Намҥа алаас култууратын сөргүтэллэр (Путин гранын ыларга сүбэлэр)

21.03.2020
Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат ааспыт нүөмэригэр РФ бэрэсидьиэнин гранын Саха сириттэн 25 бырайыак ылбытын туһунан суруйбуппут. Бу сырыыга Нам улууһуттан “Бэйбэрикээн биһигэ” түмсүү “Эрэлбит биһиэнэ – өбүгэ алааһа” бырайыагын туһунан сиһилии кэпсиэхпит.

Хаҥас — Светлана Лукина.

Бу бырайыагы толкуйдаабыт, Олоҥхо ассоциациятын улуустааҕы салаатын эппиэттиир сэкирэтээрэ Светлана Лукина барыта үс граны кыайан ылбыт эбит. 2014 сыллаахха Нам сэлиэнньэтигэр Айыы балаҕанын туппуттар. Кэлин ол Олоҥхо балаҕана диэн ааттаммыт. Тэрис тэрийбит “Кут-сүр” түмсүүтүн кытары үлэлэһэн, Айыы үөрэҕин тарҕаталлар.

Бу дьиэ бастакы этээһигэр саха балаҕаныгар араас тэрээһиннэр, уустары кытары үлэ тэриллэр. Иккис этээһигэр сиэр-туом, алгыс ыытыллар. 2017 сыллаахха РФ бэ­­рэсидьиэнин гранын ылан, бу дьиэ ис бараанын дьиҥ сахалыы тыыннаан оҥорбуттар. ХИФУ культурология хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ Галина Попованы кытары “Нам улууһугар национальнай култуурунай-үөрэтэр эйгэ кэнсиэпсийэтэ” оҥоһуллубут. Бу иннинэ, 2014 сыллаахха “Бэйбэрикээн биһигэ” бырайыак Уһук Илин уокуругун бастыҥ бырайыактарын ахсааныгар киирбитэ.

Аны сахалыы эйгэни кэҥэтэргэ, тарҕатарга сайылыктааһын, алаас култууратын тарҕатыахха диэн санааттан, Светлана Николаевна былырыын эмиэ грант суруйарга санаммыт.

Бэрэсидьиэн гранын ылар төһө уустугуй?

Граны суруйарга Кэлим ресурснай киин үлэһиттэрэ, миэхэ чуолаан Александра Гурьева көмөлөспүттэрэ. Быйыл икки граны кыайдым. Ол эрээри, итинник түгэҥҥэ иккиттэн биирин талыахтааххын.

Бастаан бэрэсидьиэн граннарын пуондатын саайтыгар бэлиэтэнэҕин (регистрацияланаҕын). Оччоҕо эйиэхэ тус кэбиниэт арыллар. Бу кэбиниэккэ сайаапка көрүҥэ тус-туспа илииһинэн бэлэм сылдьар. Холобур, халандаарынан былаан, бырайыак хамаандата, бүддьүөтэ, о.д.а. Ону толороҕун эрэ.

Бырайыак сыалын-соругун үчүгэйдик быһааран, чуолкайдаан суруйар наада. Хайаан да партнердар баар буолуохтаахтар. Биһиги бырайыакпытын улуус дьаһалтата өйүүр, эбии үп көрөр. Ону тэҥэ, тыа хаһаайыстыбатын уонна ыччат, дьиэ кэргэн управлениелара, дьарыктаах буолуу киинэ — бииргэ үлэлэһэр партнердарбыт. Кинилэртэн бигэргэтэр суруктар ирдэнэллэр, саайтка “пдф” көрүҥүнэн, эбэтэр сканердаан киллэрэҕин. Электроннай илии баттааһын ирдэнэр. Биһиги Сбербаан нөҥүө үлэлиибит.

Биир сүрүн ирдэбил – кэмиэрчэскэйэ суох түмсүү 6 ыйтан итэҕэһэ суох үлэлээбит буолуохтаах. Бастаан 500 тыһыынча солкуобайга диэри, кыра суумаҕа суру­йаҕын. Биир сыл кэнниттэн мөлү­йүөнтэн тахсалаах граннарга киирсиэххэ сөп.

Эбии үбүлээһин баар буолуохтаах. Биһиги гранмыт суумата – 499 тыһыынча солкуобай, улуус эбии үбүлээн, уопсайа 648 тыһыынча солкуобай.

Ыарырҕаппытым диэн – сметатын, бүддьүөтүн суруйуу. Манна көрдүүр суумаҥ барыта бигэргэммит, тэрээһиннэргин кытары ситимнээх буолуохтаах. Ороскуотуҥ улахан аҥаара хамнаска барар, манна нолуогу, Биэнсийэ пуондатыгар барар сууматын эмиэ киллэрэҕин. Массыынаны, көстүүмнэри уларсар буоллаххына, сыанатын, ахсаанын, араас бытархай ымпыгын-чымпыгын барытын ааҕаҕын. Ылбыт харчыгын бу аахпыккыттан атыҥҥа ыытыа суохтааххын.

— Үчүгэй баҕайы тиэмэлээх, социальнай суолталаах быра­йыактар кыайтаран, тиксибэккэ хаалаллар эбит дии…

Ити этиллибитин курдук, үксүгэр бүддьүөтүн сыыһа, ситэтэ суох оҥорбуттарыттан. Ситэ бигэргэтиллибэтэх, наһаа улахан харчыны көрдөөн кэбиһэллэр. Биллэн турар, Арассыыйа үрдүнэн элбэх сайаапка киирэр буоллаҕа, куонкурус үрдүк.

Хамыыһыйа бырайыак төһө үлэлиир кыахтааҕын барытын үөрэтэн көрөр – дьаһалта, тэрилтэлэр төһө өйүүллэрин, эбии үбүлүүллэрин, инновационнай, социальнай суолтатын, ханнык уопсастыбаннай кыһалҕаны быһаарарын, уратытын, төһө киһини хабарын, үлэлиир дьон уопуттарын, о.д.а. Онон үлэлэһэр хамаандаҥ дьонун үөрэҕин, идэтин, уопутун барытын суруйаҕын. Өссө биир ирдэбил – аһаҕас буолуохтааххын, ол эбэтэр, социальнай ситимнэринэн үлэҥ хаамыытын сырдатан, таһааран иһиэхтээххин, — диэн Светлана Николаевна кэпсиир.

Патриоттары иитии

Бөдөҥсүтүү баран, алаастарынан, сыһыыларынан тарҕанан олорбут сахалар бөһүөлэктэргэ тоҕуоруһа мустубуппут 70-80 сыл буолла. Өбүгэлэрбит үйэлээх үгэстэрин, ураты сахалыы эйгэни үөскэтэн олорбуттарын төһө кыалларынан сөргүтүөх тустаахпыт.

Алааска олоруу туспа култууралаах – үлэни өрө тутуу, айылҕаҕа сүгүрүйүү, сиэри-туому тутуһуу, ыалынан тэнийэн олоруу, сүөһүнү-сылгыны иитии, бултааһын-балыктааһын, үүнээйини үүннэрии. Алаас култууратын сөргүттэххэ, айылҕаны кытта биир ситимҥэ алтыһан олорбут, умнулла сыспыт төрүт эйгэ үөскүөхтээх.

Бырайыакка 20 ыал – 20 төрөппүт уонна 20 обургу оҕо, ону тэҥэ, 20 үлэтэ суох ыччат хабыллара былааннанар. Алта үөрэтэр сэминээр ыытыллыахтаах.

Кыттааччылар үөрэнэн, үлэлээн көрөн баран, салгыы бу дьарыгы сайыннаран иһиэхтээхтэр. Биирдэ үчүгэйдик тэрийдэххэ, кэнники сылларга да бэйэтэ үлэлии ту­­руохтаах. Нэһилиэктэринэн тарҕаныан сөп. Тыа хаһаайыстыбатын кластера тэриллиэҕэ, сирдэрэ кэҥиэхтээх. Туойунан, отунан-маһынан самааннай дьиэлэр тутуллуохтара, саха ынахтарын иитиэхтэрэ. Оҕолор сайылыкка олорон, сөтүөлээн, күөххэ күөлэһийэн, кыыллардыын алтыһан, улахан дьону кытары үлэлээн-хамсаан, сайыннарын туһалаахтык атаарыахтара.

Күһүн үүнүүлэрин үллэстэн, соҕотуопка оҥостон баран, ыаллар тугу туһаммыттарын туһунан отчуот курдук бырайыак суру­йуохтара. Төһө да  тыа сиригэр олордоллор, оҕолор билигин са­­йылыктан, от-мас үлэтиттэн, ол аата төрүт үгэстэртэн тэйэн сылдьаллар. Кинилэр дьиҥнээх патриот, төрөөбүт сирдэрин хаһаайыннара, сиргэ бигэ тирэхтээх, үлэһит дьон буолан тахсалларыгар бу быра­йыак көмөлөһүөхтээх.

Нам улууһугар 2019 сыллааҕы көрдөрүүнэн, 3189 кыаммат ыал, 647 үлэтэ суох ыччат баара биллэр. Бырайыак кинилэргэ көмөлөһөр сыаллаах.

Бырайыак чэрчитинэн, 1,5 гектар сир ылан, үлэтэ суох ыччакка, кыаммат ыалларга оҕуруот аһын (клубниканы, арбуһу, дыняны) үүннэрэр кыах бэриллэр. Кинилэри биллэр оҕуруотчуттар үөрэтэллэр, химияны туттубакка, айылҕа матырыйаалын туһанан, туһалаах бородууксуйаны ыларга сүбэ-ама биэрэллэр. Тигээйилэри иитэр идэлээх киһи мүөт оҥорорго үөрэтэр. Манна дьарыктаах буолуу, оҕону үлэнэн иитии, иҥэмтиэлээх, сибиэһэй аһынан-үөлүнэн хааччыллыы, экология, кыаммат ыаллар кыһалҕалара быһаарыллаллар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Светлана Лукина архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0