Саха литературатыгар лиирикэни, дырааманы төрүттээччи, биир бастакы кэпсээнньит, литературнай кириитик, тылбаасчыт, дэгиттэр талааннаах суруйааччы Анемподист Софронов-Алампа төрөөбүтэ 135 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн, куорат олохтоохторо бэрт дьикти быыстапканы көрдүлэр.
П.А. Ойуунускай аатынан литература мусуойугар сэтинньи-ахсынньы ыйдарга “Алампа эйгэтэ” диэн быыстапка көрдөрүүгэ турар.
Быыстапкаҕа Алампа олоҕун, айар үлэтин сырдатар хаартыскалары, докумуоннары уонна кини тутта сылдьыбыт малларын-салларын өссө төгүл илэ харахпытынан көрөн, суруйааччы кэминээҕи олох түгэннэригэр киирэн ыллыбыт.
Улуута таҕыстар тахсан иһэр
Быыстапка арыллыытыгар Алампа олоҕун, айар үлэтин чинчийээччилэр уонна сырдатааччылар, кини талааныгар сүгүрүйээччилэр, ааҕааччылар уо.д.а. кытыннылар.
Алампа олоҕун, айар үйэтин күн бүгүҥҥэ диэри чинчийэн үөрэтэ, сырдата сылдьар суруйааччы, филология наукатын дуоктара Валентина Григорьевна Семенова Алампаны араас өттүттэн көрөн ырытыахха сөбүн бэлиэтээн туран, кинини прозаик уонна драматург быһыытынан кылгастык кэпсээтэ.
— Анемподист Иванович Софронов олоҕор кэнники кэмҥэ ордук улахан болҕомто ууруллар.
Кини айар үлэтин кэпсээннэри суруйууттан саҕалаабыта. Бэйэтэ тыыннааҕар 83 араас ааттаах айымньыта бэчээттэнэн тахсыбыт эбит. Бу улахан көрдөрүү буолар, онон, ол кэмҥэ саамай элбэхтик бэчээттэммит суруйааччыларга киирсэр. Анемподист Софронов сатирическай кэпсээннэринэн саха литературатын эмиэ байытыспыта, социальнай-психологическай кэпсээннэри эмиэ кини суруйбута.
Алампа саха драматургиятын аҕалаатар аҕатынан, биһиэхэ биллэринэн, 14 бөдөҥ дыраама ааптарынан буолар. Тыйаатыр, дыраама туһунан ыстатыйалары аан бастаан эмиэ кини суруйбута. Саха драматургиятын жанрын олохтообута, аан бастакы сахалыы кэмиэдьийэни суруйбута. Кини тыл улахан маастара этэ. Биллэн турар, саха лиирикэтин кини төрүттээбитэ. «Кини, бастатан туран, драматург дуу, бэйиэт дуу?» — диэн ыйытааччылар. Кини бары өттүнэн өрүү бастакы. Ити курдук, элбэҕи кэпсии туруохха сөп. Тоҕо диэтэххэ, Алампа — киэҥ байҕал. Мин кини айар үлэтинэн дьарыктанан кэллим да, кини киэҥ байҕалыгар биэрэги булбакка булумахтана сылдьар курдукпун. Ол курдук, кини төрдүн-төбөтүн булларбат уонна интэриэһинэйэ диэн, хас кэрдиис кэм аастаҕын аайы кини улуута таҕыстар тахсан иһэр.
Алампа бэлэх чаһыта
Быыстапка аһыллыытын биир соһуччу түгэнинэн (баҕар, сорохторго булумньунан да буолуо) Анемподист Софронов олоҕор сыһыаннаах саҥа экспонат көрдөрүллүбүтэ буолла. Бу быыстапканы сүрүннээн ыыппыт, Литературнай мусуой үлэһитэ Линда Иванова ыҥырыытынан кэлбит Людмила Егоровна Слепцова ураты ахтыыларынан Алампаҕа сүгүрүйээччилэри сэргэхситтэ.
Людмила Егоровна Слепцова – РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Людмила Слепцова — Учууталлар учууталлара, 100 сааһын туолбут Анна Николаевна Жиркова сиэн балта (племянница). Биллэрин курдук, Анна Николаевна Жиркова Алампаны тыыннаахтыы көрбүт дьонтон биирдэстэрэ. Кини суруйааччыны кытары чугастык алтыспыта уонна олоҕун бүтэһик суолугар атаарсыбыта. Аҕата Николай Жирков Анемподист Софроновтыын доҕордоһуулара Испирдиэнэп атыыһыкка үлэлиэхтэриттэн саҕаламмыта. Николай Жирков бииргэ төрөөбүтэ Иван Николаевич Жирков өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин наркома этэ.
Людмила Егоровна кинилэргэ күтүөт буолбут, Литературнай мусуойга үлэлээбит Артур Винокуров Алампа кэминээҕи хаартыскалары хос түһэрэн бэлэхтээн хаалларбытын махтана кэпсээтэ. 1928 сыллаахха Н.Н.Жирков дьиэ кэргэнэ түспүт хаартыскатын илдьэ кэлбит уонна мусуойга бэлэхтээтэ. (Ийэлэрэ Афанасьева Анна Федоровна (Афанасьевтар кыыстара), оҕолоро Надежда, Анна, Коля.
«Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ араас кэриэс маллар, хаартыскалар син бааллар. Урукку өттүгэр быыстапкаларга биэрэн, элбэх сыаналаах малларбытытттан ытыс соттон хаалбыппытыттан хомойобут…
Кэриэс малларбытыгар иккис тыыны биэрэн, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр хаалларабыт. Онон, мин бэйэм төрүттэрбинэн киэн туттабын. Бүгүн, эһиэхэ Алампаны кытта сибээстээх биир малы көрдөрө аҕаллым. Бу 1915 с. Алампа мин эһэбэр бэлэхтээбит чаһыта…», – диэн эмиэ биир күндү малы кэритэ сылдьан көрдөрөн, бүгүн улахан дьолго тиксибит курдук сананныбыт. Буолар буоллаҕа, биир үйэ анараа өттүгэр Алампа илиитигэр сыа-сым курдук тутан, доҕоругар, Людмила Слепцова эһэтигэр Николай Жирковка бэлэхтээбит чаһыта.
Людмила Егоровна: «Мин оҕо бэйэм өйдүүрбүнэн, бу чаһы куруук эһэм оронун үрдүгэр ыйанан турааччы, көмүс сыаптаах этэ. Аһыллар чаһыга «от Анемпо» диэн суруйбут. Эһэм Алампаны быһах төбөтүнэн суруйбут быһыылаах диирэ. Бу чаһы биһиэхэ куруук эһэбитин саната сылдьар, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ баран иһэр кэриэс мал. Мин эдьиийим Анна Николаевна Жиркова Алампаны көрбүтүнэн, эбээм Анна Федоровна Афанасьева эмиэ алтыһа сылдьыбытынан киэн туттабын», – диэн кэпсээтэ.
* * *
Кэлбит дьон мусуой иккис этээһигэр бэлэмнэммит быыстапканы көрөн олус астыннылар. Манна туох баарын кэпсээн кэбиһимиим… быыстапканы бэйэҕит илэ хараххытынан көрөн сэргээҥ, астыныҥ.
Улуу классикпыт Алампа төрөөбүтэ 135 сылын бэлиэтээһин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллыбатаҕын да иһин, норуот бэйэтэ, өрөспүүбүлүкэ улуустарга киниэхэ сыһыаннаах олус элбэх тэрээһиннэри ыыттылар. Бу барыта норуот Алампаҕа тапталын көрдөрөр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas. ru