Алдаҥҥа хайыһар куруортун тэрийэр былаан баар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Алдаҥҥа хайыһар успуордун Олимпийскай эрэллэрин оскуолатын баазатыгар 2024 сылга хайыһар куруортун тэрийэр былаан баар. Бу туһунан СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Ирина Высоких Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа иһитиннэрдэ диэн ТАСС суруйар.

«Алдаҥҥа хайыһар успуордун сайыннарабыт. Манна билигин олимпиецтар бэлэмнэнэллэр. Онон бааза трассата бэлэмнээх спортсменнарга эрэ ананар. Туристарга аһаҕас буолуон баҕарабыт. Былаан бырайыага бэлэм, бастакы инвестордар бааллар. 2022 сылтан үлэ саҕаланыаҕа, 2024 түмүктэниэҕэ», — диэн миниистир этэр.

Ирина Высоких этэринэн, туристар олорор эбийиэктэрэ тутуллуоҕа, итиэннэ эбии трассалар, подъемниктар оҥоһуллуохтара.

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0