Альберт Семенов: «Тапталлаах куораппытын аныгылыы, дьыалабыай, култуурунай кииҥҥэ кубулутар баҕалаахпыт»
Алтынньы 21 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов 50 сааһын томточчу туолбута. Биһиги хаһыат эрэдээксийэтэ эҕэрдэлээн туран, куорат Дууматын үлэтин-хамнаһын, быйылгы пандемия кэмигэр хайдах дьаһанан олорорун, куорат бүддьүөтүн туругун туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.
Быйылгы үлэ уратылара
— Альберт Никандрович, пандемия олохпутугар улахан уларытыылары киллэрдэ. Куорат Дууматын үлэтэ-хамнаһа быйыл хайдах баран иһэр?
— Дьокуускай куорат Дуумата Роспотребнадзор саҥа ирдэбиллэрин тутуһан үлэлиир. Үлэһиттэр улахан аҥаардара тэйиччи олорон үлэлииргэ күһэллибитэ. Ол да буоллар, 2020 сыллаах былааммыт толору туолан иһэр. Арай, сиэссийэлэрбит туох баар ирдэбиллэри тутуһан туран, сирэй ыытыллаллар. Тоҕо диэтэр, куорат Дууматын регламенын быһыытынан уонна федеральнай сокуон этэринэн, куоластааһын хайаан да сирэй барыахтаах. Дьокутааттар сорох үлэлэрэ, мунньахтара видео кэмпириэнсийэ халыыбынан бараллар.
— Тоҕус ый түмүгүнэн туох үлэ ыытылынна? Бүтэһик сиэссийэҕэ ханнык боппуруостары көрдүгүт?
— Куорат олоҕор-дьаһаҕар сыһыаннаах бары боппуруостары көрөбүт. Бүтэһик сиэссийэлэргэ пандемия кэмигэр эмсэҕэлээбит урбаанньыттарга нолуокка чэпчэтиини көрүүгэ быһаарыы ылыммыппыт. Ким да бас билиитигэр киирбэт, көрүүтэ-харайыыта суох турар дьиэни-уоту, малы-салы харайыыга, суох оҥорорго үлэлэстибит. Маны сэргэ, куорат уокуруктарын, полиция, ааҕар-суоттуур палаата отчуоттарын туттубут. Өйдөбүнньүктэри туруоруу, Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрии боппуруостарыгар быһаарыы ылынныбыт.
Национальнай бырайыактар — болҕомто киинигэр
— Национальнай быра- йыактар, олох-дьаһах бары эйгэтин хабар сокуоннар олоххо киириилэрин туһунан кэпсээ- тэххэ.
— Дьокуускай куорат хас да национальнай бырайыакка кыттар. Ол курдук, «Демография» быра- йыак чэрчитинэн «Дьахталлар дьарыктаах буолууларыгар — үстэригэр диэри саастаах оҕолорго оскуола иннинээҕи үөрэҕи тэрийии» федеральнай бырайыакка кыттар. 2019 сыллаахха 203 микро- оройуоҥҥа уонна Халтурин уулуссатын 22/2 аадырыһыгар 113 миэс- тэлээх икки дьааһыла-саад баар буоларын ситиспиппит. Оттон саҥа сылга диэри Автодорожнай уулуссаҕа баар дьиэҕэ 119 миэстэлээх дьааһыла-саады арыйыахпыт.
«Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Аныгы оскуола» федеральнай бырайыак үлэлиир. 2019 сыллаахха балаҕан ыйыгар «Точка роста» иһинэн цифровой уонна гуманитарнай хайысхалаах үөрэх кииннэрэ Табаҕа уонна Тулагы оскуолаларыгар баар буолбуттара. Быйыл Маҕан оскуолатыгар арылынна.
«Цифровой үөрэх эйгэтэ» федеральнай бырайыак иһинэн куорат 19 оскуолатыгар көмпүүтэр тэрилин уонна бырагырааматын кэмпилиэгин аҕалтарабыт.
«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн «2019–2025 сылларга гражданнары хаарбах дьиэттэн көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи анал аадырыстаах бырагыраама уонна маннык муниципальнай аадырыс- таах бырагыраама эмиэ бигэргэммитэ. Үбүлээһинэ — 6 миллиард 307 мөлүйүөн солкуобай. 2019–2020 сылларга 241 олорор дьиэ бастакы түһүмэххэ хапсар. Иккис түһүмэххэ — 221. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан, сорох дьон муниципальнай наадаҕа ылыллар дьиэни-уоту харчынан толуйарга сөбүлэһэллэр. Маннык дьиэ ахсаана 54.
Маны таһынан, куорат олохтоох- торо бары да билэ-көрө сылдьаллара буолуо, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суола» национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга 22,9 килэмиэтирдээх суол өрөмүөннэннэ. Икки сыл иһигэр, быһа холоон, 50-ча килэмиэтир усталаах суол өрөмүөннэммит буолуохтаах. Эһиил эмиэ элбэх үлэ күүтэр.
Бүддьүөт уустуктара
— Дьокуускай куорат бүддьүөтүн туруга хайдаҕый?
— Куорат бүддьүөтүн дохуот- таах чааһа 12 мөлүйүөн 391 тыһыынча солкуобайынан, ол эбэтэр 71,1% сыллааҕы былаантан туолан иһэр. Ороскуоттаах чааһа — 12 мөлүйүөн 803,4 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит.
Тоҕус ый түмүгүнэн нолуоктаах уонна нолуога суох дохуот 299,7 мөлүйүөн солкуобайынан (6%) түспүт. Манна, биллэн турар, сүрүн төрүөтүнэн уустук эпидемиологическай быһыы-майгы турара буолар. Экэниэмикэ бары эйгэтигэр коронавирус пандемията улахан охсууну аҕалла. Ол иһин Дьокуускай куорат бүддьүөтүгэр дохуот киирэрэ биллэ намтаата.
Оттон куорат бүддьүөтүн туохха ыытарын наардаан көрдөххө, сүрүн чааһа — 68,6% социальнай-култуурунай эйгэҕэ тиксэр. Ол иһиттэн үөрэхтээһиҥҥэ — 58,4%.
Хамнаска уонна булгуччулаах төлөбүрдэргэ (нолуок, хомунаалынай өҥө) үбүлээһин толору ыытыллар.
— Коронавируһу утары туох үлэ-хамнас барарый? Төһө үп көрүлүннэ?
— Тоҕус ый түмүгүнэн, аҥаар- дас коронавирус инфекциятын сэрэтэргэ, профилактикаҕа уонна ыарыыны туоратар туһугар куорат бүддьүөтүттэн 206 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Ол курдук:
— дезинфекцияҕа — 22,2 мөлүйүөн солкуобай;
— мэдиссиинэ үлэһиттэрин тырааныспарынан хааччыйыыга, обсерваторга дьону таһыыга — 23,4 мөлүйүөн солкуобай;
— харыстанар сириэстибэлэри атыылаһарга — 31,6 мөлүйүөн солкуобай;
— куорат тэрилтэлэрин өйүүргэ (“Лена” киинэ тыйаатыра, уопсастыбаннай сирдэри салайыы киинэ) — 19,1 мөлүйүөн солкуобай;
— оскуола оҕолорун бородууктанан хааччыйыыга (сухой паек) — 55,9 мөлүйүөн солкуобай.
Резервэлээх пуонда кээмэйэ 2020 сылга 40 мөлүйүөнтэн 130,6 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатта. Онтон 2020 сыл алтынньы 1 күнүгэр коронавируһу утары охсуһууга 65,1 мөлүйүөн солкуобай ыытылынна.
— Кэлэр дьыл бүддьүөтүн туһунан эттэххэ?
— Бүддьүөт билигин оҥоһулла сылдьар. Сэтинньигэ бастакы ааҕыыга ылыллара күүтүллэр. 2021 сыллааҕы бүддьүөтү ылыныы уустук буолар чинчилээх. Дохуоттаах чааһа 600 мөлүйүөн солкуобай түһэрэ сабаҕаланар. Ол иһин хас биирдии муниципальнай бырагырааманы бастайааннай хамыыһыйаларбытыгар куорат дьаһалтатын кытта кичэллээхтик сыныйан көрөбүт.
Дьон-сэргэ санаата уларыйар
— Куорат Дуумата бүтүн куорат үлэтин сүрүннүүр буоллаҕа…
— Сири туһаныыга, дьиэ-уот туттуутуттан саҕалаан куорат бүддьүөтүгэр тиийэ — куорат сайдыытыгар туһуламмыт бары боппуруоска дьоһуннаах быһаарыылары ылынар. Манна сүрүнэ — олохтоохтору кытта тэҥҥэ үлэлэһэрбит буолар. Быыбардааччылары кытта өрүү көрсөн, кэпсэтэн баран биирдэ тустаах боппуруоска быһаарыы ылар оруннаах. Оттон бу пандемия кэмигэр нэһилиэнньэни кытта социальнай ситим, электроннай буоста нөҥүө кэпсэтиини ыытабыт. Сорохтор куорат дьаһалтатыгар тиийэн, бастакы этээскэ суруктарын хааллараллар. Дьокутаат истии- лэрин, миэстэтигэр мунньахтары, төгүрүк остуоллары өрүү ыытабыт. Хас биирдии дьокутаат бэйэтин уокуругар күүскэ үлэлиир. Төһө да пандемия турдар, таҥнары түһүү диэн суох, төттөрүтүн ыырбытын кэҥэтэн, кыахпытын элбэтэн иһэбит.
Үлэлээбиппит устатын тухары “Дьокуускай куорат” 2032 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятын, куорат Дуумата куорат дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлэһии Балаһыанньатын саҥалыы уларытан ылынныбыт. Куорат баһылыгын уонна дьаһалтатын, Арассыыйа ИДьМ «Дьокуускайдааҕы» муниципалитеттар икки ардыларынааҕы управлениетын, Дьокуускай куорат Хонтуруоллуур-ааҕар палаататын отчуоттарын бигэргэтэбит.
Куорат Дууматын дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин административнай быраабы кэһии Кодексатыгар уларытыылары киллэрии» сокуон барылын киллэрбиттэрэ. Манна ассенизаторскай массыынанан туттуллубут кирдээх ууну аналлаах сирдэргэ тохпотох юридическай сирэйдэр уонна биирдиилээн дьон административнай эппиэтинэһи сүгэллэрин туһунан этиллэр.
Элбэх быһаарыы үөрэх, ОДьКХ уо. д.а. эйгэҕэ ылыныллар. Сорох боппуруостарга, куорат дьаһалтатын да кытта, мөккүөр күөдьүйэн турааччы. Ол да буоллар, куораппыт сайдарын туһугар туһуламмыт үлэбит буоллаҕа. Биһиги хонтуруоллуур оруоллаахпыт. Дьокутааттарбыт суол хапытаалынай тутуутун хаачыстыбатын, оскуолалар уонна уһуйааннар өрөмүөннэрин хаамыытын, манна үбү-харчыны тыырыыны өрүү хонтуруолга туталлар.
Социальнай суолталаах хайысхаларга куруук улахан болҕомтону уурабыт. Куорат администрациятын кытта бэтэрээннэри, ыччаттары, элбэх оҕолоох ыаллары, кыамматтары кытта үлэлиибит. Бу дьокутаат үлэтин биир сүрүн хайысхата буолар.
Дьон-сэргэ куораттарын туһугар кыһаллар буолан эрэллэрэ үөрдэр. Олохтоохтору экология, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаа- йыстыбата, олорор сири тупсарыы, пандемия кэмигэр үөрэх боппуруостара күүскэ долгуталлар. Маннык кыһалҕалары бары көмөлөөн быһаарыахпыт диэн эрэнэбин.
Саҥа дьокутаакка эрэнэбит
— Киин уокурукка быыбар туһунан тус санааҥ? Саҥа дьокутаат үлэтэ туохтан саҕаланна?
— Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Дьокуускай куорат 7 №-дээх Киин уокуругун төрдүс ыҥырыылаах дьокутаатын быыбара буолбута. Манна «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан Дьокуускай куорат онкологическай диспансерын кылаабынай бырааһа Лена Николаевна Афанасьева кыайыылааҕынан тахсыбыта. Быыбардааччы уопсай ахсааныттан 47, 02% — 1 174 куолаһы ылбыта.
Талыллыбыт дьокутаат быыбар кэннэ тута эбээһинэһигэр киирбэт. Бастаан дьокутаат боломуочуйатын Дьокуускай куорат Дууматын алтынньытааҕы сиэссийэтигэр бигэргэтэллэрэ ирдэнэр.
Үгүс дьон Лена Николаевнаны эппиэтинэстээх, уопуттаах уонна идэтигэр бэриниилээх киһи быһыытынан билэллэр. Ол иһин да бэйэлэрин куоластарын биэрбит буолуохтаахтар. Мин саныахпар, Лена Афанасьева туох баар билиитин- көрүүтүн, сыратын-сылбатын, үлэлиир уопутун Киин уокурук олохтоохторун туһугар аныаҕа диэн эрэнэбин. Олохтоохтор кинини талбыттарыттан кэмсиниэхтэрэ суоҕа дии саныыбын.
— Таптыыр, ытыктыыр, баай устуоруйалаах куораппыт сайдарын туһугар олус элбэх үлэни ыытар эбиккит. Дьокутаат хайдах буолуохтааҕый? Куорат инникитэ хайдах буолуой?
— Дьокутаат, бастатан туран, норуот бэрэстэбиитэлэ буолар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ саамай чугас, быыбардааччыларын интэриэ- һин инники күөҥҥэ тутар киһи дьокутааттыыр. Куорат Дууматын 29 дьокутаата олохтоохтор ааттарыттан Дьокуускай иһинэн ыытыллар үлэни-хамнаһы көрө-истэ сылдьар бырааптаах. Дьокутаат толорор буолбакка, хонтуруоллуур аналлаах.
Дьокутааттар куорпустарыгар элбэх дьоһуннаах боломуочуйа сүктэриллэн көрөр. Куорат иһигэр бэрээдэги көрөр нуорма-быраап аакталарын ылыныы, бүддьүөтү туттууну хонтуруоллааһын уонна да атын куорат олоҕор улахан суолталаах боппуруостарга эппиэтинэстээх үлэни ыытабыт.
Биһиги тапталлаах Дьокуускайбытын тупсарарга күүскэ үлэлиибит. Аныгылыы, дьыалабыай, култуурунай кииҥҥэ кубулутар баҕалаахпыт. Бу туһугар салгыы да бары кыахпытын ууран үлэлэһэргэ бэлэммит. Кылаабынайа, баҕа баар буолуон наада. Оччотугар барытын кыа- йыахпыт диэн эрэнэбит.
— Альберт Никандрович, өссө төгүл үйэ аҥаардаах үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлиибин! Куораппыт тупсарын туһугар Дьокуускай куорат Дууматын үлэтэ улахан оруоллаах. Инникитин да үлэҕит-хамнас- кыт таһаарыылаах буоллун, ситиһиини баҕарабын.
Ирина Ханды, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — СИА.