Алампа аатынан бириэмийэ олохтонуохтаах

Бөлөххө киир:

П.А. Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр «АлампА» ААТ (айар аймах түмсүүтэ) диэн култуура, ускуустуба, литература, тыйаатыр үлэһиттэрин түмсүүлэрин бастакы улахан тэрээһинэ буолла.

edersaas.ru

Тэрээһиҥҥэ П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыстарын толорууларыгар Алампа хоһоонугар дьүһүйүүнү, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын «Үрүҥ туллук мөлбөстүүр» ырыаны тыыннаах доҕуһуолунан толоруутун иһиттибит. Режиссер Михаил Лукачевскай туруорбут «Куоратчыт» киинэни көрдүбүт. Аан дойдуга тахсыбыт, Пусан киинэ бэстибээлигэр сүрэхтэммит «Саха кино: мир магической природы и мифов» ыстатыйалар хомуруунньуктарын туһунан ааптар, киинэ продюсера Сардаана Саввина кэпсээтэ.

Анемподист Софронов-Алампа кэриэс тылыгар суруллубутун курдук, төрөөбүт күнүгэр, сэтинньи 14 күнүгэр, сыл аайы кини аатынан бириэмийэ олохтоноругар хамсааһын баран эрэрин туһунан Олоҥхо тыйаатырын толорооччу-дириэктэрэ Мария Турантаева иһитиннэрдэ. Онуоха түмсүү аатыттан айар куттаах дьон эйгэтигэр маннык анал ааттары олохтуурга этии киллэрдэ:

Бастыҥ драматург, суруйааччы”, “Бастыҥ режиссер”, “Бастыҥ артыыс”, “Бастыҥ худуоһунньук”, “Бастыҥ муусука айааччы”, “Бастыҥ киинэ үлэһитэ”, “Бастыҥ мэссэнээт”, “Бастыҥ идэтигэр бэриниилээх”, “Бастыҥ кириитик, суруналыыс”.

Тыл билимин хандьыдаата, ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун литература хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Валентина Семенова:
Ыччаттар ис сүрэхтэриттэн Алампа аатын өрө тутан, маннык тэрилтэ тэринэн эрэллэрэ үөрүүлээх да, хайҕаллаах да суол. Былаан быһыытынан, ый аайы араас тэрээһиннэр ыытыллыахтаахтар. Улуу суруйааччы аатын үйэтитэргэ дьулуһар үлэлэрин биһиги өйүүргэ, күүспүт, кыахпыт баарынан көмөлөһөргө бэлэммит. А.И. Софронов төрөөбүт норуота сайдарын туһугар кэмэ суох элбэҕи үлэлээбитэ умнуллуо суохтаах.

Ефим Степанов, СӨ норуодунай артыыһа:

Киһи аата ааттанарын тухары, бэйэтин кэнниттэн хаалларбыт айымньылара дуу, оҥоһуктара дуу умнуллуохтарын иннинэ маннык тэрээһини ыытар, бэлиэтээн ааһар хайаан да наадалаах. Биһиги хайа эрэ өттүнэн Алампа бэйэтин кэриэһин толоробут. Хомойуох иһин, билигин даҕаны аата дьиҥнээхтик ааттана илик. Алампа наһаа сэмэй киһи эбит. Өлбүтүн кэннэ төһө эмэ уһун кэм ааста даҕаны, кини аата, нууччалыы эттэххэ, ханна да «пробивайся» гыммакка сылдьар. Ордук кини хоһооннорун, лирикатын, айымньыларын аахтахпытына, хайдахтаах да өрө көтөҕүллүүлээх айымньытыгар ханан эрэ санаа түһүүтэ охсуллан ааһарын өйдүүгүн.
Андрей Борисов көҕүлээн, 1980-с сылларга Николай Лугинов «Алампа» айымньытынан тыйаатырга испэктээк турбутугар Алампа оруолун оонньообутум. Кэриэс суругун онно туттубуппут. Суругар «Мин ааппынан бириэмийэтэ олохтооҥ” диэн суруйбута баара. Бу тэрээһин барыта ону олоххо киллэрэргэ ананар”.

Тэрээһиҥҥэ Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай, тыл билимин хандьыдаата Валентина Семенова, СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцев, Саха тыйаатырын сүрүн бибилэтиэкэрэ Лена Тимофеева, Cаха сирин  Суруйааччыларын cойууһун чилиэнэ, бэйиэт, литератураны ырытааччы, тылбаасчыт Николай Винокуров-Урсун о.д.а. кыттыыны ыллылар.
Сүдү суруйааччыбыт Анемподист Иванович Софронов-Алампа кэриэһэ олоххо киирэр кэмэ кэллэ, маннык бириэмийэ олохтоноро уолдьаста.

Ангелина КУЗЬМИНА “Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0