«Алампа — мин сүрэхпэр» киэһэни тэрийдилэр

Ааптар: 
24.11.2016
Бөлөххө киир:

 “Хотугу сулус” оҕо телерадиоакадемията, “Хоһоон суһума” поэзия түмсүүтэ, ХИФУ саха литэрэтиирэтин салаатын үлэһиттэрэ, култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы үнүстүүтэ, “Алампа” уопсастыбаннай түмсүү кыттыһан, көрөөччүлэргэ “Алампа – мин сүрэхпэр” диэн бэрт истиҥ биэчэри бэлэхтээтилэр.

Бу тэрээһин саха биллиилээх бэйиэтэ, драматура, прозаига, саха литэрэтиирэтин төрүттээбит дьонтон биирдэстэрэ, тылбаасчыт, литэрэтииринэй кириитик, уопсастыбаннай диэйэтэл Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 130 сылыгар ананна.
“Муус хайа” култуура, сынньалаҥ киинин киэҥ саалатыгар эдэриттэн кырдьаҕаһыгар тиийэ дьон тоҕуоруһа муһунна. Алампа айымньытын сүгүрүйээччилэрэ итии үүттээх чэйдээх сандалы тула олорон, саха поэтессалара Наталья Михалева-Сайа, Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо, Ангелина Шадринова-Суоһааны, Любовь Горохова-Сүүмэх, ХИФУ культурология салаатын магистраннара ирэ-хоро кэпсэттилэр. Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы үнүстүүтүн устудьуоннара хоһоон аахтылар, саха эстрадатын биллэр ырыаһыттара Владимир Заболоцкай, Саарын, Эрхаан, Виталий Очиров ырыаларын бэлэхтээтилэр. Россия уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Раиса Кулаковская “Улуу олох” диэн ырыаны толорон, мустубут дьон сэҥээриитин ылла. Итиэннэ аҕатыттан Реас Алексеевич Кулаковскайтан истибитин: “Аҕам Алампаны “Оо, Алампа бархсан…” диэнтэн уратытык ааттаабат этэ. Алампа туһунан кыра эрдэҕиттэн суруйара. 13 сааһыгар Тааттаттан соҕотоҕун хас да хонук айаннаан атынан киирэн, Алампаҕа түһэн ыалдьыттаан, кэпсэтэн барбыт. Кэлин сыылкаттан кэлбитин кэннэ эмиэ көрсөн турардаах. Киниэхэ аҕатын курдук сыһыаннаһара. Бэйиэт ааҕар, ыллыыр дьонноох буоллаҕына – ол аата тыыннаах”, — диэн санаатын түмүктээтэ.
М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн, саха литэрэтиирэтин кафедратын профессора, филологическай наука доктора В.Б.Окорокова бэлиэтээбитинии, Алампа дьолугар төрөөбүт кыыс, кини олоҕун, айар үлэтин чинчийбит, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһаарбыт Валентина Семенова: “А.И.Софронов-Алампа туһунан олус интэриэһинэй кадрдары Бакуга буолбут тюркологическай сийиэстэн Ю.И.Васильев-Дьаргыстай 1999 сыллаахха булан турар. Мин эмиэ эккирэтиһэн, көрдөөн, Красногорскай куораттан Алампа Наукалар академияларын мунньаҕар сылдьыбыт каадырдарын булбутум. Чинчийэр, көрдүүр бэйэтэ туспа сонордооһун курдук. Ити курдук, дьиҥнээхтик көрдүүр киһиэхэ бэйэтэ көстөн кэлэр эбит. Алампа аатын үйэтитэр туһугар турууласпыт дьон – Г.П.Башарин, Г.Р.Кардашевскай, Сем.П.Данилов, А.А.Билюкина, В.Н.Протодьяконов, Н.Н.Тобуроков, В.Б.Окорокова, Л.Р.Кулаковская уо.д.а. ааттарын хайаан да ахтар наада”, — диэн бэлиэтээтэ. “Хотугу сулус” оҕо телерадиоакадемия дириэктэрэ Татьяна Гоголева: “Маннык тэрээһини аан бастакытын ыыттыбыт. Биллэн турар, маҥнай саҕалыыр дьон быһыытынан, кыра итэҕэстэрдээхпит. Олору инникитин учуоттуохпут дии саныыбыт. Сүнньүнэн, бэркэ ааста. Дьон олус биһирээтэ. “Муус хайа” култуура, сынньалаҥ киинин дириэктэригэр Е.П.Макаровка махталбын биллэрэбин. Инникитин итинник хабааннаах тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытар наада, хоһоон куттаах дьон суохтуур эбит диэн көрдүм”, — диэн этэр.
Бэлиэ түгэн төһө да биирдиилээн түмсүүлэр сүрэхтэрин баҕатынан ыытыллыбытын иһин, бэрт интэриэһинэйдик уонна хайдах эрэ көрөөччү дууһатын уран утаҕын таарыйар уратытык, истиҥник ааста. Манна даҕатан эттэххэ, тэрийээччилэр А.И.Софронов-Алампа аатынан Хоһоон тыйаатырын арыйдар бэрт да буолуох этэ диэн баҕа санааларын биллэрдилэр.

alampa3

Людмила ПОПОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0