Алдаҥҥа ардаҕы ыҥырар салгын ааллара үлэлиэхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Алдан оройуонун илин өттүгэр былыттаах. Итиннэ бүгүн Росгидромет Як-42Д сөмөлүөт-лаборатория уонна «Авиалесоохрана» ФБУ «Циклон» Ан-26 сөмөлүөтэ ардаҕы түһэрэргэ үлэлиэхтэрэ.

Сарсыардааҥҥы иһитиннэриинэн, Алдаҥҥа 17 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Бары кэриэтэ ыраах бааллара ыйыллар. Баһаары умулларыыга 56 киһи, икки тиэхиньикэ үлэлиир. Бу туһунан ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

Былааннаммытынан, Бе-200 көтөр аал билигин да уустук балаһыанньалаах Уус Маайаҕа үлэлиир. Итиннэ 18 ойуур баһаара бэлиэтэнэр, итинтэн биир ойуур баһаара Эдьээнтэн 15 км баар. Оройуоҥҥа ойуур уотун утары 447 киһи охсуһар.

Мииринэйгэ баазаламмыт иккис амфибия-салгын аала Саха сирин арҕаа өттүгэр, ол иһигэр Бүлүү бөлөх оройуоннарга ойуур баһаардарын умуруорууга үлэлээбитэ. Бүгүҥҥү мунньахха, аны, Уус Маайаҕа ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэтэргэ быһаарыы ылылынна.

Бүгүҥҥү күнтэн икки салгын аала Уус Маайа оройуонугар үлэлиир. Ону сэргэ, үс Ми-8 бөртөлүөтү былаанныыллар. Кэтээн көрүү үлэтигэр алта салгын аала сылдьыаҕа.

Бэлиэтээн эттэххэ, нэдиэлэ ортотуттан ойуур баһаардарын ахсаана икки төгүл кыччаата. Сэрэдэҕэ 100-тэн тахса баһаар бэлиэтэммит буоллаҕына, бүгүн сарсыардааҥҥы чахчынан 54 ойуур баһаара баара чопчуланна.

Сааскыттан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 510 ойуур баһаара (уот тайаабыт уопсай иэнэ 451 999,11 га сир) бэлиэтэммит. Былырыын бу кэмҥэ уопсайа 5 173 168,67 га иэннээх сиринэн 1 353 ойуур баһаара бэлиэтэнэн турар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0