Алаас аһын амтаннааҕа “Сайсарыга” баар

Ааптар: 
25.01.2018
Бөлөххө киир:

1990-с сылларга сопхуостар ыһыллан, элбэх тэрилтэ эстэн, ханна даҕаны үлэтэ суох элбээбитэ, үлэлиир да ааттаахтарга хамнас ыйы-ыйдаан кэлбэт, тыа сирин олохтоохторун өрүһүлтэлэрэ эрэ хороҕор муостаахтара, сыспай сиэллээхтэрэ буолбута.

edersaas.ru

Сорохтор эстибит сопхуос отделениетын оннугар табаарыстыба тэриммиттэрэ, атыттар аймаҕынан түмсэн бааһынайдыы барбыттара. Кинилэр харыларын күүһүнэн үлэлээн оҥорор үүттэрин-эттэрин, арыыларын бэйэлэрэ тиэйэ сылдьан, тэрилтэлэри кэрийэн атыылыыллара. Дьэ, ол иһин өрөспүүбүлүкэ бастакы Президенэ Михаил Николаев киин куоракка тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулар бородууксуйаларын кииннээн батарар ырыынагы тэрийэр дьаһалыгар олоҕуран, «Сайсары» бааһынай ырыынага тэриллибитэ. Ити 1996 сыллаахха этэ.

Дьэ бу кэмтэн ыла «Сайсары» бааһынай ырыынага» ААУо тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атыылааһын уонна атыылаһыы туох да хааччаҕа итиэннэ куттала суох буоларын туһугар үлэни-хамнаһы федеральнай сокуон быһыытынан тэрийэн кэллэ. Эйгэтэ киэҥ. Бастатан туран, павильоннары, атыы-эргиэн туочукаларын астыыр-таҥастыыр тэрилтэлэргэ, хаһаайыстыбаларга, чааһынай дьоҥҥо арендалаан, туттар уонна ас-үөл табаара киэҥник атыыланарыгар, оттон нэһилиэнньэ туохха наадыйарынан хааччынарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр.

Аһылык өттө ырыынак сүрүн куорпуһугар баар: иккис этээскэ эт-балык, үүт, үрүҥ ас, маҥнайгы этээскэ Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын бородууксуйата, оҕуруот аһа, фрукта итиэннэ таҥас-сап, иһит-хомуос. Таһырдьа сайыҥҥы өттүгэр оҕуруот аһа, фрукта, сир аһа, кыһынын эт, балык, отон атыыланар. Маны таһынан гостиницалаах рестораннаах туспа куорпус, туттар табаары, олох-дьаһах химиятын, таҥаһы-сабы атыылыыр павильоннар бааллар. Онон ырыынак иһигэр тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлээн-хамсаан, хамнастанан, дьиэ кэргэнин иитэн-аһатан олорор. Ас-үөл табаарын, ол иһигэр эти, үүтү уонна оҕуруот аһын аҕалан атыылыыр киһи бастатан туран бэтэринээрдэри, чопчулаан эттэххэ, ырыынак иһинээҕи Бэтэринээринэй-чинчийэр лаборатория үлэһиттэрин булар.

Мария Гоголева, бэтэринээринэй-чинчийэр лаборатория сэбиэдиссэйэ:

— Ырыынакка батарыллар аска-үөлгэ эппиэтинэһи биһиги сүгэбит. “Бэтэринээрийэ туһунан” федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата экологогическай өттүнэн куттала суох буолуутун, сүөһү ыарыыта нэһилиэнньэҕэ тарҕамматын хааччыйан, аҕыллар бородууксуйаны барытын лабораторияҕа чинчийэн эрэ баран, көҥүллүүбүт. Судургу ааҕыынан эттэххэ, күҥҥэ 40-тан тахса лабораторнай чинчийиини оҥоробут. Биһиги көҥүллээбиппит эрэ кэнниттэн хаһаайын миэстэ ылан, этин, үүтүн, отонун, оҕуруотун аһын… атыылыыр эбэтэр ханнык баҕарар атыыһыкка биэрэн, батарар. Оттон ырыынак тас өттүгэр, Хомсомуол болуоссатыгар атыылыыр чааһынайдар бородууксуйаларын биһиэхэ чинчийтэрбэттэр. Инньэ гынан кинилэр хаачыстыбаларын биһиги мэктиэлиир кыахпыт суох. Онон, куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир анал лабораторияҕа чинчийиллибит, туох да куттала суох, экологическай өттүнэн ыраас аһү-үөлү атыылаһарга сүбэлиибит.

                                                                                                         Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0