Алдан куоракка уонна Ленинскэй бөһүөлэгэр «цифровой пропуск» олохтонно

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Муус устар 20 күнүттэн Алдан куоракка уонна Ленинскэй бөһүөлэгэр оройуон баһылыгын Северин Поздняков дьаһалынан массыынанан айаннааччыларга  «цифровой  пропуск» (QR-код)  олохтонно.

Инновация, цифровой сайдыы уонна информационнай технология миниистирэ Анатолий Семенов бу  туһунан маннык этэр: «QR-кодтары түҥэтэргэ анаан https://propusk.sakha.gov.ru/ диэн саайты үлэлэттибит. Көҥүллүүр докумуон биэриллэр түгэнигэр суоппар бу саайтка тус кабинетыгар көстөр буолар. Суоппар бу QR-коду ГИБДД үлэһиттэригэр төлөпүөн нөҥүө көрдөрүөн эбэтэр кумааҕыга бэчээттээн илдьэ сылдьыан сөп”.

Көҥүллүүр докумуону ыларга суоппар мобильнай төлөпүөнүн нүөмэринэн саайтка регистрацияланар. Аатын, араспаанньатын суруйар, массыынатын нүөмэрин, үлэлиир миэстэтин,  үлэлиир   чааһын ыйар. QR-код босхо бэриллэр, үлэлиир болдьоҕо оройуон дьаһалтатынан быһаарыллар.

Егор Карпов бэлэмнээтэ, edersaas.ru

Хаартыска Инновация, цифровой сайдыы уонна информационнай технология министиэристибэтэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0