“Алампа” бириэмийэ саҥа талааннары арыйар

05.11.2019
Бөлөххө киир:

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, бэйиэт, публицист, эрэдээктэр Анемподист Иванович Софронов-Алампа аатын үйэтитэр сыаллаах «Алампа» уопсастыбаннай бириэмийэ быйыл аан бастаан, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр — сэтинньи 14 күнүгэр «Арассыыйа – мин устуоруйам» мусуойга туттарыллыаҕа.


Бу бириэмийэ, тэрийээччилэр этэллэринэн,  Саха сирин бары айар сойуустарын, түмсүүлэрин —  суруйааччылары, худуоһунньуктары, киинэ, тыйаатыр үлэһиттэрин, муусука айааччылары сомоҕолуур, холбуур бириэмийэ буолуоҕа.

Санатан эттэххэ, маннык номинациялар бааллар: “Бастыҥ худуоһунньук”, “Бастыҥ суруйааччы” – тылбаасчыттар, тыйаатыр кириитиктэрэ, “Бастыҥ меценат” – тыйаатырга көмөлөһөр, артыыстары өйүүр дьон, “Бастыҥ муусука айааччы, композитор” – манна мелодистар эмиэ кытталлар,  “Бастыҥ драматург”, “Бастыҥ режиссер”,  “Бастыҥ артыыс” – дьахталларга, эр дьоннорго тус-туһунан, “Киинэ эйгэтигэр үлэтин иһин”, о.д.а.

  • Бу идиэйэ үөскээбитэ, дьиҥэр, ыраатта. Биир саамай көҕүлээччинэн бары ытыктыыр киһибит самодеятельнай композитор Виталий Тимофеевич Андросов этэ…  Онтон, бу кыһын “Алампа” диэн Егор Неймохов кинигэтин ааҕан баран, биир идэлээхтэрбин кытта сүбэлэһэн, “Алампа” айар аймах түмсүүтүгэр, Алампа кэриэһин толорон, аатын үйэтитэр бириэмийэни олохтуоҕуҥ, диэн этии киллэрбиппит. Биһигини биир бастакынан “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ, сүрүн эрэдээктэр Родион Кривогорницын  өйөөбүтэ үөрдэр. Алампа эрэдээктэрдээх “Манчаары” сахалыы тыллаах бастакы судаарыстыбаннай хаһыат утумнааччытынан чуолаан “Саха сирэ” хаһыат буолар. Суруйааччылар, худуоһунньуктар – бу өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан тэриллибит айар сойуустар биһигини эмиэ истиҥник өйүүллэр, — диэтэ сэтинньи 5 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ СӨ Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччы Мария Турантаева.

Оттон Саха сиринээҕи Тыйаатыр диэйэтэллэрин (СТД) сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Айаал Аммосов, Тыйаатыр сылыгар, Сомоҕолоһуу сылыгар төрүттэммит бу бириэмийэ өҥөтүнэн, баҕар, биһиэхэ даҕаны  Айар сойуустар дьиэлэрэ баар буолуоҕар эрэлбит күүһүрэр, диэтэ.

Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Елизавета Мигалкина суруйааччылар бу идиэйэни өрө көтөҕүллүүлээхтик көрсүбүттэрин бэлиэтээтэ уонна ол үөрүүтүн “Ыччат сахаларга!” диэн Алампа хоһоонун дорҕоонноохтук, иэйиилээхтик ааҕан,  бигэргэттэ.

Пресс-кэмпириэнсийэни “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Родион Кривогорницын иилээн-саҕалаан ыытта:

  • Дойдуга Тыйаатыр сылын биир саамай сүрүн суолталаах түгэнинэн, сэтинньи 14 күнүгэр «Арассыыйа – мин устуоруйам» мусуойга “Алампа” уопсастыбаннай бириэмийэни туттарыы буолуоҕа дии саныыбын. Чуолаан бу  Тыйаатыр уонна Сомоҕолоһуу сылыгар  өрөспүүбүлүкэ айар интэлигиэнсийэтэ, уопсастыбаннас дьиҥнээхтик  түмсэн, сомоҕолоһон, бу бириэмийэни олохтоото, — диэтэ Родион Юрьевич.

Алампа – ол аата бастакы!

“Бастакы” диэн тыл Алампалыын толору дьүөрэлэһэр. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха интэлигиэнсийэтин чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ Алампа Соппуруонап өссө 1907 сыллаахха “Якутский край” хаһыат типографиятыгар бастакы наборщик буолбута. 1912-1913 сылларга “Саха саҥата” бастакы сурунаалга үлэлээбитэ.

Алампа – Саха тыйаатырын бастакы салайааччыта. Кини пьесалара саха национальнай тыйаатырын сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаахтар. “Дьадаҥы Дьаакып”, “Манчаары”, “Бүдүрүйбүт көммөт”, “Олох дьэбэрэтэ”, “Таптал” о.д.а. курдук пьесалара Саха тыйаатырыгар күн бүгүҥҥэ диэри сааланы толору көрөөччүнү түмэллэр.

Оттон 1921 сыллаахха Анемподист Софронов-Алампа — “Манчаары” диэн бастакы сахалыы судаарыстыбаннай хаһыат эрэдээктэрэ. Чуолаан бу “Манчаары” — “Кыым” — “Саха сирэ”  утум-ситимэ тутуһуллан, күн бүгүн  “Саха сирэ”  хаһыат «Алампа» уопсастыбаннай бириэмийэни сүрүн сырдатааччы, информационнай өйөбүлү оҥорооччу уонна тэрийээччилэриттэн биирдэстэринэн буолбута эмиэ бэлиэ.

Национальнай художественнай мусуой төрдө буолбут хартыына галереятын бырайыагын Алампа Былатыан Ойуунускайдыын аан бастаан киллэрбиттэр эбит. Сахалыы бастакы сурунаалы төрүттээччи эмиэ Алампа буолар.

“Үрүҥ Туллук” 

 Саха култууратын, ускуустубатын сайыннарыыга сүҥкэн кылааттаах  Анемподист Иванович Софронов-Алампа 1935 сыллаахха ахсынньы 24 күнүгэр  күн сириттэн барарыгар,  Кэриэс сурук хаалларбыт. Онно кини, литературнай нэһилиэстибэтин Суруйааччы сойууһугар аныырын туһунан итиэннэ гонорарынан бастыҥ драматурдарга анаан, кини аатынан бириэмийэ олохтуурга баҕа санаатын эппит…

Алампа тылларыгар “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” ырыа күн бүгүнүгэр диэри  норуот уоһуттан түспэт  ыраас ТАПТАЛ гииминэ буолар.

Ол иһин кыайыылаахтар — “АЛАМПА” бириэмийэ лауреаттара Алампа мөссүөннээх статуэтканы туталларын тэҥэ “Үрүҥ Туллук” анал бэлиэни түөстэригэр иилиниэхтэрэ.

Татьяна МАРКОВА.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0