Алдан өрүскэ сүппүт дьахтары водолазтар көрдүөхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Томпо улууһун Мэҥэ Алдан бөһүөлэгэр Алдан өрүскэ мотуордаах оҥочо түҥнэстиитигэр сураҕа суох сүппүт дьахтары көрдүүргэ Быыһыыр сулууспа водолазтарын ыыттылар диэн Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ иһитиннэрэр. 

«Саахал тахсыбыт сиригэр Томпо улууһун кыра мотуордаах оҥочолору хонтуруоллуур сулууспа, Томпотооҕу 3 нүөмэрдээх баһаарынай чаас, Мэҥэ Алдан дьаһалтатын үлэһиттэрэ уонна олохтоох нэһилиэнньэ үлэлии сылдьаллар. Уопсайа, көрдөөһүҥҥэ 21 киһи уонна 7 тиэхиньикэ үлэлиир»,- диэн Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ биллэрдэ.

Саахалга түбэспиттэри, кинилэр чугас дьоннорун кытта Кириэс Халдьаайы балыыһатыгар психолог үлэлиир.

Көрдөөһүн үлэтин икки бөлөх ыыта сылдьар. 1,2 км уу, 35 км биэрэк бэрэбиэркэлэннэ. Өрүс төрдүгэр оҥочону булбуттар.

Санатан эттэххэ, алтынньы 16 күнүгэр Томпо улууһугар Алдан өрүскэ тоҕус киһини тиэйэн испит мотуордаах оҥочо түҥнэстибитэ. Биэс киһи быыһаммыта, үс киһи суорума суолламмыта уонна биир киһи көстө илик.

Николай Попов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0