Альберт Бүлүүйүскэй: «Киһи көттө!»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

– Киһи көттө!
Сыччах бу икки тыл
Кэрэтик кулҕаахпар иһилиннэ,
Сааскы сөрүүн сибиэһэй тыал
Сайа охсон түөспэр билиннэ.

– Киһи көттө!
– Ханна?
– Космоска!
Кэрэтик да кулҕаахпар иһилиннэ.
Сити иккиэйэх көннөрү тылга
Биһиги улуубут өссө билиннэ!

Ийэ сир эргийэр кииниттэн
Ракета-тэргэн ньиргийдэ,
Куйаар халлааны дьөлө үүттээн
Космос тимир халҕаны тэлэйдэ.

Ол тэргэни ат курдук миинньэн
Улуу киһи аан бастаан көттө.
Сир планетатыттан тэлэһийэн,
Халлааны биһиэхэ сүгүрүттэ.

История саҥа сирэйин аһар
Ити дьикти ракетаны уһаарда
Киһи-аймах сырдыкка талаһар
Килбиэннээх мындыр өйө-санаата!

– Киһи көттө!
– Ханна?
– Космоска!..
Үөрүүлээх гимн ньиргийэн иһилиннэ.
Сити иккиэйэх көннөрү тылга
Биһиги улуубут өссө билиннэ.

Альберт Бүлүүйүскэй,

12.04.61

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0