Алданнааҕы оройуон балыыһатын кылаабынай бырааһа Дмитрий Сергин иһитиннэрбитинэн, бүгүн муус устар 13 күнүгэр, Алдаҥҥа 5 киһи коронавируһунан ыалдьыбыта чуолкайдаммыт.
Кинилэр балыыһа инфекционнай салаатыгар эмтэнэллэр. Өссө алта киһи ити дьаҥҥа хаптарбыта буолуо диэн уорбаланар.
—Дьокуускайтан биир идэлээхтэрбит көмөҕө кэллилэр. Кинилэр коронавирустаабыт дьону хайдах эмтииргэ сүбэ-ама биэриэхтэрэ. Быраастар харыстанар көстүүмүнэн, мааскаларынан хааччыллыахтара. Тыҥаны кислородунан хааччыйар 5 аппараат кэллэ», — диэн эттэ кини.
14 күннээх дьиэҕэ олорор харантыыны тутуспакка ырыынакка сылдьыбыт 49 саастаах киһиэхэ холуобунай дьыала көбүтүлүннэ. Кини алтыспыт дьоно обсерваторга киирдилэр. Санитарнай-эпидемиологическай ирдэбили кэспит дьон ыстарааптаныахтара, эбэтэр 2 сылга диэри көҥүллэрэ быһыллыан сөп.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска news ykt.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1