«Алаас хотуттара» уон сылларын бэлиэтээтилэр

Бөлөххө киир:

Кулун тутар 2 күнүгэр сарсыарда эрдэттэн Өлүөнэ эбэнэн Уус Алданныыр суол хайысхатынан араас мааркалаах массыыналар субуллан олордулар. Буолумуна даҕаны, бу күн улууска өрөспүүбүлүкэ таһымнаах 7-с тэрээһин ыытыллыахтаах. Олортон биирдэстэрэ – “Алаас Хотуна” дьахталлар түмсүүлэрэ тэриллибитэ 10 сылын бэлиэтээһин.

edersaas


«Алаас Хотуна» түмсүү үбүлүөйдээх тэрээһинэ “Социальнай бэлиитикэни олоххо киллэриигэ дьахталлар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин оруола” диэн мунньахха ананна. Манна Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Чурапчы, Хаҥалас, Уус Алдан уо.д.а улуустар, Дьокуускай куорат дьахталларын сэбиэттэрин салайааччылара, чилиэннэрэ уонна көхтөөх дьахталлара ыҥырылыннылар.
Ыалдьыттары аҕыйах сыллааҕыта аһыллыбыт, аныгылыы көстүүлээх «Офис» киинигэр көрүстүлэр.

АЛААС “БУРУОЛУУ СЫЛДЬАР” КИНИГЭТЭ

“Алаас Хотуна” 5 сыллаах тэрээһинигэр үлэлэрин-хамнастарын туһунан видео-киинэ устан үйэтиппит буоллахтарына, 10 сыллаах үбүлүөйдэригэр “Алаас Хотуна” кинигэ-альбому сүрэхтээтилэр.
Истиҥ-иһирэх сүрэхтэниини Уус Алдан улууһун култууратын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы, уопсастыбаннай тэрилтэлэри сүрүннүүр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Лена Павлова иилээн-саҕалаан ыытта.
“2009 сыллаахха улууспутугар өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллан, алаас хотуттара национальнай култуура сайдыытыгар олук уурбуттара. “Майаҕатта Бэрт Хара” стадиоммутугар дьоммут-сэргэбит сахалыы симэнэн, маанытык таҥнан, сэргэхтик туттан киирбиттэрин биһиги бары астына, дуоһуйа көрбүппүт. Оччотооҕу бэрэсидьиэн Вячеслав Штыров ыһыах тэрээһинин “туйгунунан” сыаналаан, күүспүтүгэр күүс эппитэ.
“Алаас Хотуттара” түмсүү быһаччы көрдөһүүтүнэн, саха балаҕана улуус, нэһилиэк дьаһалталарын, дьокутааттар өйөбүллэринэн уонна норуот күүһүнэн 9 ый иһигэр тутуллубута. Балаҕаммытын “Түһүлгэ” духуобунай уонна култуура сайдыытын киинэ” диэн ааттаабыппыт. Онон үлэлииргэ-хамсыырга, салгыы сайдарга усулуобуйа тэрилиннэ, усулуобуйа баар буоллаҕына — ирдэбил баар. Нэһилиэкпитигэр 15 түөлбэ, 25 уопсастыбаннай түмсүү чилиэннэрэ бу кииҥҥэ кэлэннэр, түмсүүлээхтик үлэлииллэр”, — диэн Лена Павлова кылгастык сүрүн хамсааһыннары сырдатта.
Оттон Ытык сүбэ актыыбынай чилиэнэ, СӨ дьахталларын ХIII сийиэһин дэлэгээтэ, кинигэни хомуйсан оҥорбут Галина Иванова-Айтыына:
Ханнык баҕар түмсүү бэйэтин үлэтин түмэн, кинигэ таһаарар буоллаҕына, үйэтийэр. Кинигэ саҕаланыытыгар “Алаас Хотуна” 10 сыллаах үлэтин олоҥхонон дьүһүйүүм киирбититтэн олус дьоллонон сылдьабын, — диэн санаатын үллэһиннэ.

НОРУОТТАН ТАХСЫБЫТ ТАЛААННАР

Ыалдьыттар “Уус кыһата” быыстапка саалатыгар “Мүрү оһуора” норуот уран тарбахтаахтарын үлэлэрин сөҕө-махтайа көрдүлэр. “Мүрү оһуора” уопсастыбаннай түмсүүнү СӨ уус-уран оҥоһуктарга маастара Екатерина Бочкарева салайар.

СПОРТ ТҮҺҮЛГЭТЭ ТЭРИЛЛИЭҔЭ

СӨ дьахталларын түмсүүлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анна Пермякова, “Арассыыйа дьиэ кэргэнэ” уопсастыбаннай кэмитиэт салайааччыта Мария Прокопьева, СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева, Уус Алдан улууһун баһылыгын солбуйааччы Михаил Борисов, улуус култуураҕа управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы, уопсастыбаннай түмсүүлэри кытта үлэлиир сүрүннүүр сүбэ салайааччыта Елена Павлова, Мүрү нэһилиэгин олохтоох бэйэни салайыныы дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Владилена Колесова, “Алаас Хотуна” салайааччыта Валентина Шадрина уо.д.а. кытыннылар.
Михаил Борисов эҕэрдэ тылыгар бэлиэтээбитинэн, улууска 160-тан тахса уопсастыбаннай түмсүү баар. Кинилэр Ил Дархан Граныттан саҕалаан, Арассыыйа Граныгар тиийэ эбии бүддьүөтү киллэрэргэ үлэлииллэр, улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар, уопсастыбаннай олоҕор сүрүн күүс-көмө буолаллар.
2022 сылга улууспутугар СӨ биир саамай улахан 8-с спортивнай оонньуулара ыытыллыахтара, Саха Автономията 100 сылыгар улууспут уопсастыбаннай хамсааһыннарын олоххо киллэрбит хайысхаларын кэпсиир кинигэ оҥорон таһаарыахтаахпыт”, — диэн инники былааннары билиһиннэрдэ.

ДЬАХТАР – ОЛОҔУ ХАМСАТАР КҮҮС

Бу күн “Алаас Хотуттарын” эҕэрдэлии уонна уопут атастаһа кэлбит дьон хайаан да этэн-тыынан, санаа атастаһан барар санаалаахтара.
Онон кэлбит дьон бары икки гына арахсан үлэлээтилэр. “Дьахтар — олоҕу хамсатар күүс” хайысханы Ытык Сүбэ чилиэнэ Анна Бурнашева, “Дьахтар – дьиэ кэргэнин кэскилин түстээччини” — Ытык Сүбэ чилиэнэ Галина Иванова-Айтыына суруйааччы Галина Нельбисовалыын атах тэпсэн олорон, сэһэргэһии быһыытынан сэргэхтик ыыттылар.

ОЛОҤХОНОН ДЬҮҺҮЙДҮЛЭР

Олоҥхо дьиэтигэр “Үтүө санаа үйэлээх, түмэр күүһэ көдьүүстээх” үөрүүлээх чааска “Алаас Хотуна” түмсүү чилиэннэрэ бары тахсан, үлэлэрин-хамнастарын олоҥхонон дьүһүйэн сырдаттылар.
Улуус баһылыга Алексей Федотов улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааттарын иһин түөскэ анньыллар бэлиэлэри, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата Геннадий Васильев Ил Түмэн Бочуотунай грамоталарын уо.д.а. туттардылар.
“Тыа сиригэр эһиги тулуургут, эр дьону иннин диэки барарга көҕүлүүр күүскүт барыбытыгар холобур буолар. Ааттыын да “Алаас Хотуна” түмсүү дьиэни-уоту араҥаччылааччы, оҕону-урууну тэнитээччи, муударай сүбэһит буола сылдьаҕыт.

Хас биирдии торт вишнялаах буолар дииллэринии, эһиги алааскыт бүгүн улууска буола турар тэрээһиннэри киэргэттэ”, — диэн Алексей Федотов кэрэ аҥаардарга махталын тиэртэ.
Уус алданнар биир дойдулаахтара Галина Бочкарева бэйэтин эҕэрдэ тылыгар сахалыы аһынан аһаатахха инники кэскилбит чэгиэн туруктаах буолуоҕун бэлиэтээн туран, саха аһын өссө кэҥэтэргэ “Алаас Хотуна” дьахталларын ыҥырда.
Бүгүҥҥү күн “буруйдаахтарын” ырыаһыт, мелодист Фатина Иванова уонна улуус айар талааннаахтара, ырыаһыттара эҕэрдэлээтилэр.
Үбүлүөйдээх тэрээһин “Түһүлгэ” сынньалаҥ уонна духуобунай сайдыы киинигэр үүттээх итии чэй иһэ-иһэ сэһэргэһиинэн түмүктэннэ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0