Алдан балаһыанньата үөрдүбэт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 17  күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев брифиҥҥэ, Алдаҥҥа балаһыанньа өссө да уустугун эттэ.

—Дьаҥҥа хаптарбыттар быһаарылла тураллар. Кэнники күҥҥэ, уопсайа, 4 киһи коронавирустаабыта биллибитэ. Мантан 3 киһитэ ырыынакка үлэлээбит кэргэннии пааралартан хантаактааҕа чопчуламмыта. Оттон Алдан балыыһатын санитарката, Кисловодскайтан Москванан Алдаҥҥа кэлбит дьахтартан эргийэн бэриллибит буолуон сөп диэн исписэлиистэр быһаардылар. Ол курдук, оҕолор былаһааккаҕа бииргэ оонньообуттарыттан эргийэн бэриллиэн сөп диэн Роспотребнадзордар уонна мэдиссиинэ эйгэтин үлэһиттэрэ эттилэр, — диэтэ кини.

Дьаҥ хантаагынан бэриллэрин өссө төгүл тоһоҕолоон эттэ. Ирдэбили кытаанахтык тутуһарга, былаһааккаҕа элбэх оҕону бииргэ оонньотору тохтотон эрэргэ, төрөппүттэр оҕолорун хонтуруоллуулларыгар, дьон-сэргэ дьиэҕэ хааччахтанан олороругар ыҥырда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0