Сэтинньи 14 күнэ. Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах суруйааччы, уһулуччулаах уопсастыбаннай диэйэтэл Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүт күнэ.
Бу күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна ускуустубатын айар талааннаахтарыгар «Алампа» аатынан бириэмийэни 5-с төгүлүн Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Бириэмийэ номинациялара Алампа бастакынан ылсыбыт хайысхаларынан олохтоммуттара. Кини -– бэйиэт, прозаик, драматург, тыйаатыр бастакы кириитигэ, бастакы дириэктэрэ.
Култуура уонна ускуустуба салаатын бастыҥнарыгар туттарыллар “Алампа” бириэмийэ кыайыылаахтарын уопсастыбаннас уонна айар сойуустар бэрэстэбиитэллэрэ талаллар. Кыайыылаахтар ааттарын урут арыый эрдэ иһитиннэрэр буоллахтарына, быйыл кимнээх өрөгөй чыпчаалын билиэхтэрин тэрийээччилэр бу долгутуулаах күҥҥэ диэри кистэлэҥҥэ туппуттара.
Долгутуулаах киэһэни «Саха» НКиК хампаанньа ыытааччыта Георгий Белоусов иилээн-саҕалаан ыытта. Кыайыылаахтарга бириистэри -– биллиилээх маастар Николай Чоччасов оҥорбут статуэткаларын ааспыт сыллардааҕы бириэмийэлэр лауреаттара туттараннар, ситим быстыбатын, Алампа аата үйэлэргэ ааттанарын туһугар бары биир санаанан үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьалларын кэрэһилээтилэр.
Бириэмийэни туттарыыга Алампа хоһоонноро, ол иһигэр аан дойду 32 тылынан тылбаастаммыт хоһооно, дорҕоонноохтук ааҕылыннылар, бириэмийэ лауреаттарын үлэлэрин сырдатар театральнай дьүһүйүүлэр көрдөрүлүннүлэр.
«Алампа» аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара:
«Уран тыл» – филология наукатын доктора Варвара Окорокова;
«Кылаан дьүрүскэн айааччы» -– мусукаан Николай Михеев;
«Өрөгөйдөөх өйөөөччү» — Матвей Евсеев (Арктик Капиталы» төрүттээччи);
«Дэгиттэр режиссер» – Саха тыйаатырын режиссера Сергей Потапов;
«Чаҕылхай артыыс» – Саха тыйаатырын артыыһа Иннокентий Луковцев;
«Чаҕылхай артыыска»-– Олоҥхо тыйаатырын артыыската Ньургуйаана Маркова;
«Бастыҥ ырыа айааччы» — Уйбаан Тулааһынап;
«Дархан ойууһут» Александр Манжурьев;
«Киинэ эйгэтин чыпчаал үлэһитэ» – Иннокентий Сивцев («Сахафильм);
«Алампаҕа сүдү бэриниилээх» – Михаил Протодьяконов (Чөркөөх түмэлин сэбиэдиссэйин э.т.).
«Кинилэр угуйар сулус буолуохтара»
Ем.Ярославскай аатынан түмэл Чөркөөхтөөҕү салаатын сэбиэдиссийин э.т., «Алампа» аатынан бириэмийэ олохтонуутугар сүдү кылаатын киллэрбит, суруйааччы көмүс уҥуоҕун дойдутугар таһаарбыт норуотугар улахан өҥөлөөх Михаил Александрович Протодьяконов:
-Алампабыт аата ХХI үйэҕэ кэлэн дорҕоонноохтук ааттана турара олус долгутуулаах. 1935 сыллаахха орто туруу бараан дойдуттан букатыннаахтык бараары уһугулаан сытан, быраата Былатыан Ойуунускайга этэн, кини илиитинэн кэриэс сурук суруллубута. Кэриэс суруктан киһи долгуйар. Тоҕо диэтэххэ, бу олохтон бараары сылдьар киһи саамай тиһэх санаатын, салҕыы хайдах буоларын, туох баҕалааҕын тириэрдэр. Кини баҕа санаата тугуй? Олохтообут Сахатын тыйаатыра сайдыан баҕаран, дыраама бастыҥ айымньытыгар кини аатынан бириэмийэни олохтуурга, ол аата саха литературата, олоҥхото, ырыата-тойуга, ускуустубата, култуурата сайдарыгар, чулуу айымньылар айыллалларыгар баҕа санаатын түмэн этэр. Соҕотох биир көрдөһүүтэ — ити кэриэһэ этэ.
Ону, хомойуох иһин, 80-тан тахса сыл устата биир кэриэһин кыайан толорбокко сылдьан бараммыт, ХХI үйэ эдэр интэллигиэннэрэ, айар сойуустара, артыыстар, режиссердар, Мария Турантаева салайааччылаах «Алампа» уопсастыбаннай тэрилтэни тэрийбиттэрэ. «Кырдьык даҕаны сүрүкэтэ бэрт эбит, биһиги уопсастыбаннай бириэмийэни олохтуоҕуҥ уонна Саха сиригэр, саха норуотугар Алампа аатын төнүннэриэҕиҥ, Адампа кэриэһин толороммут, литературабыт, тыйаатырбыт сайдыытыгар бастыҥ дьоннору ааттаатахпытына, кинилэр угуйар сулус буолуохтара, саҥа саҕахтар арыллыахтара», – диэн бигэ санаалаах үлэлии сылдьаллара олус кэрэхсэбиллээх. Онон «Алампа» айар түмсүү бары чилиэннэригэр, салайааччытыгар дириҥ махталбын тириэрдэбин. 80-тан тахса сыл Алампа кэриэһэ туолбатаҕын бу айар куттаах дьон олоххо киллэрдилэр. Дьоһуннаах бириэмийэ өссө да салҕыы туттарылла турдун, саҥа талааннар арыллан истиннэр».
«Кылаан дьүрүскэн айааччы» номинация кыайыылааҕа, муусукаан Николай Михеев:
-Отут сыл анараа өттүгэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээн Муусука үрдүкү оскуолата аһыллан, бүгүн биһиги үрдүк үөрэхтээх мусукааннар дьоллоох дьоннорбут, бары үлэлээхпит. Бастакы ректорбытыгар Василий Босиковка уонна композитордар сойуустарыттан аатыттан барыгытыгар улахан махталбын этэбин».