Алдан өрүскэ муоста тутуллуоҕа

Бөлөххө киир:

Росавтодор ФКУ  «Бүлүү» суолун управлениета «Хотьковский мост» ААУо кытары «Халыма» суолун 350-374 км саҥардан оҥорууга уонна Алдан өрүһү туоруур муостаны тутуу докумуоннарын оҥорууга судаарыстыбаннай хантараак түһэристилэр.

edersaas.ru

Судаарыстыбаннай хантараак  111,22 мөл. солк. суумалаах. Үбүлээһин Суол федеральнай пуондатын суотугар оҥоһуллар.

Ол курдук бэдэрээтчит тэрилтэ геодезическай съемканы оҥорор, муоста оҥоһуллуохтаах сирин-уотун чинчийиэхтээх, гидрологическай кээмэйдээһиннэри оҥорон баран, суолу уонна муостаны тутууга үс варианын бэлэмниэхтээх.

Билигин сайыҥҥы өттүгэр бу хайысханан Алдан өрүскэ паромнар сылдьаллар. Муоста тутулуннаҕына Аллараа Бэстээхтэн Магадаҥҥа диэри сылы эргиччи сырыы олохтонуоҕа.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0