«Алаас ахтылҕана»: Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбанньыктара халааҥҥа эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөһөллөр

Ааптар: 
16.05.2018
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ халааҥҥа эмсэҕэлээбит улуустар олохтоохторугар ким туох кыахтааҕынан көмөлөһөр.

edersaas.ru


Кылаабынайа, дьон ыксаллаах балаһыанньаҕа түбэспиттэр кыһалҕаларыттан туора турбакка, бэйэ-бэйэни өйөһүү чэрчитинэн араас тэрээһиннэри ыытан, көмө хайысхатын тобулаллара хайҕаллаах суол.

Сарсын, ыам ыйын 17 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Арассыыйа дьахталларын туһугар» народнай партия Саха сиринээҕи салаата уонна «Эйгэ» уопсастыбаннай тэрилтэ  «Алаас ахтылҕана» аһымал кэнсиэри тэрийэллэр.

Талаан норуокка баар. Тыа сириттэн төрүттээх,  куоракка олорор дьон алаастарын, түөлбэлэрин, дойдуларын дьонун кытта алтыстыннар, көрсөн, сэһэргэһэн, оһуохайдаан ахтылҕаннарын таһаардыннар диэн санааттан 2011 сыллаахтан тыа сирин дьонун талаанын көрдөрөр, билиһиннэрэр соруктаах Сахабыт сирин киин куоратыгар  «Алаас ахтылҕана» босхо аһымал кэнсиэри  тэрийэбит. Манна араас улуустартан уус-уран самодеятельность айар талааннаахтара кытталлар. Айылҕа алдьархайыгар — халааҥҥа түбэспэтэхтэрэ буоллар, бу күннэргэ Амма, Таатта, Хаҥалас, Уус Маайа, Томпо улуустарын олохтоохторо сааскы харалдьык тахсыыта, ньургуһуннаах халдьаайыга тахсан, аны аҕыйах хонугунан үөрэ-көтө Ньукуолуну көрсөөрү бэлэмнэнэ, үөрэ-көтө сылдьыа этилэр. Билигин тахсыбыт хоромньуну ааҕа, дьиэлэрин-уоттарын чөлүгэр түһэрээри түбүгүрэллэр. Ол иһин дьоммутун-сэргэбитин өйүүр сыалтан быйылгы сыллааҕы «Алаас ахтылҕана» кэнсиэрбитин халаантан эмсэҕэлээбит дьоммутугар үбүнэн көмөлөһөр сыаллаах тэрийэбит. Кэнсиэртэн киирбит харчыны Хаҥалас уонна Уус Маайа улуустарын уопсастыбаннай тэрилтэлэригэр тиксэриэхпит.

Кэнсиэргэ кыттыыны ылыахтара Нам улууһуттан «Уйгу» вокальнай ырыа ансаамбыла, Үөһээ Бүлүүттэн «Сиккиэр» үҥкүү бөлөҕө, Анна Иванова, Дьааҥыттан Ольга Слепцова, Александр Аммосов, ону тэҥэ төһө да бэйэлэрэ халааҥҥа эмсэҕэлээтэллэр, бу кэнсиэргэ Хаҥалас улууһуттан кыттыыны ылыахтара Тыа хаһаайыстыбатын академиятын Өктөмнөөҕү филиалын «Өлкөрөй сыдьааннара» фольклорнай бөлөх, Өктөмнөөҕү народнай тыйаатыр иһинэн тэриллибит «Көрдөөх көкөттөр» устуудьуйа артыыстара, Хатастан уонна Дьокуускайтан айар бөлөхтөр. Онон өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан таҥыллыбыт уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин аһымал кэнсиэрдэригэр кэлэн, айылҕа алдьархайыгар түбэспит дьоммутугар күүс-көмө буолуоҕуҥ, — диэн ыҥырар Саха сиринээҕи «Арассыыйа дахталларын туһугар!» народнай баартыйа  бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Валентина Васильева.

Өрөспүүбүлүкэ 25 улууһуттан эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саастаах биир санаалаах биирдиилээн  уопсастыбынньыктары уонна түмсүүлэри түмэр «Эйгэ» уопсастыбаннай тэрилтэни Валентина Васильева 2007 сылтан салайар.  Билигин бу тэрилтэ халаан алдьархайыгар эмсэҕэлээбит улуустар уопсастыбаннай тэрилтэлэригэр көмө оҥорор соруктаах хас да бырайыагы бэлэмниир. «Алаас ахтылҕана» — олортон биирдэстэрэ.

Кэнсиэр сарсын, ыам ыйын 17 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 18 ч. буолар. Киирии билиэт сыаната — 300 солк. Касса төлөпүөнэ: 32-82-96.

Күндү доҕоттор, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан түмсүбүт уопсастыбынньыктары өйүөххэйиҥ. Кинилэр аһымал кэнсиэрдэригэр сылдьан, халаан алдьархайыгар эмсэҕэлээбит дьоҥҥо-сэргэҕэ өйөбүлү оҥоруоҕуҥ! 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0