«Алампалаах буоламмыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүктэннэ (ВИДЕО)
Сэтинньи 1 -14 күннэригэр А.И.Софронов-Алампа төрөөбүтэ 134 сылыгар «Алампалаах буоламмыт…» айар талааннаахтар, ааҕар дьоҕурдаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустара төрдүс төгүлүн ыытылынна.
Күөн күрэскэ барыта 211 киһи Алампа өлбөт-сүппэт айымньыларын куйаар ситиминэн дорҕоонноохтук аахтылар. Күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтар ааттарын ылбыттар электроннай грамотанан, харчы бирииһинэн наҕараадаланнылар.
Алампа драмаларыттан быһа тардан толорууга барыта 14 киһи кытынна, ол иһигэр 4 оҕо.
Улахан дьоҥҥо:
1 миэстэ — Харайданова Ирина Ивановна, Томпо улууһа, Кириэс- Халдьаайы. «Таптал» драматтан. «Кэтириис» монолога.
2 миэстэ — Харайданова Валентина Петровна-эбэ Валя, Таатта улууһа. Дьохсоҕон нэһилиэгэ. «Олох дьэбэрэтэ» драматтан.
3 миэстэ — Попова Елизавета Семеновна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Майа сэлиэнньэтэ. «Эргэ сүктэр кыыс»
Оҕолорго драматтан быһа тардан толорууларга:
1 миэстэ — Кыыдаана Боярова. «Олох оонньуура».Мэҥэ- Хаҥалас. Мэлдьэхси нэһ. 11 кылаас үөрэнээччитэ.
2 миэстэ — Наташа Семенова. «Дьадьаҥы Дьаакып». Мэҥэ Хаҥалас улууһа. Бүтэйдээх сэл.
3 миэстэ — Дая Неустроева. Томпо улууһа. Кириэс- Халдьаайы. «Таптал» драматтан.
Хоһооҥҥо 159 киһи кытынна. Итинтэн улахан дьон — 53, оҕо — 106 .
Улахан дьон ааҕыыларыгар:
1- кы миэстэ — Потапов Афанасий Дмитриевич, Ньурба улууһа. Маалыкай, «Төрөөбүт дойду».
2-с миэстэ — Готовцев Спиридон Гаврильевич, «Төрөөбүт дойду» Чурапчы улууһа. Сылаҥ.
3-с миэстэ — Прокопьева Вера, «Оһох» Кэбээйи улууһа.
1-2-3-4 кылаас оҕолорун ааҕар бөлөҕөр:
1 миэстэ — Кулешова Карина, «Аанньал уонна абааһы», Мэҥэ-Хаҥалас, Майа, 2 «а» кылаас үөрэнээччитэ.
2 миэстэ — Егорова Дайаана, «Доҕоруом», Таатта улууһун Уолба орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ.
3 миэстэ — Баишева Таня, «Саҥа Дьыл» Таатта улууһа, Н.Д. Неустроев аатынан Уус — Таатта орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээчччитэ.
5-6-7-8 кылаас оҕолорун ааҕар бөлөҕөр:
1 миэстэ Слепцова Сандаара. «Доҕоччугуом». Томпо улууһа, Кириэс- Халдьаайы орто оскуолатын 8 кылааһын уерэнээччитэ, сал. Слепцова А.А.Павлов Г.К.
2-с миэстэ — Корнилова Мира, «Ыччат сахаларга», Эдьигээн улууһа, Кыстатыам орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.
3- с миэстэ — Дьячковскай Дима, «Саха ырыата», Амма улууһа, В.Г.Короленко аатынан Амма 1 ньүөмэрдээх оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, сал. Тылбыкова Нь.Н., Никифорова Т.Е.
9-10-11 кылаас оҕолорун ааҕар бөлөҕөр:
1-кы миэстэ — Павлов Вася, «Дьол икки сор икки», Сунтаар улууһа, Бордоҥ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
2-с миэстэ — Прокопьева Снежана, «Утуйа сытан баттаппыт», Томпо улууһа, «Герой Ф.М. Охлопков» аатынан Кириэс- Халдьаайы орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.
3-с миэстэ — Павлов Толя, «Аан дойду ахтылҕана». Таатта улууһа, Ытык-Күөл, «А.И.Софронов-Алампа» аатынан 1 ньүөмэрдээх оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ.
Алампа чаҕылхай кэпсээннэриттэн ааҕыыга барыта 38 киһи кытынна, ол иһигэр 23 оҕо.
Улахан дьон Алампа кэпсээннэриттэн ааҕыыларыгар:
1 миэстэ Федорова Марианна Владимировна. «Куокуну» орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала. «Баччаҕа тиийиэххэ.
2 миэстэ Лавернова Раиса Еремеевна. Өлүөхүмэ оройуонун Кыыллаах нэһилиэгин Далбарайыттан. «Сүллүүкүн кэпсээнэ».
3 миэстэ Анна Александровна Слепцова. Томпо улууһа, Кириэс- Халдьаайы. «Дьүһүн кубулуйумтуо».
1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ ааҕыыларыгар:
1 миэстэ- Ноговицына Маша 4″б» кылаас. 38 №-дээх оскуола Дьокуускай куорат. Салайааччы Михайлова Надежда Клавдиевна. «Сүллүүкүн» кэпсээнэ» быһа тардыы.
2 миэстэ — Николаева Сайаана, 3 «б» класс, Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 ньүөмэрдээх оскуолата. «Кэпсээн»
3 миэстэ — Семенов Давид, Бүлүү улууһун Чинэкэ орто оскуолатын 4с кылааһын үөрэнээччитэ. «Куоратчыт».
5-8 кылаас үөрэнээччилэрин ааҕыылалыгар:
1 миэстэ — Лейла Мекюрдянова, Томпо оройуона, Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатын 5 кылааһын уерэнээччитэ. «Куораччыт». Салайааччы: Слепцова Анна Александровна
2 миэстэ — Уйгу Новикова, «В.Г.Короленко» аатынан Амма 1 №-дээх оскуолатын 6″б» кылааһын үөрэнээччитэ. «Сүллүүкүн кэпсээнэ». Салайааччылара Никифорова Туйаара Егоровна,Тылбыкова Ньургустана Николаевна.
3 миэстэ — Вася Стручков, Ньурба оройуонун «М.В. Мегежекскэй» аатынан Маалыкай орто оскуолатын 7″б» кылааһын үөрэнээччитэ. «Куоратчыт».
9-10-11 кылаастар үөрэнээччилэрин ааҕыыларыгар:
1 миэстэ — Аня Павлова, Сунтаар улууһун Бордоҥ орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ «Сүллүүкүн кэпсээнэ». Салайааччылара Никитина Анна Михайловна, Павлова Сусанна Николаевна.
2 миэстэ — Наташа Семенова, Мэҥэ- Хаҥалас. Бүтэйдээх орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ. «Сүллүүкүн кэпсээнэ».
3 миэстэ — Андреева Милена, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майатааҕы лицей 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
«Дьүһүн кубулуйумтуо».
Алампа айымньыларын сүгүрүйээччилэригэр — кыайыылаахтарга
1 миэстэни ылбыт ааҕааччыларга — 1000 солкуобай.
2-3 миэстэлэри ылбыттарга -500 солк. харчынан бириистэр ыытыллыахтара.
Көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар истиҥ махталбытын тэрийээччилэр ааттарыттан тиэрдэбит.
Дьүүллүүр сүбэ: М.И.Ефимова — «Куорсун» айар түмсүү чилиэнэ, айар-суруйар дьоҕурдаах, оҕолорго — 5, улахан дьоҥҥо — 1 кинигэлэрдээх. В.В.Пинигина-Арылы — «Куорсун»айар түмсүү чилиэнэ, айар-суруйар дьоҕурдаах, 2 кинигэ ааптара. А.В.Константинова — Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта.
Күрэһи тэрийдилэр: Таатта улууһун, Дьохсоҕон нэһилиэгин «Алампа»аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ.(директор Жараева И.С)
М.Петров аатынан Дьохсоҕон нэһилиэгин бибилэтиэкэтэ (сэбиэдиссэй Другина Г.Н).