Алаас кистэлэҥэ (кэпсээн)

Ааптар:  Татьяна Куличкина-Дедюкина
29.11.2024
Бөлөххө киир:
Мария Васильева хаартыската, СИА.

Оччолорго Соня уончалааҕыттан сайын холкуоска үлэлээбитэ: хортуоппуй сыыс отун үргүүрэ, оҕуруокка уу кутара. Бэһис кылааһы бүтэрэн баран, аны окко үлэлээбитэ. Ол саҕана чоҥолох алаастары косилканан оҕустараллара, онтон мунньар массыына субурҕатын бугуллаан баран, алаастан алааска көһөн иһэллэрэ. Барытын ат көлөнөн уонна илиинэн үлэлииллэрэ. Өтөхтөргө хоноллоро.

Соня бастаан утаа бугул түгэҕин харбааччынан сылдьыбыта, сайын ортотуттан бугулдьут буолбута. Биригэдьиир кэллэҕинэ, бугулуҥ кыра диэн, көлөһүн күнүгэр икки бугулун биир бугулунан ааҕара.

Сайын ортотун ааһыыта, ойуурун саҕатыттан нэлэччи охсуллубут көнө хонуулаах киэҥ алааска киирбиттэрэ. Халдьаайы өттүгэр балаҕаннардаах,  ампаардардаах, араас хотон, хаһаа тутууларын элээмэлэрэ бааллара. Отчуттар ойуччу турар биир ампаарга тохтоон, малларын киллэрбиттэрэ, таһырдьа кулуһун оттубуттара, солуурдарга чэйдэрин оргута уурбуттара. Мунньар дьон салайааччылара Сэмэн оҕонньор оҕолорго: “Сири-уоту аһатыҥ, наһаа айдаарымаҥ-куйдаарымаҥ”, — диэн сэрэтэрдии эттэ. Чэйдэрэ оргуйбутун кэннэ, ампаар күлүгэр олорон омурҕаннаатылар. Соня өйүөтэ бүтэн, тууйаһын түгэҕэр хаалбыт быыкаа суоратын дуомун иһэн кэбистэ. Онон ас таһааччы эрэ кэлэрин кэтэһэр.

Бары сып-сап аһаабыта буолаат, үлэлээбитинэн бардылар. Соня алааска киирэр аартык чугаһыгар үс бугулу оҥорбута. Салгыы бугуллуу сырыттаҕына, ас таһааччы күн ортотун ааһыыта, дьэ тиийэн кэлбитэ. Отчуттар бары да ас таһааччыны кэтэһэ сылдьыбыт буоланнар, кинини көрөөт, сырсан кэлбиттэрэ. Барыларыгар өйүө кэлэн, үөрэ-көтө, күө-дьаа буолан аһаан барбыттара. Соняҕа эмиэ лэппиэскэ, оҥоойукка арыы, тууйаска суорат кэлбит этэ. Лэппиэскэтин чөмөөрүччү арыылаан, бэрт минньигэстик сии олорбута.

Ол олордохторуна, ас таһааччы кэлбит аартыгынан эмискэ сүүнэ улахан холорук кэлэн, аартык чугаһынааҕы үс бугулу кыырай халлааҥҥа ытыйан таһаарда. Сэмэн оҕонньор: “Ол ким оҥорбут бугулларай?” – диэн хаһыытаата. Соня кутталы кытта нэһиилэ: “Мин”, — диэтэ.

— Сиргин аһаппытыҥ дуо?

— Суох.

— Түргэнник аһата оҕус! – диэн оҕонньор хаһыытаата.

Соня үс тооромос лэппиэскэни арыылаан кулуһуҥҥа биэрдэ. Өйүгэр туох киирбитинэн ботугуруу-ботугуруу суоратыттан сиргэ ыста. Ити аата, мааҕын өйүөтэ бүтэн, сирин аһаппатаҕын бырастыы гыннардаҕа.

Киэһэлик алаас арҕаа өттүгэр оҕолор бугуллуу сылдьан, лаглаҕар хатыҥнар аттыларыгар наһаа дириҥэ суох үс оҥкучах курдук хаһыллыбытын муодаргыы көрдүлэр. Киэһэ аһыы олорон: “Ити хатыҥнар аттыларыгар туох оҥхойдорун хаспыттарай?”, — диэн, Сэмэн оҕонньортон ыйыттылар. Онно оҕонньор маннык кэпсээтэ:

— Былыр бу алааска элбэх сүөһүлээх-астаах кыанар ыаллар олорбуттара. Аҕалара кыһын Бодойбонон эҥин эргинэр быһыылааҕа. Онтон холкуостааһын саҕана баайын-дуолун былдьаан ылан, кулаак оҥорбуттара. Көмүһүн кистээбитэ буолуо диэн, онно-манна хаһан көрбүттэр да булбатахтар этэ. Өлөөрү сытан биир эрэнэр киһитигэр: “Биһиги сыдьааммыт, тоҕус саастаах мыылай маҥан тулаайах уол оҕо, күн тахсыыта, тоҕус эриэннээх кыһыл талаҕынан мин этэр сирбин үстэ-оҕустаҕына кыһыл көмүс манньыаттар кылбачыс гына түһүөхтэрэ”, — диэн кэриэһин эппит.

Кини сыдьаана Тостор Бааска буолуон сөп эбит да, сааһа ыраатан хаалбыт, диэн оҕолор таайа сатаабыттара.

“Дьон олорбут алаастарын аайы төһөлөөх ыал олоҕун кистэлэҥэ сөҥүөрэн сытара буолуой?”, — диэн, Соня кыыс арааһы саныы сытан, күнүскү түбүктээх үлэттэн сылайан, утуйан хаалбыта.

+1
13
+1
2
+1
1
+1
1
+1
3
+1
2
+1
4