Алдаҥҥа харантыыны кэспит дьоҥҥо — ботуччу ыстараап

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи оперативнай ыстаап иһитиннэрбитинэн, Алдан куоракка коронавирус эпидиэмийэтин кэмигэр биллэриллибит харантыын эрэсиимин кэспит дьон ботуччу ыстараабы төлүөхтэрэ.

edersaas.ru

Ол курдук, туох да туоһу докумуона суох уулуссаҕа холкутук көҥүл сылдьар дьон 15 тыһ. солк. — 40 тыһ. солк. ыстарааптаныахтара. Дьоҕус уонна аччыгый биисинэһинэн дьарыктанар  юридическэйэ суох сирэйдэр — 50 тыһ. — 150 тыһ. солк. төлүөхтэрэ. Юридическэй сирэйдэр — 200 тыһ. — 500 тыһ. солк. ыстараабы төлүөхтэрэ. Харантыыны кэһэн, сыстыганнаах ыарыынан дьону маассабайдык сутуйар кутталы үөскэппит киһи 500 тыһ. — 700 тыһ. солк. төлүөҕэ эбэтэр 2 сылга көҥүлэ быһыллан, хаайыыга барыан сөп.

Бүгүҥҥү күҥҥэ харантыын кэмигэр Алдан оройуонун баһылыга ханнык тэрилтэлэр үлэлииллэригэр көҥүл бэриллэрин туһунан испииһэги бэлэмниир. Бу докумуон Ил Дархан ыйааҕынан бигэргэниэҕэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска – СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0