АЛЬБЕРТ БҮЛҮҮЙҮСКЭЙ: «ДОҔОТТООР, МИН СИР ТЫЫННААХ КИҺИТЭБИН!”
Илиибэр күн сирин саҥа көрбүт саха литературатыгар бэлиэ миэстэни ылар, бэйэтин кэмигэр чаҕылхай бэйиэт быһыытынан биллибит Альберт Егоров-Бүлүүйүскэй «Доҕоттоор, мин Сир тыыннаах киһитэбин!» диэн кинигэтин тутан олоробун. Бэйиэт хоһоонноро, ыстатыйалара, күннүктэрэ суруйсуулара түмүллэн киирбит 500 сирэйдээх дьоһун кинигэни Анетта Егорова хомуйан оҥорбут, сүүрэн-көтөн таһаартарбыт.
ХАРА БАРТЫБЫАЛ КИСТЭЛЭҤЭ….
– Анетта Андреевна, бастатан туран, маннык улахан кинигэ күн сирин көрбүтүнэн эҕэрдэлиибин. Хайдах, туох санаанан салайтаран бу кинигэни таһаарбытыҥ туһунан сэһэргэһиэххэ эрэ. Эчи, аан тылыҥ даҕаны «Аан тыл эбэтэр хара бартыбыал кистэлэҥэ» дэммитэ киһи интэриэһин тута сөрөөн тардар!
– Итини мин оҕо эрдэхпинээҕиттэн саҕалаан быһаарыым. Альберт Егоров-Бүлүүйүскэй мин биир дойдулааҕым, Сунтаар улууһун Кутаната. Оскуолаҕа киириэм иннинэ уҥа өттө босхоҥ, инбэлиит киһи биһиэхэ кэлэн хонон барарын, дьонум кинини Аалбар диэн ааттыылларын, ытыктыырдыы сыһыаннаһалларын, хайдах да туруктаах кэллэр үөрэ-көтө көрсөллөрүн, сороҕор ийэм кини таҥаһын сууйан-сотон, абырахтаан биэрэрин өйдүүбүн. Биһиги ийэлээх аҕабыт элбэх оҕолоох буоланнар, кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыстыылаах, үөрэҕи-билиини өрө тутар дьон этилэр. Аҕам Андрей Кириллович Бүлүүйүскэйи дириҥ билиилээх, олоҕу-дьаһаҕы, аан дойдуну киэҥник анаарар, чычаас өйдөөх киһи сатаан тэҥнэһэн кэпсэппэт киһитэ диирэ. Ийэм Вера Петровна олоххо көхтөөх позициялаах буолан, улуус хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ этэ, инньэ гынан, Бүлүүйүскэйдиин алтыһар тиэмэлэрэ элбэҕэ, өссө Альберт ийэм туһунан «Дьоруой Ийэ аттестат ылла» диэн ыстатыйаны «Кыымҥа» таһааран турардаах. Кэлин биллэххэ, Альберт Бүлүүйүскэй бас билэр дьиэтэ-уота суох буолан, бэйэтин курдук аҥаардас дьоҥҥо дьукаахтаспыт. Биир кэмҥэ Алексей Иванов-Уһун Өлөксөй диэн оҕонньорго олорбут, олоҕун кэлиҥҥи сылларыгар Кутанаттан хас да биэрэстэлээх Маар Күөл диэн учаастакка, сопхуос пиэрмэтин дьиэтигэр Николай Меркурьевич Афанасьев кырдьаҕаска эҥээрдэспит. Мин кини Кутанаҕа ол Маар Күөлтэн киирэрин өйдүүр эбиппин.
– Оттон ити хара бартыбыал?
– Бүлүүйүскэй бэйэтиттэн төрүт араарбат хара бартыбыаллаах буолара. Онно хоһооннорун укта сылдьар дииллэрэ. Кини 36 сааһыгар сылдьан, 1979 сыллаахха сайын өлбүтэ. Ол кэнниттэн били бартыбыала сүппүт үһү диэн үһүйээн курдук иһиллэр буолбута. Мин улаатан үрдүкү кылаастарга тахсан, хоһоон, уопсайынан айар үлэ диэн тугун син удумаҕалаан билиэхпиттэн ол бартыбыалга баар хоһооннору көрүөхпүн, ааҕыахпын наһаа баҕарар буолбутум. Өссө тохсуска үөрэнэ сылдьан Николай Меркурьевич уола Попов Володялыын ол бартыбыалы Маар Күөлүнэн, Кутананан, Сунтаарынан сылдьан көрдөөбүппүт, Бүлүүйүскэйи кытары алтыспыт дьоннортон сураспыппыт да, хантан булуохпутуй?
– Оо…
– Ол эрээри, дойдутун дьоно-сэргэтэ талааннаах уолларын үчүгэйдик саныыр буоланнар, кини кумааҕыларын ыспакка, сыа-сым курдук тутан уура сылдьыбыттар! Кутана орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учуутала Трофим Кириллин-Күндүмэн 1984 сыллаахха А.А.Иванов-Күндэ музей-дьиэтин тэрийбитэ. Кини онно Бүлүүйүскэйгэ сыһыаннаах матырыйаалы хомуйарын истэннэр, бэйиэт доҕотторо, аймахтара биирдиилээн матырыйааллары биэртэлээбиттэр. Альберт таайын иччитэх турар дьиэтиттэн Трофим Семенович интэринээт оҕолорун кытары биир дьааһыкка хааламмыт Бүлүүйүскэй архыыбын булбут. Онно хоһооннор, суруктар, күннүктэр, уруһуйдар, суруйааччылар илии баттаан бэлэхтээбит кинигэлэрэ, хаартыскалар бааллара үһү, ол гынан баран, били кэпсээҥҥэ киирбит хара бартыбыала суох эбит. 1987 сыллаахха кыһын Николай Меркурьевич Бүлүүйүскэй хас да хоһооннордоох тэтэрээтин, ол иһигэр Расул Гамзатов сонеттарын тылбааһа массыыҥкаҕа бэчээттэммитин аҕалан туттарбыт.
Оттон «сүппүт быһыылаах» дэммит хара бартыбыалы Бүлүүйүскэй бииргэ төрөөбүт балта Лидия Семеновна Григорьева биэрбит, онно эмиэ хоһооннордоох болокунуоттар, күннүктэр, суруктар бааллар эбит. Бэйиэт быраата Герман Семенович Егоров өссө эрдэ ол бартыбыалтан сорох докумуоннары ылан Николай Васильевич Егоровка биэрбитин, Николай Васильевич мусуойга туттарбыт. Ити курдук, аймахтарын уонна доҕотторун көмөтүнэн Альберт Бүлүүйүскэй архыыба (төһө көстүбүтүнэн) чөкөтүллүбүт.
400-ТЭН ТАХСА ХОҺООН!
– Бүлүүйүскэй тыыннааҕар хоһоонноро төһө бэчээттэммитэй?
– Сүрүннээн хаһыаттарга бэчээттэммиттэр, ону таһынан, 1968 сыллаахха эдэр суруйааччылар айымньыларын хомуурунньугар, «Чэчир» кассетаҕа, «Уоттаах түннүк» диэн кинигэтэ тахсыбыт, онно 17 хоһооно киирбит. Ол иһин Трофим Семенович муспут матырыйаалларынан саха норуодунай бэйиэтэ Семен Титович Руфовы кытары «Дойдубар мин тыыннаах эргиллиэм» диэн Альберт Бүлүүйүскэй хоһооннорун хомуурунньугун бэлэмнээн, 2003 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар таһаартарбыта, онно 206 хоһоон киирбитэ. 2008 сыллаахха А.Н.Шадринаны-Суоһааныны, Н.Н.Алексеевы кытары «Тыыннаахтардыын тыыннаах курдук кэпсэтэ…» диэн ахтыылар кинигэлэрин бэчээттэппитэ. 2015 сыллаахха Бүлүүйүскэй Гамзатов сонеттарын тылбаастаабытын таһаартарбыта. Антонина Христофорова Бүлүүйүскэй олоҕун, айар үлэтин чинчийбит дипломнай үлэтигэр олоҕуран, 2013 сыллаахха «Ырыа өлбөт анала» диэн кинигэни бар дьонугар ууммута.
Чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан, Альберт Бүлүүйүскэй 400-тэн тахса суруйуулаах, онтон сороҕо мэлийбит эбэтэр ханна эрэ ууруллан баран, умнууга сытар буолуон сөп. Аны ити үс кинигэ тахсыбытын үрдүнэн архыыбыгар төрүт бэчээттэммэтэх эбэтэр хаһыатынан эрэ муҥурдаммыт айымньы өссө да элбэх эбит. Бу туһунан мин ааспыт кыһын Кутанаҕа командировкаҕа тиийэ сылдьан, Трофим Семенович огдооботуттан, Зоя Григорьевнаттан, истибитим. Кини биһикки Бүлүүйүскэй туһунан үгүһү кэпсэппиппит, мин кинигэ таһаарыытыгар үлэлиирбин билэр буолан, Зоя Григорьевна бу дьыалаҕа ылсарбар көрдөспүтэ, Трофим Семенович хараҕын харатын курдук харыстаан уура сылдьыбыт матырыйаалларын – Бүлүүйүскэй хоһоонноох тэтэрээттэрэ, суруктара, күннүктэрэ, хаартыскалара угуллубут били хара бартыбыалын – туттарбыта. Күндэ мусуой-дьиэтин дириэктэрэ Капитон Николаевич мусуойга харайыллан сытар Бүлүүйүскэй эрдэтээҥҥи рукопистарын көрдөрбүтүн сканердаан ылбытым. Ол түмүгэр, бу кинигэ күн сирин көрдө. Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх дииллэр, оччотугар оҕо сылдьан көрдөөн баран булбатах хара бартыбыалым миэхэ тиксиэхтээх кэмигэр тигистэҕэ.
ИККИ ОЛУК – ИККИ КЫНАТ
– Чахчы да интэриэһинэй эбит! Оччотугар ол хоһооннор илиинэн суруллан сылдьалларын көмпүүтэргэ бэйэҥ талан киллэрдэҕиҥ дии? Дьэ, улахан үлэни көрсүбүккүн. Мин бу кинигэни аахтым, астынным, Бүлүүйүскэй айар үлэтин түһүмэхтэринэн арааран сааһылаабыккын, аан тылыҥ бэйэтэ научнай хабааннаах диэтэххэ, омуна суох буолуо.
– Кинигэ икки олуктан турар. Бастакы олукка хара бартыбыалтан ылыллыбыт матырыйааллар киирдилэр, иккис олук биир дойдулаахтар ахтыыларыгар, бэйиэт төрдүн-ууһун сырдатыыга ананна.
Альберт Егоров хоһоонноругар бастаан ийэтин аатынан «Дьэлиэнэ уола» диэн илии баттыыр эбит, 1959 сылтан «Альберт Бүлүүйүскэй» диэн псевдонимы ылыммыт. (Ол туһунан бэйэтэ суруйбута кинигэҕэ киирдэ). Уҥа өттө босхоҥ буолан, хаҥас илиитинэн суруйар киһи диэтэххэ, буочара үчүгэйдик ааҕыллар итиэннэ бэчээккэ бэлэмнээн илдьэ сылдьыбыт быһыылаах, хоһооннорун «үрүҥэр» таһаарбыт, биир-икки эрэ хоһоон «харанан» сылдьар. Аны хас биирдии хоһоонун, атын да айымньыларын хаһан, ханна суруйбутун бэлиэтиир үгэстээх эбит. Арай, бэрт аҕыйах хоһоон, ол иһигэр ырыа буолбут «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай», хаһан суруллубуттара биллибэт. Бу хоһоону Кутанаҕа үөрэнэ сылдьан, 1962 сыллаахха саас, эдэр талааннар өрөспүүбүлүкэтээҕи мунньахтарыгар куоракка бара сылдьан суруйбут буолуохтаах.
– Хоһооннорун таһынан Альберт Бүлүүйүскэй тылбаастара, суруктара, күннүктэрэ киллэриллибитэ, өссө төрүччүтэ баара кинигэ ис хоһоонун бэркэ байыппыт.
– Бүлүүйүскэй эпистолярнай нэһилиэстибэтэ, күннүктэрэ болҕомтолоохтук ааҕар киһиэхэ элбэҕи кэпсииллэр, бэйиэт тус олоҕун, ону сэргэ саха литературатын, култууратын оччотооҕу туругун, айар интэлигиэнсийэ эйгэтин арыйаллар. Бүлүүйүскэй хараҕынан.
Кинигэ «Доҕоттоор, мин Сир тыыннаах киһитэбин!» диэн баара эрэ 20 саастааҕар суруйбут «Мин бүгүн эдэрбин» диэн сонеттарыгар баар строка тылларынан ааттанна. Хара бартыбыалтан ити сонеттары тус бэйэтин илиитинэн суруйбута көстөн, кинигэҕэ киллэрилиннэ. Бүлүүйүскэй эдэркээн сааһыгар сонет курдук классика уустук киэптээх айымньытыгар болҕомтотун уурбута, тылы-өһү дэгиттэр баһылаабыта мээнэҕэ буолбатах эбит. Кини 1974-1975 сыллардаахха Расул Гамзатов сонеттарын тылбаастаабыта. Талааннаах бэйиэт сонет уратытын, эстетикатын итиэннэ ааптар тыынын толору биэрэргэ кыһаммыт уонна ол соругун толорбут.
Чэ, мантан ордугу кэпсээбэппин, кинигэ күн сирин көрдө, ааҕааччы дьүүлүгэр таҕыста.
Альберт Бүлүүйүскэй кыра сааһыттан ыарыһах буолан, олоххо тардыһар күүһү айар үлэҕэ булбута, күлүм гынан ааспыт олоҕор Поэзияны үҥэр таҥара оҥостубута. Поэзияҕа таптала кинини олоххо кынаттаабыта. Поэзияҕа таптала кинини бар дьонугар тилиннэрдэ.
АЛЬБЕРТ БҮЛҮҮЙҮСКЭЙ ХОҺООННОРО
ДОЛГУННАР
Эрэһэ долгуннар
Эппэҥнии сыталлар,
Харылыы-барылыы
Тыаһыыллар, усталлар,
Күлүмнүү-дьиримнии,
Түллэҥнии сырсаллар.
Кытылы кэлэннэр
Кууһаллар, тэйэллэр,
Көбүөхтүү долгуйан
Дьиэрэҥкэй тэбэллэр,
Ардыгар уоскуйан
Талбаара усталлар.
Санаабар долгуннар,
Бу көмүс долгуннар,
Бу үйэ көҥүлүн
Уруйдаан ыллыыллар,
Бу олох күндүлүн
Айхаллаан тыаһыыллар.
1958 с.
КҮҺҮН
Түүн ахсын кырыа суорҕанынан
Үллүммүттэр халтаҥ хонуулар.
Сүлүүдэ таастаах хаппаҕынан
Бүрүммүттэр чуумпу уулар.
Хатыҥнар сайын бааммыт
Хасыыҥкаларын устаннар
Алтан кырааскаҕа ымньаммыт
Араҕас былааты бааммыттар.
1959 с.
КЫҺЫН
Тулам харах ыларынан
Тунал хаары бүрүммүт.
Аралыйар ырааһынан
Айылҕабыт күлбүт-үөрбүт.
Кыһыҥҥыбыт кыраһата
Кылбачыйарын көрөбүн,
Айылҕа баай кырааската
Аҕыйаабатын сөҕөбүн.
1959 с.
* * *
Ыраастан ыраас таҥаһы
Киртитэртэн сэрэнэҕин.
Ыраастан ыраас хаары
Кэһэртэн сэрэнэҕин.
Тэтэркэй сибэккини
Тэпсиэххин куттанаҕын,
Кэрэттэн кэрэни
Киһилии аһыйаҕын.
Ыраастан ыраас тапталы
Ол курдук харыстыыгын…
Эдэргэр сырдык ааты
Эн эмиэ харыстыыгын.
1961 с.
ХАЛЛААН МУҤУРА
Күөх халлааны муҥурдаммат
Куйаарынан ааттанар
Мөлүйүөнүнэн сулус умсар
Байҕалыгар холууллар.
Таптыыбын түүннэри тахсан,
Халлааны одуулуурбун.
Тугу эрэ дьаныһаммын
Көрө сатыыр курдукпун.
Ийэ сиртэн чаҕылыйан
Сып-сырдык уот субуллар.
Хабыр тыаһы үктэллэнэн
Ыраах үөһэ куһуурар.
Халлааммыт муҥура суоҕун
Бигэргэтэн да эрдиннэр, –
Эдэр сүрэх өрө омуннуран,
Сайдыы күүһүн эрэнэр.
Дьолго өссө тардыһаммыт
Сулустарга айаннаан,
Ханна тиийэн, кыахпыт эстиэ –
Онно халлаан муҥурданыа!
1962 с.
УОТТААХ ТҮҮҤҤҮ ДЬОКУУСКАЙ
Тыһыынчанан уот лаампалар
Тырымнаһа умайдылар,
Асфальт иэннээх уулуссалар
Арылыйа сырдаатылар,
Тула сырдыыр,
Сүрэх ыллыыр:
”Тоҕо бэрдэй,
Үчүгэйэй –
Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай!”
“Харахтарын” уоттарынан
Хараҥаны миинньиктээннэр
Халтарыһан, сырылаһан,
Массыыналар элээрдилэр,
Тула сырдыыр,
Сүрэх ыллыыр:
“Тоҕо бэрдэй
Үчүгэйэй –
Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай!”
Үстүү-түөртүү этээстэмммит
Үрдүк, сүдү, маҥан дьиэлэр
Түүнү үүрэн күлүмнээбит
Түннүктэрэ күлбэхтииллэр,
Тула сырдыыр,
Сүрэх ыллыыр:
“Тоҕо бэрдэй
Үчүгэйэй –
Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай!”
Хантан эрэ ырыа-тойук
Халаан курдук доллоһуйар,
Күнүстээҕэр да хойуутук
Көрдөөх ыччат субулдьуһар,
Тула сырдыыр,
Сүрэх ыллыыр:
“Тоҕо бэрдэй
Үчүгэйэй –
Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай!”
Саха вальса болуоссакка
Салгын устун намылыйар,
Майаак курдук, хоту сиргэ
Мааны куорат сандаарыйар,
Тула сырдыыр,
Сүрэх ыллыыр:
“Тоҕо бэрдэй
Үчүгэйэй –
Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай!”
* * *
Ардах астар сибикитэ
Бэлиэр биллэ оҕуста.
Халлаан киэҥ иэнин киэргэтэ
Аалай кустук курдаата.
Мустан сиэркилэ буолаары
Сылаас сыркылар сүүрдүлэр,
Онно көрүнэ сатаары
Сибэккилэр үмүөрдүлэр.
Ардах бүтэһик этиҥэ
Ырыых-ыраах ньириһийэр.
Солко сэбирдэх тэлимэ
Биллэн ааһар мин иэдэспэр.
Үчүгэйин ньии, Сир ийэм,
Ардах кэнниттэн тыынарыҥ,
Хайдах эрэ имниин кэйэн
Эдэргэр түһэ турарыҥ…
1962 с.
* * *
Үчүгэй да этэ ол сайын…
Эн биһи дьаарбайа сылдьарбыт.
Ойууртан чэбдик тыал илгийэн,
Кынаттаах кэриэтэ хаамсарбыт.
Сибэкки кылаллан турарын
Эйиэхэ биэрээри төҥкөйдүм:
“Сэрэниий, үүннүнүүй…” – диэн баран,
Мин диэки истиҥник көрбүтүҥ.
Лыах көтө сылдьарын тутаары,
Илиибин арааран испиппэр:
“Көттүнүүй, көҥүлүн кытары…” –
Илиибин туппутуҥ илиигэр.
Күөх хатыҥ күлүгэр киирэммин,
Уоскуттан уураары гыммыппар:
“Доҕоччуок, күн көрүө дии…” – диэҥҥин,
Сипсийэн эппитиҥ кулгаахпар.
Үчүгэй да этэ ол сайын…
Эн биһи дьаарбайа сылдьарбыт.
Ойууртан чэбдик тыал илгийэн,
Кынаттаах кэриэтэ хаамсарыбыт.
1964 с.
Бэлэмнээтэ Раиса СИБИРЯКОВА, edersaas.ru