Альберт Иванов: «Уорганы көһөрүү саҥа таһымҥа таҕыста»

18.08.2016
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 22 күнүгэр Саха сиригэр хаһан да буолбатах түгэн буолбута – ыарыһахха кадавернай бүөрү (өлбүт киһиттэн) көһөрүү эпэрээссийэтэ аан бастаан уонна ситиһиилээхтик оҥоһуллубута.

Уорганы көһөрүү (трансплантология) эпэрээссийэлэригэр ураты үөрүйэхтээх, кадавернай бүөрү көһөрүү маҥнайгы эпэрээссийэтин оҥорбут хирург Альберт Иванович Васильев бүгүн биһиэхэ ыалдьыттыыр. Кини – СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай трансплантолога, Медицина национальнай киинигэр Клиническэй киин дириэктэрэ, РФ уонна СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, медицинскэй наука кандидата, А.П.Петров аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.

ppy8djahnzo

  • Альберт Иванович, кадавернай бүөрү көһөрүү эпэрээссийэтэ оҥоһуллубутун туһунан сурах быйыл биһиэхэ соһуччутук иһилиннэ. Дьиҥэр, элбэх бэлэмнэнии үлэтэ барбыт буолуохтаах.
  • 2009 с. Саха сиринээҕи мэдисиинэ сэбиэтэ ыытыллыбыта, онно Арассыыйа кылаабынай трансплантолога, Шумаков аатынан трансплантология уонна искусственнай уорганнар институттарын дириэктэрэ Сергей Готьены ыҥырбыппыт. Биһиги онно өрөспүүбүлүкэҕэ «органнай донорствоны» сайыннарар соругу туруорбуппут. Сокуоннар барылларын, бирикээстэри оҥорбуппут. Ол гынан баран, хайдах эрэ тохтоон хаалбыппыт. Арай былырыын күһүҥҥүттэн үлэ тэтимнээхтик саҕаламмыта. Үлэ саҕаланыыта СӨ Ил Дархана Егор Борисов доруобуйа харыстабылыгар ураты болҕомтотун ууран, бэйэтэ куорат поликлиникаларыгар, балыыһаларыгар сырыытын кытары сибээстээх. Аҕа баһылыкпыт чуолаан сүрэх-тымыр хирургиятын уонна уорганы көһөрүү салааларын интэриэһиргээбитэ. Бу сырыылар кэннилэриттэн үрдүк технологиялаах мэдисиинэни сайыннарыы стратегията ылыллыбыта. Егор Афанасьевич Москваҕа трансплантологтары (ол иһигэр, биир дойдулаахпыт, Москваҕа үлэлиир Александр Аммосовы) кытары көрсөн сүбэлэспитэ уонна трансплантологияны бигэтик сайыннарарга быһаарбыта. Медицина национальнай киинигэр каадырдары аттаран туруорууга уларыйыылар тахсыбыттара. Миигин өрөспүүбүлүкэ кылаабынай трансплантологынан анаабыттара уонна бу салаа сайдыытын бырагырааматын оҥорорбор сорудахтаабыттара. Онон, биир идэлээхтэрбин кытары 2019 сылга диэри суоттаммыт сайдыы бырагырааматын оҥордубут. Бырагыраама дьаһаллара түһүмэхтэринэн бараллар. Ол иһигэр, кадавернай бүөрү көһөрүү эпэрээссийэтин тоҕо эрэ быйыл от ыйыгар былааннаабытым. «Трупный донор» диэн тылтан куота сатыыбыт. Тоҕо диэтэххэ, наһаа үчүгэйэ суохтук иһиллэр. Ол иһин, «посмертнай донор» эбэтэр «кадавернай» диибит. Кырдьык, элбэх үлэни ыыттыбыт. Ол нэһилиэнньэҕэ эрэ буолбакка, мэдисиинэ уопсастыбаннаһыгар биллибэккэ хаалбыта. Медицина национальнай киинин уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа эмчиттэрэ ыам ыйыттан үөрэнэн, бэлэмнэнэн барбыппыт. Кадавернай бүөрү көһөрүү эпэрээссийэтигэр анал биригээдэ донор базатыттан – 2 №-дээх балыыһаттан мэйиитэ өлбүтэ бигэргэммит киһиттэн уорганын ылар. Кини көһөрүүгэ наадалаах уорганнара эмсэҕэлээбэтэх буолуохтаахтар. Уорганы ылыы 323-с сокуон 66 ыстатыйатынан көҥүллэнэр. Биллэн турар, биһиги нэһилиэнньэбит аҕыйах. Онон уорганы көһөрүү эпэрээссийэтэ, Арассыыйа элбэх мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх киин куораттарыгар тэҥнээтэххэ, элбэҕэ суох буолуоҕа. Ол да буоллар, уопсастыба көмөтүнэн, бырабыыталыстыба үпкэ уонна тэрээһин боппуруостарыгар өйөбүллэринэн элбэх ыарыһаҕы быыһыахпытын баҕарабыт. Маныаха сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр уопсастыба уонна эмчиттэр икки ардыларыгар далаһа буолуохтаахтар. Өлбүт киһи уоргана киниэхэ наадата суоҕун, ол оннугар кини уоргана атын киһини быыһыырын, олоҕун уһатарын өйдөтүөхтээхпит. Испанияҕа нэһилиэнньэ 80 бырыһыана өлөн баран донор буолуон сөбүн өйдүүр. Кинилэргэ таҥара дьиэтигэр киирэргэр «Бэйэҕин кытта уоргаҥҥын илдьэ барыма, эйиэхэ наадата суох» диэн сурук ыйанан турар буолар.

Муҥутуур уһукка тиийии баара

Кадавернай бүөр эпэрээссийэтигэр ордук ханнык түһүмэххэ ыарахаттары көрүстүгүт?

– Мин үлэлээбитим тухары 70-тан тахса ыарыһахха бүөрү көһөрдүм. Бу маҥнайгы кадавернай эпэрээссийэҕэ бэлэмнэнии, тэрээһин өттүгэр ыарахаттары көрүстүбүт диэн тута этэбин. Ыксаллаах, бэл муҥур уһукка тиийии мүнүүтэлэрэ бааллара. Холобур, түүн 3 чааска лабораторияҕа эрийбиппэр уорганы биэрэр уонна ылар киһи төһө сөп түбэһэллэрин бигэргэтэр бүтэһик Cross-Match анаалыс тута кыаллыбатаҕа (техническэй алҕастарынан, иккис сатамматах анаалыс этэ). Дьэ, бу кэмҥэ суһаллык быһаарыныы ылыныахха наада этэ. Тоҕо диэтэххэ, мэйиитэ өлбүт киһи ханнык баҕарар кэмҥэ сүрэҕэ тохтоон хаалан (биологическая смерть), уорганнара көһөрүүгэ туһата суох буолуохтарын сөп. Бу процедура олус элбэх бириэмэбитин уонна сырабытын ылбыта.

Ыарыһаҕы хайдах талбыккытый?

– Уопсайынан, диализка 300-чэ киһи сылдьар. Кинилэртэн уорганы көһөрүү эпэрээссийэтэ оҥоһуллуон сөптөөх бөлөх тэриллэр. Манна ханнык да инфекцията суох, быардара ыалдьыбатах, искэнэ суох, уйулҕалара кэһиллиитэ суох, уо.д.а. ыарахан ыарыыта суох дьон сөп түбэһэр. Тоҕо диэтэххэ, эпэрээссийэ кэнниттэн ыарыыны утары охсуһар күүһү хам баттыыр ыарахан препараттар ананаллар.

Кадавернай бүөр уонна уорганы ылааччы (реципиент) икки логустан итэҕэһэ суох сөп түбэһиилээх буолуохтаахтар. Онон үс эрэ киһи сөп түбэспитэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ бэйэтэ аккаастаммыта (хомойуох иһин, саамай кини сөп түбэһэр этэ). Икки киһи хаалбыта. Боротокуол быһыытынан, икки уорганы ылбыппыт. 2 №-дээх балыыһаттан донор баарын туһунан иһитиннэрии кэлбитигэр лаборатория чинчийиилэрин саҕалаабыппыт. Ханнык да техническэй алҕастар оҥоһуллубаттарын туһугар балыыһаттан пробиркалаах хааны бэйэбит баран ылбыппыт. Сөп түбэһэр биир эрэ киһи хаалбытыгар, бүөр эксплантациятын саҕалаан, хотуттан сылдьар эдэр ыарыһахха уорганы көһөрбүппүт. Эпэрээссийэ 3,5 чаас устата барбыта. Билигин ыарыһахпыт туруга үчүгэй, уопсай балаатаҕа көһөрбүппүт.

Сылайбыппын билбитим

Уустук уонна инники былааннары торумнуохтаах эпэрээссийэ бүппүтүн кэннэ аан бастаан туох санаалар киирбиттэрэй?

  • Сылайбыппын билбитим. Тоҕо диэтэххэ, түүнү быһа тэрээһин үлэтинэн дьарыктанан баран, аны эпэрээссийэҕэ киирбитим. Дьиҥинэн, мэлдьи буоларын курдук, уустук эпэрээссийэҕэ ылыстахпыт дии. Өр кэмҥэ бэлэмнэммит буолан, туохха барытыгар бэлэм этибит. Сүрүннээн, тэрээһин уонна техническэй өттүлэрэ долгуталлара. Уопсайынан, хирург ханнык баҕарар эпэрээссийэҕэ бэлэм буолуохтаах. Кини бэйэтин дьайыыларыгар бэлэмнээҕэр 100 бырыһыан эрэллээх буолуохтаах, хирург син биир сапер курдук үлэлиир. Эпэрээссийэ кэмигэр чуолаан илиилэриҥ үлэлииллэр, төбөҥ илииҥ тугу гынарын көрөр. Ити мин тус санаам.

Аны быары көһөрүү эпэрээссийэтэ оҥоһуллуо

Инники былааннарыҥ?

– Аны донортан быары көһөрүү эпэрээссийэтин оҥорор ыра санаалаахпын. Ол кыалларыгар эрэллээхпин. Биригээдэ бэлэм, техническэй өттүнэн эмиэ хааччыллыылаахпыт. Быары көһөрүү эпэрээссийэтэ 2017 с. былааҥҥа турар.

Альберт Иванович, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

Кэргэним Римма Иннокентьевна Бүлүүттэн төрүттээх, Гуманитарнай институт научнай үлэһитэ. Кыыспыт Алина Медицина институтун туйгуннук бүтэрбитэ, ординатураҕа терапияҕа үөрэммитэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа терапияҕа отделениетыгар үлэлиир. Күтүөппүт Степан эмиэ эмчит. Мединституту бүтэриэҕиттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһаҕа хирург-стоматологынан үлэлиир. Сиэммит Алик 5 саастаах.

Альберт Иванович, түбүктээх үлэҕиттэн быыс булан, бириэмэ анаабыккар махтал. Уорганы көһөрүү эпэрээссийэлэрин ситиһиилээхтик оҥорон, элбэх киһиэхэ эрэл кыымын саҕа сылдьыҥ.

Ельцинниин үөрэммитэ

Альберт Васильев Чурапчыга төрөөбүтэ. Аҕата Иван Федотович Васильев Уус Алдантан төрүттээх. Сахалартан аан бастаан инженер-тутааччы үөрэҕин бүтэрбиттэртэн биирдэстэрэ. Ураллааҕы политехническай институкка кэлин дойду бэрэсидьиэнэ буолбут Борис Ельцины кытта бииргэ үөрэммитэ. Кинилиин волейболга биир хамаандаҕа оонньоон тураллар.

Ийэтэ Полина Михайловна Горнай улууһуттан төрүттээх. Дьахтар таҥаһын тигэр маастар, оройуон сэбиэтин дьокутаата этэ.

Альберт Иванович куоракка улааппыта, 8 №-дээх орто оскуоланы бүтэрэн баран, СГУ медико-лечебнэй факультетыгар киирбитэ. 1988 с. бүтэрэн, куораттааҕы клиническэй балыыһа базатыгар хирургия отделениетыгар аатырбыт хирург Иван Романов салайыытынан үлэтин саҕалаабыта. 1997 сылтан Медицина национальнай киинигэр хирурунан үлэлээбитэ. 2000 сылтан трансплантация эпэрээссийэлэрин оҥорор.

Надежда ЕГОРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0