“Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ өлүүлэһэн киирбиппит да, тутааччы тэрилтэбит харчыбытын ылан баран сүтэн хаалла. Харчыта да, дьиэтэ да суох хааллыбыт”, — диэн боппуруоһу туруордулар Ил Дархаҥҥа быһа эфир кэмигэр.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
“Аҕыйах сыллааҕыта бу кыһалҕа олус күүскэ турбута. Ол эрээри хонтуруолу күүһүрдүбүппүт түмүгэр мантан тэйэ быһыытыйбыппыт да, билигин эмиэ тахсан эрэр. Ол тахсыбатын туһугар бастаан дуогабары үчүгэйдик үөрэтиҥ. Эһиги тоҕо араас “пирамидаҕа” киирэҕит, албынныылларын билэ-билэ? Тутуу эйгэтигэр бу эһиги эппит дьоҥҥут урут-уруккуттан албынныыллар. Иккис өттүнэн, маннык балаһыанньаҕа киирбит дьоҥҥо судаарыстыба өттүттэн төһө кыалларынан көмөлөһө сатыыбыт. Манна биири этэбин, моҥкуруут барбыт тэрилтэни кытары сууттаһыҥ, прокуратураҕа баран сайабылыанньа суруйуҥ. Уонна бэйэҕит искититтэн кооператив тэринэн араас үбүлээһиҥҥэ кыттан тутууну түмүктүү сатааҥ”, — диэн быһаарар Егор Борисов.
Санатан этэбин, билигин “Саха” НКИХ Ил Дархан быһа эфиргэ нэһилиэнньэ ыйытыытыгар хоруйдуу олорор.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru