Алдан улууһугар Сылгылыыр үрэх үөһэ тардыытыгар эһэ арҕаҕыттан тэскилээн, мэнээктии сылдьарын өлөрдүлэр.
Эһэ федеральнай суолталаах Өлүөнэ суолга тахсан, Үөһээ Амма сэлиэнньэтин аттыгар ордууламмыт. Кыһын мэнээктээбит адьырҕа олус кутталлаах. СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр биологическай ресурсаларга уонна ураты харыстанар сирдэр дирекциятыттан суһал инспекция исписэлиистэрэ тиийэн, сэтинньи 14 күнүгэр Үөһээ Амматтан 20 км сиргэ тыатааҕыны бултаабыттар.
Этин-сиинин көрүү-истии кэнниттэн саа буулдьатыттан бааһыран баран арҕаҕар киирбит диэн быһаарбыттар. Ол оспотоҕуттан сылтаан арҕаҕыттан тахсарга күһэллибит. Суолун ирдээн көрбүттэрэ, тыатааҕы Буотама үрэх үөһэ тардыытын түбэлэринэн элбэхтик сылдьыбыт эбит. Бу түбэҕэ 40 булчут уонна көс олохтоох «Кырбыкан», «Гонам» табаһыттарын ыстаадаларын бултууллар-алтыыллар.