Алдаҥҥа харантыыны тутуһуу түмүгэ билиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа Дьокуускайга икки киһи коронавирус дьаҥыгар хаптарда, анаалыстара бигэргэннэ.

edersaas.ru

Б туһунан Ил Дархан сарсыардааҥҥы брифиҥҥэ бэлиэтээтэ. Ыалдьыбыт дьон — коронавируһынан ыалдьа сытар киһи дьиэ кэргэнэ.

Ааһан эрэр нэдиэлэ биир үтүө сонуна — Алдаҥҥа  сыстыганнаах ыарыыга сутуллааччы  ахсаана биир да бигэргэммэтэ. Анаалыстарын туттарбыт дьон бары «отрицательнайдар».

Бу, биллэн турар, кытаанах харантыыны кытта ыкса сибээстээх. Дьон дьиэтигэр олорон, бэйэ-бэйэттэн сыстыы суох.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА саайтыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0