылдьарын барытын аһаҕастык кэпсээн биэриэн сөп. Билигин бириэмэ тиийбэтинэн сүнньүнэн диагностика (тест) эрэ оҥортороллор. Оҕону бэйэтин буолбакка, тугу хоруйдаабытын көрөллөр. Биир оҕону кытта кэпсэтэргэ кырата биир чаас эрэйиллэр, 500 оҕоҕо – 500 чаас. Аны хамнастара олус намыһах. Саастаах, уопуттаах психологтар оскуолалартан икки атахтарынан куоталлар, үксүн эдэрдэр үлэлии бараллар. Бу эмиэ кыһалҕа биир өрүтэ.
Туох эмэ түгэн таҕыстаҕына учуокка ылаллар, психолог үлэлэһэр, төрөппүттэрин ыҥыраллар. Оскуола психолога бу дьиэ кэргэни арыаллыыр бириэмэтэ суох. Кинилэри булгуччу көрөр-истэр, үөрэтэр, туох төрүөт буолбутун быһаарсар, оҕоҕо, төрөппүккэ өйдөтөр, бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннарын көннөрөр (сопровождать) ирдэнэр. Манна нэдиэлэ, ый, сыл аҥаара, баҕар, сыл даҕаны барыан сөп. Оччоҕо эрэ түмүк көстөр кыахтаах.
“Мин псих буолбатахпын, психологка барбаппын”
— Оҕону оскуолаҕа кэтээн көрүөхтэрэ, үлэлэһиэхтэрэ, оҕо оскуолатын бүтэриэ. Учуокка турбутун туһунан салгыы ханна даҕаны иһиллибэт, үөрэнэр сиригэр биллэрбэттэр.
— Оннук, суох. Үрдүк үөрэх кыһаларыгар, холобур, ХИФУ-га психологтар бааллар эрээри, устудьуоннар сылдьа сатаабаттар, тоҕо эрэ куттаналлар. Уопсайынан, биһиэхэ психологическай өттүнэн сырдатыыбыт өссө да татым. Туох эмэ куһаҕан таҕыстаҕына дьон маҥнай ханна сүүрэллэрий? Астрологка, доҕотторугар, төрөппүттэригэр, арыгылыы, күүлэйдии… Психологка баран сүбэлэтэр, көмө ылар туһунан муҥур уһуктарыгар тиийэн эрэ баран толкуйдууллар. Ааҕар, билэр-көрөр өттө эрэ психолог көмөлөһөр кыахтаах диэн өйдүүллэр. Дьон кэлин саҥа үөрэнэн эрэр. Урут психолог, психиатр да диэни араарбаттар этэ. “Мин псих буолбатахпын, психологка барбаппын” дииллэрэ. Билигин даҕаны дөрүн-дөрүн ити курдук тыллар иһиллэн ааһаллар.
Ол иһин төһө кыалларынан дьоҥҥо тиэрдэ сатыыбыт. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кытта “Школа осознанного родительства” диэн бырайыактаахпыт. Төрөппүттэргэ ыйга иккитэ (чэппиэргэ) босхо лиэксийэ ааҕабыт. Билигин пандемиянан сибээстээн онлайн ыытабыт. Маннык оскуолалар судаарыстыба таһымыгар элбииллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Ким буруйдааҕый?
— Психолог хараҕынан ити эдэр киһи өйгө баппат быһыыны оҥорбутугар ким буруйдааҕый?
— Бу түгэҥҥэ, кэлимсэтик (комплексно) көрөр ирдэнэр. Дойдуга балаһыанньа бигэтэ (стабильнайа) суох курдук. Навальнайы туһанан оҕолору онно-манна аҕытаассыйалыыллар, Арассыыйаны үөҕэн тахсаллар, мөлтөхтүк олоробут диэн кэпсииллэр. Билигин эдэр оҕолор үгүстэрэ тас дойдуга олохсуйа барар мөккүөрдээхтэр. Миэхэ кэлэр оҕолор “Манна олоруохпун баҕарбаппын” дииллэр. Уопсайынан, төрөөбүт дойдуну, сири таптыыр гына иитии сотуллубута быданнаата. Казаньҥа буолбут алдьархайга буруйданааччы “дьон биомусор буолан мин кинилэри суох гынар соруктаахпын” диир. Дьон планетаны алдьатар диэн кини хантан истибитий? Ити курдук эмиэ араас куһаҕан (негативнай) иһитиннэриилэр бааллар. Дьон тулалыыр эйгэҕэ куһаҕаны эрэ оҥорор диэн санаа өйүгэр дириҥник олохсуйбут.
Арҕаа дойдуларга ыарыһах балыыһаттан таҕыстаҕына, дьиэтигэр хайдах олороругар, сыһыаннарыгар тиийэ көрөллөр. Биһиэхэ оннук суох. Тоҕо диэтэххэ, салгыы дьиэтигэр тахсыбытын кэннэ кэтээн көрүү-истии, арыаллааһын судаарыстыбаннай бырагыраамата суох, онно үп-харчы көрүллүбэт.
— Казаньҥа буолбут быһыы хатыламматын туһугар туох дьаһалы ылар ирдэнэрий?
— Эппитим курдук, оҕону уһуйаантан саҕалаан арыаллыыр ирдэнэр. Уһуйааҥҥа эмиэ элбэх оҕо сылдьар. Ол иһин биир психолог буолбакка, бүтүн хамаанда үлэлиирэ ирдэнэр. Тоҕо диэтэххэ, туох кыһалҕа баара оҕо уһуйааҥҥа сылдьар сааһыгар номнуо биллэр. Бу оҕону арыаллаан, салгыы оскуола психологтарыгар туттарыллыахтаах. Оскуола психологтара хас биирдии оҕону, төрөппүтү кытта тутан олорон үлэлииллэрин туһугар кинилэри элбэтэр, кумааҕы үлэтиттэн босхолуур ордук. Кинилэр диагностааһынынан (тест) буолбакка, чопчу илэ кэпсэтэн дьарыктаныахтаахтар. Бу психолог ахсаана эбилиннэҕинэ эрэ кыаллар кыахтаах.
БЭРЭБИЭРКЭ ТИҺИГИН БЫСПАККА ЫЫТЫЛЛАР
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ:
— СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Михаил Сивцев салайааччылаах хамыыһыйа Дьокуускай куорат оскуолаларыгар сылдьан куттал суох буолуутугар антитеррористическай бэрэбиэркэни ыытта.
Хамыыһыйа 26-с, 16-с, 23-с нүөмэрдээх оскуолаларга сылдьан докумуоннарын билистэ, видеонан кэтээн көрүү систиэмэлэрин, тулалыыр күрүөлэрин туруктарын сыаналаата, ону тэҥэ, оскуолалар салалталарын уонна харабылларын кытта кэпсэттэ.
РФ национальнай гвардия федеральнай сулууспатын управлениетын Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыга Н.Н. Ларионов түрүбүөгэ сигнализациятын кунуопкатын (КТС) үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. КТС баттанаатын кытта дьуһуурунай нэрээт тардыллыбакка, биэс мүнүүтэнэн кэллэ. Бу үрдүк бэлэмнээхтэрин уонна ыксаллаах түгэҥҥэ тутатына дьайалларын (реагирование) туох даҕаны саарбахтааһына суох туоһулуур.
Эбийиэктэр куттала суох буолууларын пааспардара хайдах ирдэнэринэн бигэргэтиллибиттэр, эппиэтинэстээх дьон сыһыарыллыбыттар, туох эмит биридимиэт, эстэр тэрилгэ маарынныыр биридимиэт көһүннэҕинэ хайдах дьаһанар, маассабай тэрээһиннэри ыытыыга куттал суох буолуутун хааччыйыы былаана, антитеррорга ыйыы-кэрдии барыта бигэргэммит, дуогабардар оҥоһуллубуттар. Ону тэҥэ, 26-с уонна 16-с оскуолаларга суһал ыҥырыы кунуопкатын көһөрөргө эттилэр. Ону кытта хамыыһыйа 16-с уонна 23-с оскуолаларга радиобрелок алдьаммытын бэлиэтээтэ, 16-с оскуолаҕа массыыналар киирэллэрин-тахсалларын бэлиэтиир сурунаал толоруллубатах. 26-с оскуола эбийиэгин харабыллааһыны тэрийии чааһын сэмэлээтилэр, харабыл, чааһынай харабыл буоларын туоһулуур дастабырыанньата суох уонна стажер (“Патриот” ЧОП).
Оскуола салайааччыларыгар бэлиэтээһиннэри туоратар миэрэлэри ылалларыгар уонна отчуоту Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетыгар ыытарга сорудахтаатылар.
Хамыыһыйа кыра итэҕэстэри аахсыбатахха, куттал суох буолуутун уопсай таһыма ирдэнэр көрдөрүүгэ сөп түбэһэрин эттэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, министиэристибэ терроризмы утары дьайыыга үлэни тиһигин быспакка ыытар. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин управлениеларын начаалынньыктарыгар уонна биэдэмистибэннэй тэрилтэлэр салайааччыларыгар, террористическай суоһурҕаныы киирэр түгэнигэр хайдах хамсанар дьаһал ыйыыларын ыыппыттара.
Бу иннинэ, муус устар 16-19 күннэригэр 591 үөрэх тэрилтэтин эбийиэгэр түрүбүөгэ сигнализациятын бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Итинтэн 257 — уһуйааҥҥа, 183 — оскуолаҕа, 52 – орто анал үөрэх тэрилтэтигэр, 99 – үөрэх атын тэрилтэлэригэр.
БОЛҔОМТОНУ – ОҔОНУ ИИТЭР БЭЛИИТИКЭҔЭ УОННА ЦЕНЗУРАҔА
Мария ДЕГТЯРЕВА, төрөппүт, уопсастыбанньык, “Саха сайдам оҕото” айар холбоһук салайааччыта, тылбаасчыт:
— Тустаах быһылаанынан хас даҕаны түгэни бэлиэтээн ааһыахпын сөп. Бастакытынан, Казаньҥа 19 саастаах эдэркээн уол үөрэммит оскуолатыгар кэлэн туох да буруйа суох оҕолору, учууталлары үлтү кырган барда. Бу биир сатамматах оҕо, киһи, ыал буруйа да, алдьархайа даҕаны буолбатах. Бу — бүтүн судаарыстыба буруйа, иэдээнэ, алдьархайа. Бу тугу көрдөрөрүй? Бу – Арассыыйаҕа үүнэр кэнчээри ыччаты иитиигэ уһун кэмҥэ болҕомто ууруллубатаҕын, сыыһа үлэ барбытын туоһута. Үүнэр ыччаты иитиэхтээхпит диэн кумааҕыга эрэ сурулла сылдьар курдук. Тус бэйэм да кэтээн көрөрбүнэн, Саха сиригэр даҕаны үөрэх оҕону үөрэтиинэн, култуура уонна духуобунай сайдыы тэрээһиннэрин ыытыынан, мэдиссиинэ (сэрэтэр, уйулҕа өттүнэн бөҕө тирэхтээх буолууга үлэтэ суох) ыалдьыбыт дьону эмтээһининэн эрэ дьарыктаналлар. Былаас уорганнарын ситимнээх үлэтэ суох, бары тус-туһунан үлэлииллэр. Уопсайынан, тустаах национальнай бэлиитикэ суох. Арассыыйа гражданинын иитэн таһаарар бэлиитикэ баар курдук эрээри, сиэр-майгы өттүнэн иитии татым.
Иккиһинэн, куйаар ситиминэн көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэлэргэ дьиҥнээх цензура суох. Ким баҕарар интэриниэккэ киирэн эстэр, дэлби тэптэрэр тэрили оҥороругар ыйыы-кэрдии аһаҕас. Аны ону тарҕатар курдук ис хоһоонноох киинэлэри, биэриилэри Арассыыйа үлүгэрдээх элбэх федеральнай, чааһынай ханаалларынан аһаҕастык көрдөрөллөр. Иитиитэ, көрүүтэ-истиитэ суох оҕолор онон саатанан улааталлар. Ол күннээҕи көстүүгэ кубулуйбут.
Үсүһүнэн, үтүө санаалаах, толкуйдуур, аһыныгас киһини иитэн таһаарыы суолтата уларыйда, сүттэ. Көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэлэргэ, Ютубка, Тик-Токка сөптөөх иитиини утарар үлэ бара турар. Манна Кытайга курдук күүстээх цензура баар буолуохтаах, идеологията суох киинэлэри оҕоҕо көрдөрүө суохтаахтар. Бу эйгэҕэ хааччахтааһын киирэ илигинэ оҕолорбутун иитэрбитигэр уустук буолсу.
Төрдүһүнэн, билигин “ситиһиилээх киһи” диэн өйдөбүл киэҥник тарҕанна. Ситиһиилээх киһи буолаары дьону төһө баҕарар “тэпсэн”, сэнээн, атаҕастаан “үөһэ тахсыы” өйдөбүлэ баар буолла. Дойдуга, дьоҥҥо туһалаах, үтүө санаалаах, үлэһит, талааннаах киһи диэн өйдөбүл өрө тутуллуохтаах этэ. “Ситиһии” диэни ситэ илик оҕолор мин күүстээх, дьоҥҥо кутталлаах, былаастаах, элбэх харчылаах киһи буоллахпына миигин ытыктыахтара, өрө тутуохтара, биллэр киһи буолуом, аатым устуоруйаҕа хаалыа диэн толкуйдууллар. Онон иитии үлэтигэр күүстээх болҕомто ууруллуохтаах.
ТҮМҮК
Бүгүҥҥү күҥҥэ маннык түгэн аны хаһан даҕаны хатыланыа суоҕа диэн ким даҕаны мэктиэлиир кыаҕа суох. Эйэлээх кэмҥэ олорор курдукпут эрээри, күрүлүүр күнүс, буолаары буолан оскуолаҕа, туох даҕаны буруйа суох оҕолору “биоматырыйаалга” холоон ытыалаан тахсаллара киһи өйүгэр баппат быһыы. Манна ким буруйдааҕый? Ама, биир эрэ киһи дуо эбэтэр Арассыыйа олохтоохторо – эн, мин, кини бары дуу?!
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: https://ria.ru/20210511/kazan-1731788488.html