Алдан өрүс уутун бэрэбиэркэлииллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ социальнай ситимнэринэн Алдан оройуонун Томмот бөһүөлэгин олохтооҕун Алдан өрүс уута олус киртийбитин туһунан видео-устуута тарҕаммыта. Кини: «Бу ааспыт түүн  өрүс уута ыраас этэ. Көмүсчүттэр тугу эрэ өрүскэ ыыттылар быһыылаах. Туох даҕаны көстүбэт буолла» — диэн иһитиннэрбит.

Биһиги СӨ Экологияҕа министиэристибэтин иһинэн Экология өттүнэн куттал суох буолуутугар департаменын салайааччытын солбуйааччы  Степан  Куличкинтан ыйыппыппытыгар, тута хонтуруолга ылыллан, Алданнааҕы  экологияҕа иниспиэксийэтин исписэлиистэрэ киртийии туохтан тахсыбытын быһаара барбыттарын туһунан иһитиннэрбитэ

Бүгүн эрийэн билсибиппитигэр, «Якокит, Селигдар, Улахан Кураанах үрэхтэри бэрэбиэркэлээтибит. Алдан өрүстэн уу боруобатын ылан, лабораторияҕа анаалыска биэрдибит. Бэрэбиэркэ өссө бара турар», — диэн Степан Куличкин иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0