Оо, ый барахсан! Былыр-былыргыттан ыллаатылар ини, ыллаабатылар ини улуу да, кыра да омуктар уус тылланыахтара, дорҕоонноох тойуктаныахтара! Тапталга ылларбыт ньуулдьаҕай уҥуохтаахтар уһун түүн устата, эрэйгэ барбыт дууһаларын ийэ сирбитин эргийэ көтөр уһурбах ыйга тэҥнээннэр, ытаан-ыллаан биэрбиттэрэ…
Ким эдэр буолбатаҕай, ким уус аҕылга умсугуйбатаҕай? Ыйы ымыы оҥостон ыллаатыннар эбээт – эдэр саас, романтика…
Аны Жюль Верн фантаст саҕалаан, өссө ол да инниттэн буоллаҕа буолуо, сиринэн эрэ кэмнэммэт улуукаан өйдөөхтер ыйы атын хараҕынан көрөн барбыттара – киһи аймах инники кэскилигэр, дьоллоох олоҕун туһугар, үөрэх-билии өрөгөйдөөһүнүгэр туһанар сыалга туһалаабыттара буолуохтаах…
Өйдүүбүн 1957 сылы, утуйар ууну умнан туран, биһиги советскай бастакы аргыс чаҕылыҥнас сулустары быыһынан сэргэхтик кыламнаталаан ааһарын умсугуйа одуулаһарбытын…
Оттон 1961 сыл сааһа. Оо, өрөгөйдөөх да кэм этэ! Мин санаабар аан дойду норуоттарын үөрүүтүн омунуттан сир дьиһигис гыммыттааҕа! Космос дьиҥниэ халҕанын биһиги советскай киһибит, көннөрү колхозтаах уола Юрий Гагарин, истиҥнтэн истиҥ, ыраастан ыраас мичээринэн ньиргиччи ааспыта эбээт.
1959 сыл. Ыйга сыыйыллыбыттара сытыы советскай космическай хараабыллар, ийэ дойду эйэлээх гербэтин халлаан ол орон эттигин ньууругар туруору аспыттара…
Советскай космонавтар уонна американскай космонавтар сөҕүмэрдик көтүүлэрин; ол былыргы, аныгы ырыаһыттар уйулҕалаах тойуктарын; өркөн өйдөөх ученайдар муҥурун булларбатах үөрэхтэрин баччааҥҥа диэри долоҕойугар туппатах ханнык эрэ Джон Харрисон диэн Англия Бизнесмена бу күннэргэ туох баар болҕомтотун ыйга, ый барахсаммытыгар туһулаабыт үһү. Киһи да син эҥини истэр ээ, ол тымныы майгылаах-сигилээх омук тойоно сыаҕа сууламмыт сүрэҕэ билигин үгүрүө курдук куһугуруу мөхсүбүт: «Бэйи ити ыйга киһи атаҕа үктэнэр күннээх эбит да буоллаҕына, ыйы ким да урут баһылыах баҕайыный?»
Джон Харрисон, американецтар ыйы эргийэ көппүттэрин истээт, иннэни ыйыстыбыт курдук аймаммыт «проблематын» ырытан дьэҥкэрдээри, бэйэтин фирматын юристара «кымньыыламмыт кэриэтэ» күнүстэри-түүннэри көлөһүннээх үлэҕэ түспүттэр. Оннук добун биричиинэтин, күндү ааҕааччылар, бука, сэрэйдэххит буолуо. Ону да тус бэйэтэ омук прессатыгар аһаҕастык билиммит үһү бу аҕыйах хонуктааҕыта: «Бу тэрийэн ыыттарар үлэм кэскилэ суох буолуон табыллыбат» диэбит эрэмньилээхтик кини, — Багамскай арыылар обоччонон көрөн турдахтарына, дьоннор кинини учаастагын атыылаһан ылан оҥостон бараннар, билигин кинилэр байдылар-мультимиллионер буоллулар эбээт.
О, һо-һо, ол иһин даҕаны. Көр эрэ, өйүкэтин, кини киһи. Джон Харрисон биэс тарбаҕыныы бэркэ биллэҕэ: ый ньууругар сирдээҕи эттик ыйааһына алта төгүл чэпчиирин. Суоттаатаҕа: сирдээҕи табаар сыаната онно да чэпчэки буолуохтаах диэн. Аҕыйах харчынан ый эрэйдээҕи ким-хайа иннинэ атыылаһа охсон ылан, мультимиллионер солотугар тиксээри соруннаҕа. Кини наука өрөгөйүн, киһи баһыламматах кыаҕын мэнэгэйдээх ымсыы, хараҕынан баһылла сытар бараммат кыһыл көмүстүү кылааттар эбит буоллаҕа. Кини түүлүгэр даҕаны ол лирическэй настарыанньалаах ыйбыт барахсан, күтүр баҕайы көһөҥө манньыат буолан төкүнүйэ уһуннаҕа, ымманыйа-ымманыйа маачыктаан ахан эрдэҕэ…
Оо, дьэ, Ый барахсан. Баччааҥҥа диэри түүҥҥү ыйдаҥаҥ сырдыга буолаҥҥын, сандаарыйан бэйэҥ, аны туох-туох буоларыҥ хаалбата? Капитал туолбат маҕалайдаахтара халлааҥҥа харбаһалларыттан дьиксинэн, бэл итальянскай кинорежиссер Джузеппе де Сантис: «Советскай киһи космоска төһөнөн үрдүккэ ыттан иһэр да, оччоҕуна эрэ дьоннор сиргэ үчүгэйдик уонна дьоллоохтук олороллорун эрэнэ саныахтарын сөп», — диэн бэрт сөпкө суруйбуттаах. Кырдьыга да оннук.
А.Егоров
“Эдэр коммунист”, 1964 сыл, тохсунньу 10 күнэ