Бу күннэргэ “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар бэрт дьикти ааттаах ааптар кинигэтэ күн сирин көрдө. Ол эбэтэр, “Томпо үрэх таабырына” саҥа кинигэ ааптара – Альберт Гринпис.
edersaas.ru
Альберт Гоголев-Альберт Гринпис саҥа кинигэтин ааҕааччыларга олунньу 26 күнүгэр Б.Ойуунускай аатынан литература мусуойугар ыытыллыбыт “Мимуоза” салон тэрээһинигэр билиһиннэрдэ. “Көмүөл” кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ Борис Павлов Альберт Гринпис былыр-былыргыттан саха тылын сүмэтэ үөскээбит уонна көрдөөх тыллаах-өстөөх дьоннорунан уратылаах Кириэс Халдьаайыга төрөөбүт-үөскээбит буолан, тыла-өһө норуокка чугаһынан сөбүлэтэрин бэлиэтээтэ.
500 ахсаанынан тахсыбыт кинигэҕэ ааптар 15 сыл устата кыра-кыралаан суруйбут айылҕа, булт туһунан кэпсээннэрэ киирбиттэр. Манна даҕатан эттэххэ, Альберт Гринпис уонна СӨ норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов ийэлэрэ — бииргэ төрөөбүттэр. Егор Петрович Альберт Гоголев бастакы кэпсээнин ааҕан баран: “Туйахпын хатарар уол тахсыыһыккын”, — диэн сэмэйдик хайҕаабыт.
“Кириэс Халдьаайы — саха суруйааччылара уутуйан үөскээбит үтүөкэн сирдэрэ. Манна биһиги бастакы суруйааччыбыт Федор Винокуров-Даадар, саха бастакы дьахтар суруйааччыта Анастасия Сыромятникова, СӨ норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов, П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Дмитрий Кустуров, саха ааҕааччыларыгар биллэн-көстөн иһэн, соторутааҕыта олохтон туораабыт бэйиэт Егор Старостин-Байаҕантай төрөөбүттэрэ. Кириэс Халдьаайы — саха тыла-өһө былыр-былыргыттан төрүт үөскээбит сирэ. Өссө биир уратытынан олус көрдөөх тыллаах-өстөөх, дьээбэни-хообону өрө туппут, наар бэйэ-бэйэлэрин үөрэ-көтө хаадьылаһар дьоннооҕо буолар. Дьэ, оннук дойду. Ол да иһин, Альберт тыла-өһө эмиэ “норуодунай”, дьон ол иһин кинини сөбүлүүр. Кини кинигэтэ бэчээттэнэ да илигинэ, кинигэттэн матымаары, 80-ча киһи харчытын эрдэттэн аҕалан биэрдэ”, — диэн дойдутун уонна биир дойдулаахтарын туһунан киэн тутта кэпсээтэ.
Альберт Гринпис дойдутун маанылаах айылҕатыгар улааппыт уонна күнү-дьылы билгэлиир идэлээх буолан, кэпсээннэрэ итэҕэтиилээхтэр, умсугутуулаахтар. Кини сэмэй үлэлэрин аан бастаан социальнай ситимнэргэ, чуолаан батсаапка, суруйан ыыппытыгар, дьон-сэргэ олус сэҥээрбит, кэрэхсэбиллээх кэпсээннэрин кинигэ оҥорон таһаарарыгар сүбэлээбит. Онон, Альберт Гринпис бастакы кинигэтэ күн сирин көрөн, ааҕааччыларын улаханнык үөртэ.
Ааптар бу иннинэ хатырыктаах ардах түһэрин түһээбитин туһунан эппитигэр: “Ол аата кинигэҥ ситиһиилэнэрин түһээбиккин”, — диэн тойонноотулар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru