Альбина Борисова: “Улуу Кудаҥсаны” тылбаастыам иннинэ өр иитиллибитим”

14.06.2022
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, уус-уран тылбаасчыт Альбина Андриановна Борисова 70 сааһын туолла. Кини Платон Ойуунускай айымньыларын, ол иһигэр “Улуу Кудаҥсатын”, Өксөкүлээх Өлөксөй “Оттоку олук алгыһын” тылбаастаабыта. Саха тыйаатырын испэктээкиллэрэ кини тута тылбааһынан бараллара. “Улуу Кудаҥса” тылбааһын туһунан кини сүрдээх интэриэһинэй түгэннэри ахтар.

Альбина Андриановна айар үлэтигэр классик суруйааччыбыт, судаарыстыбаннай диэйэтэл, өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээбит киһибит Платон Алексеевич Ойуунускай айымньылара ураты миэстэни ылаллар. Кини бэйэтэ бэлиэтииринэн, бу дьылҕатын суола.

Платон Ойуунускай биһиги дьиэ кэргэммитигэр ураты суолталаах. Мин бэйэбин өйдүөхпүттэн кини айымньыларын, кини олоҕун туһунан дьонум элбэхтэ кэпсэтэллэрэ. Ийэм кэпсээнин өйдүүбүн. Оччолорго Платон Ойуунускайы уулуссаҕа да көрүстэхтэринэ түҥнэри хайыһа сылдьар кэмнэрэ эбит этэ. Ийэм Дьокуускайга эдьиийигэр киирэ сылдьан уруккута Ворошилов, билиҥҥитэ Октябрьскай уулуссатыгар кинини көрсө түспүт. Дьоннор курдук уулусса анараа өттүгэр туораабакка, киниэхэ утары хаампыт уонна чугаһаабытыгар дорооболоспут. Платон Алексеевич онтон наһаа соһуйан ходьох гына түспүт уонна уоһун уһугунан курустук мичээрдээн ылбыт. Кэлин ийэм ити көрсүһүү туһунан олус долгуйан туран кэпсиирэ. Мин ити кэпсээҥҥэ улааппытым. Платон Ойуунускай айымньыларын барыларын кэриэтэ хас биирдии строкаларыгар тиийэ ааҕа билэрим. “Улуу Кудаҥсаны” тылбаастыам иннинэ өр иитиллибитим. Бука, икки-үс сыла аастаҕа буолуо. Үһүс сылбар, дьиктитэ баар, биир түүн түүл түһээбитим. Арай түһээтэхпинэ, дьиэм өһүөтэ театр сабыытын курдук хамсаан арыллан кэлбитэ. Тулам барыта хараҥара түспүтэ, бэйэм буоллаҕына көтө сылдьар курдук буолбутум. Ол сытан киэҥ куйаарга тахсыбыппын өйдөөбүтүм, ону кытары тэҥҥэ хантан эрэ дьикти музыка кутуллубута. Бу кэнниттэн үлэбин үс-түөрт ыйынан суруйан бүтэрбитим, – диэн кэпсиир Альбина Андриановна.

Альбина Борисова Платон Ойуунускай “Улуу Кудаҥсатын” таһынан “Александр Македонскайын”, “Соломон Муударайын”, “Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулайын”, “Иирбит Ньукууһун”, “Сүүс сыллаах улуу былаанын” тылбаастаабыта. Альбина Андриановна нууччалыы тылбаастарыгар олоҕуран Платон Ойуунускай айымньылара атын омук тылларынан саҥарбыттара. Чуолаан азербайджанныы, туроктыы тылынан тылбаастанан киэҥ сиргэ тахсыбыттара.

Уус-уран тылбааска уһуйуллуута өссө тыйаатырга үлэлиир кэмиттэн саҕыллан тахсыбыт. Альбина Андриановна этэринэн, тылбааска сиэтэн илдьибит киһитинэн Судаарыстыбаннай музыкальнай-драматическай тыйаатыр литератураҕа салаатын сэбиэдиссэйин Иннокентий Дмитриевы ааттыыр. Альбина Андриановна тыйаатырга тута тылбаастыыр дикторынан үлэлии олорон 1974 сыллаахха Москваҕа А.М.Горькай аатынан Литература институтугар тылбаас отделениетыгар үөрэнэ барбыта.

– Институкка үөрэнэ киириэм иннинэ 1969-1974 сыллардаахха Судаарыстыбаннай музыкальнай-драматическай тыйаатырга үлэлээбитим. Оччолорго дириэктэринэн Василий Афанасьевич Босиков үлэлии олороро. Ити кэмҥэ кини тыйаатырга анал аппаратура атыылаһан аҕалан, испэктээкиллэри тута тылбаастыыр диктор дуоһунаһа арыллыбыта. Оччотооҕуга, 70-с сыллардаахха, Дьокуускайга сорох ардыгар сахалардааҕар нууччалар элбэхтэ сылдьаллара. Сахалыы испэктээкиллэри олус сөбүлүүллэрэ. Онон уус-уран тылбаас хайаатар да наада этэ. Билигин өйдүүрбүнэн, испэктээкил кэнниттэн үгүстэр кэлэн махтаналлара уонна испэктээкил ордук ханнык түгэнин сөбүлээбиттэрин үллэстэллэрэ, артыыстарга бэйэлэрин санааларын этэллэрэ.

Тыйаатырбыт ити кэмҥэ Каландаришвили уулуссатыгар Дьокуускайааҕы Кафедральнай Собор дьиэтигэр баара. Диктор миэстэтэ тыйаатыр иккис этээһигэр литература салаатын сэбиэдиссэйин хоһугар баар этэ. Оччолорго сэбиэдиссэйинэн Иннокентий Аксентьевич Дмитриев олороро. Кинини мин уус-уран тылбааска сиэтэн аҕалбыт киһибинэн ааҕабын. Иннокентий Аксентьевич ити олорон аан бастаан миэхэ ырыаһыт Анегина Ильина норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска кыттар ырыатын тылбаастаппыта. Мин үлэбин көрөн баран: “Альбина, тылбааһыҥ олус үчүгэйдик табыллыбыт”, – диэн саҥа аллайбытын өйдүүбүн. Ити кэнниттэн кини миэхэ үгүс тылбааһы биэрэр буолбута. Литература институтугар куонкурус биллэрбиттэригэр хайаатар да онно бар, үөрэн диэн алҕаан ыыппыта. Тыйаатырга үлэлээбит сылларбын наһаа күндүтүк саныыбын, – диэн бэлиэтиир кини.

Андрей Саввич Борисов Саха тыйаатырыгар туруорбут “Улуу Кудаҥса” испэктээкилин сүрүн оруолун толорооччу Ефим Степанов: “Айымньыны нууччалыы уус-ураннык тылбаастааһын сүрдээх уустук. Испэктээкилгэ Улуу Кудаҥса аҥаардас киһи эрэ буолбакка, личность, иччи, былаас, сиэртибэ уобараһын быһыытынан бары өттүнэн арыллар. Ойуунускай айымньыта бэйэтэ ураты тыыннаах. Хас биирдии интонацията туспа суоллаах-иистээх. Ол ону нууччалыы тыллаах киһиэхэ тириэрдии тылбаасчыт аайы кыаллыбат суол. Альбина Андриановна итини барытын тылбааһыгар ситиспит дии саныыбын”, – диэн бэлиэтээн аһарбыта баар.

Манна даҕатан эттэххэ, Альбина Борисова Саха тыйаатырын труппатыгар киирсэн, Москваҕа, Башкирияҕа Саха сирин күннэригэр, Хабаровскайга, Москваҕа, Ленинградка, Киевка, Тбилисига, Бишкеккэ бүтүн Арассыыйатааҕы, Сойуустааҕы фестивалларга кыттан кэлбитэ. Киин телевидение ыҥырыытынан 1985 сыллаахха “Ханидуо уонна Халерхаа” Семен Курилов романынан туруоруллубут “Саҥа дьоннор” диэн испэктээкил тута тылбааһын оҥорбута. Кэлин аныгы саха литературатын суруйааччыларын тылбаастаабыта. Былырыын “Услышь, Россия, наши голоса” уус-уран тылбаас бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһугар народнай суруйааччы Василий Васильев-Харысхал “Таптал түөрт муннуга” кэпсээнин тылбааһынан кыттан кыайыылаах тахсыбыта.

Ыспыраапка:

Альбина Андриановна Борисова (Слепцова) – Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, уус-уран тылбаасчыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна. Кини 1952 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр Дьокуускайга төрөөбүтэ. Альбина Борисова аҕата Андриан Семенович Слепцов Саха АССР үтүөлээх артыыһа.

1969 сыллааха орто оскуоланы бүтэрэн баран П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай драма тыйаатырыгар испэктээкиллэри тута тылбаастааһын дикторынан, 1987 сылтан “Чуораанчык” сурунаал редакторынан, 1994 сылтан “Бичик” кинигэ кыһатыгар кылаабынай редакторынан, дириэктэри солбуйааччынан, кэлин Ил Түмэҥҥэ старшай референынан үлэлээбитэ.

Оскуолаҕа сылдьан хоһоон суруйара, Пионердар дьиэлэригэр литература-айар үлэ куруһуогар сылдьыбыта. Хоһоонноро өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэммиттэрэ. 1979 сыллаахха А.М.Горькай аатынан Москватааҕы Литература институтун уус-уран тылбаас отделениетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэҕин кэнниттэн Тыйатыр диэйэтэллэрин сойууһугар эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Тыйаатырга үлэлиир кэмигэр үгүс саха суруйааччыларын пьесаларын нууччалыы тылбаастаабыта.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0