Саха алаастаан тардыылаах. Бу баар – олохпут төрдө. Киэн туттуубут. Олохпут философията. Доҕоттор, мин били, этэргэ дылы, бэйэм иннибэр бэрэбинэ кэлэн түһүөр диэри билбэккэ сылдьыбытым баара, эмискэ “бабат” диэтим. Туохха диэ?
Омук күтүөт киирдэ
Былырыын саас кыра кыыһым омук киһитигэр эргэ баран, Германияҕа көстө. Төһө да хамсык буоллар, аны ол күтүөт дьоно кэлэбит диэн күһүөрү манна кэлэн бардылар. Күтүөт нууччалыы билэр буолан, олус бэрт эбит диэн күлүкпүтүгэр имнэннибит. Билсии-көрсүү, ылсыы-бэрсии, барыта этэҥҥэ курдук буолан үөрдүбүт ээ. Омук дьонугар баралларыгар аны тугу бэлэх уунабыт диэн толкуй бөҕө. Киһи бары көмүстэ-алмааста диэбитин, хайдах эрэ сүрэ бэрт диэн, хата, “Бичиккэ” баран наһаа үчүгэй “Алаас – саха норуотун биһигэ” диэн сахалыы-нууччалыы тылынан альбом-кинигэни атыыласпыппыт. Дьэ, улаханнык табылынныбыт. Учуутал эбэбит онуоха күүстээх тылларынан балталаан: ”Кыыспыт хайдаҕын билиэххитин баҕардаххытына, бу кинигэни ааҕаарыҥ, манна биһиги омук майгыбыт кытта көстөр”, — диэн бэркэ этэн-тыынан туттарбыта.
Онтубут иһэ-истээх буолан биэрдэ. Быйыл сайын ол Германияттан ити кинигэни ирдээн ыйытыы кэллэ. Көр эрэ, омуктар суруллубуту олус да мындырдык ылыналлар эбит! Бука барытын түөрэ ааҕан, ол дойдуларыгар дьон-дьоҥҥо тылбаастаан, биһиги кыыспыт төрүт удьуор омугун ырытан, быйылгы кыһыны туораабыттар. Тиһэҕэр итиннэ хаартыскалаах уонна быһаарыылаах муҥханы сөхпүттэр. Онон аны… муҥхалыы кэлээри тэринии бөҕө…
Аахтахха…
Туох кистэлэй, туох айылаах кинигэтин бэлэхтээбиппитий диэн, бу күннэргэ, ол дьон үлэхтэрин атыылаһа таарыйа, көрөөрү бэйэбэр эмиэ ол кинигэни ылан кэллим. Аахтым. Халыҥ бэйэлээх, дуоһуйа көрдүм. Итиэннэ, дьэ, “хонон баран дорообо” диэбиттии, сөрү диэн сөхтүм ээ.
Үчүгэйдик да оҥоһуллубут эбит бу кинигэ. Сиһилии. Толорутук. Астыктык. Мин куоракка улааппыт оҕом итиччэни көрбөтөх бэйэтэ: “Итини ааҕан бараммын, букатын барытын билэр киһи курдук туттан-хаптан кэпсэтэлээтим, ити алаастарга күөлэһийэн улааппыт улуу дьонноохпунан наһаа да киэн тутуннум”, — диэн билиммитэ. Ол иһин, салгыы билэр доҕотторугар бэлэхтээри ити эбии ыллардылар. Буолумуна, куоракка оҕотун тыаттан араарбат буолааччы аҕыйаан иһэр, төттөрүтүн, тыаттан туура сатыыбыт. Онтубут баара, сыыһабыт.
Кинигэҕэ алаас өйдөбүлүттэн саҕалаан, ото-маһа, сирин аһа, күөлэ-хонуута дэлэйдик көстөр. Суруллуута олус да үчүгэй, судургу, тэттик. Тылбааһа табыгастааҕын оҕоккотун. Хаартыскатын көстүүтэ, хаачыстыбата аһары үчүгэй. Санааҕар, бэйэҥ сибэккилээх хонууга олорор курдуккун. Эбэлэр кытыылара, кыһына-сайына, балыга-собото… тыатын маһа-ото, кыыллара-дьирикилэрэ, саха ынаҕа-сылгыта, бүгүҥҥү тыа сирин дэриэбинэтэ, ураһабыт оһуора-көстүүтэ, ыһыахпыт түһүлгэтэ… Биир тылынан, барыта, күн талбытыҥ төрдүттэн киирбит. Оннооҕор саха киһитэ “халдьаайылаатаҕына”, былыргы саҕаттан уҥуох тутуллар култуурата кытта.
Көмүспүт сиргэ бүгэн сыппытын үгүс үйэ тухары туһамматахпыт курдук… бу бэртээхэй кинигэҕэ дьоһун болҕомтону эрдэттэн даҕаны анаабатахпыттан, кырдьыга, кыбыста быһыытыйдым. Хас биирдии саха ыала сүөһү тутарын курдук, бу кинигэни булгуччу долбууругар уурунуохтаах эбит диэн бу өйдөөтүм.
“Айар” маҕаһыыннарыгар билигин да атыыга баарыттан үөрдүм. Баҕар, бу мин эппитим кэнниттэн сэҥээрэр буоллахтарына, хата, туһанар кыахтара баар диэн үөрэбин. Ол эрээри, бүтэр уонна матар диэн баар. Кытаатыҥ, баарбыт тухары абырал буолбут төрүт сирбит-уоппут биһигини киһи оҥордоҕо. Ону тута сылдьан ааҕан-көрөн, олохпутугар туһата оҥостуоҕуҥ, өйбүтүн-санаабытын дойду сиртэн араарымыаҕыҥ диэхпин баҕарабын.
“Саха сирэ” хаһыакка, edersaas.ru cаайтка анаан Саргылаана НЕСТЕРОВА.
Хаартыскалар — «Алаас» кинигэттэн.