Алдаҥҥа содур киһи оҕону буулаабыт

Ааптар: 
02.11.2017
Бөлөххө киир:

Алдан полициятын оперативниктара сокуоннай сааһын ситэ илик оҕоҕо туһулаан, содур дьайыылары оҥорууга уорбаланааччыны туттулар. Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата уонна РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрдилэр. 

edersaas.ru

Бу дьыл алтынньы 26 күнүгэр Алданнааҕы Ис дьыала отделыгар сайабылыанньа киирбит. 13 саастаах кыыһы «сылдьыһарга» кучуйар киһини эппиэтинэскэ тардар туһунан.

Кыыс сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар иниспиэктэрдэргэ кэпсээбитинэн, бу киһийдэх киниэхэ эрийэн даҕаны, батсаабынан хаста да суруйан даҕаны, таҕылын таһаарарга ыҥыра сатаабыт. Ону ааһан, өссө «сэбин» хаартыскаҕа түһэрэ-түһэрэ ыытар эбит. Эмсэҕэлээбит кыыс этэринэн, ол дьиккэр үс суотабай төлөпүөннээх, Сергей диэн ааттаах эбит.

Алтынньы 27 күнүгэр оперативниктар суһал-ирдиир тэрээһиннэр кэмнэригэр 1969 сыллаах төрүөх, Башкирияттан төрүттээх, Алдаҥҥа үлэлии кэлбит киһини туппуттар. 1998 сыллаахха күүһүлээһиҥҥэ уонна өлөрүүгэ түбэһэн, 15 сылга көҥүлэ быһыллыбыт эбит. Төлөпүөнүгэр ол суруйсубута уонна хаартыскалара сылдьаллар эбит.

Алтынньы 28 күнүгэр силиэстийэ уорганнара РФ Холуобунай кодексатын 135-с ыстатыйатынан, ол эбэтэр, 16 сааһын туола илик оҕоҕо туһулаан содур дьайыылары оҥоруу бэлиэтэ баарынан, холуобунай дьыала тэрийбиттэр.

Силиэстийэ сабаҕалыырынан, уорбаланааччы бу кыыс оҕону бэс ыйын 1 күнүттэн алтынньы ыйга диэри кэмҥэ арахпакка буулаабыт. Полицияҕа кыыс бэйэтэ сайабылыанньа суруйбут.

Силиэдэбэтэллэр бу киһи өссө атын маннык буруйдарга сыһыаннаах буолуон сөбүн эмиэ бэрэбиэркэлииллэр.

Орто уҥуохтаах, славянин көрүҥнээх, Сергей диэн ааттанан, 4017, 0988, 2462 сыыппараларынан бүтэр үс төлөпүөннээх.

Өскөтүн итинник содур дьайыылар туһунан ханнык эмит информация баар буоллаҕына, 8 (41145) 36052 биитэр 99141040945 эрийэн биллэриэххитин сөп, конфиденциальность мэктиэлэнэр.

Уорбаланааччы хаайыллан олорор.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0