Ыам ыйын 16 күнүгэр Алдан куоратын Чекистар переулоктарыгар баар дьиэ таһыгар массыына 16 саастаах оскуола үөрэнээччитин түҥэри көппүт. Үөрэнээччи тротуарынан хааман испит.
Саахал кэнниттэн суоппар быһылаан тахсыбыт сириттэн куоппут. Суоппар массыынатын «Тойота-филдер» диэн сабаҕалыыллар. Быһылаан түмүгэр үөрэнээччи этин-сиинин эчэттэ, травматологка эмтэнэ сылдьар.
Силиэстийэ саахалы таһаарбыт суоппары көрдүүр.
Госавтоинспекция санатарынан, суол саахалын миэстэтиттэн куотуу иһин РФ административнай быраабын кодексын 12.27 ыстатыйатын 2 чааһыгар олоҕуран, суоппар быраабын 1-1,5 сылга быһыахтарын эбэтэр 15 сууккаҕа хаайыахтарын сөп. Суол саахалыгар дьон эчэйиитэ тахсыбыт буоллаҕына холуобунай дьыала тэриллэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1