АЛААДЬЫ (кэпсээн)

03.05.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Биһиги уопсайбыт сэттэ этээстээх кирпииччэ эргэ дьиэҕэ баар. Сэттис этээһин уҥа өттүн биһиги, Литература үрдүкү кууруһун истээччилэрэ, баһылаан олоробут.

Кэллэҕим иккис күнүгэр сарсыарда алаадьы сытыттан уһуктан кэллим. Өссө да ситэ уһукта илик санаабар, улааппыт дьиэбэр, ийэлээх аҕабар кэлэн бэйэм хоспор, ороммор утуйа сытабын. Минньигэс сыт таныыбын кычыкылатар. Билигин туран ийэм буһарбыт алаадьытын барыанньалыы-барыанньалыы хойуу үүттээх чэйи кытары астына-астына сиэм диэммин саныы сытабын.

Уһуктан кэлбитим – устудьуоннар уопсай хосторугар тимиччи түһэн хаалбыт былыргы тимир куруһуна ороҥҥо сытабын. Сиһим көһүйбүтэ сүрдээх, онуоха эбии киэһээҥҥи үөрэхпититтэн хойут кэлэн, аһаабакка утуйбут буолан, иһим ас көрдөөн мээнэнэн курулуур. Түннүгүм сабыытын аһа бат­таабытым – таһырдьа бэрт ылааҥы күн үүммүт. Оннук ээ диэбиттии түннүкпэр чыычаах кэлэн ыллаан дьырылатаат, көтөн хаалла.

Туран ороммун хомуйаат, суунар хос диэки бараары хомуннум. Көрүдүөргэ тахсааппын кытары ­алаадьы сыта муннубар саба биэрдэ, кэҥэриибин кычыкылатта. Аччыктаабыт санаабар төбөбүттэн уллуҥахпар диэри сайан киирбит курдук буолла. Ким астыы турарын санаабар тута оҥорон көрөбүн. Арааһа үрдүкү кууруска үөрэнэр биитэр биһиги курдук үрдүк үөрэх кэнниттэн кууруска үөрэнэ кэлбит киһи буолуо. Эбэтэр институкка үлэлиир киһи. Баран көрбүт киһи.

Тииспин суунарым быыһыгар кэпсэтиини хайдах саҕалыырбын эргитэ саныыбын. Алаадьы астыы турар киһини ийэбэр ханыылыы санаан, кини хайаатар да аҕам саастаах, ис киирбэх, аламаҕай дьахтар буолуохтааҕар бүк эрэллээхпин. Куукунаҕа киирэн чаанньык оргуппута буолуум, онтон сэмээр кэпсэтиини саҕалыым. Биһиэхэ Саха сиригэр ураты оруолу ыларын, бу сиргэ саҥа киһи кэллэҕинэ, ханна эмэ айанныырга аартыгы ытыгылаан айах тутарга, малааһыҥҥа, урууга хайаатар да алаадьынан мааллыылларын кэпсиим. Онтон сыыйа, ыалдьыт кэллэҕинэ эмиэ күндүлүүллэрин этиим. Кини ханнык омук буолуой? Саха сирин билэрэ дуу, суоҕа дуу? Алаадьыны хайдах астыыра буолуой? Бука, биһигиттэн атын буолуо. Эбэтэр биһиэнин курдук астыыра эбитэ дуу?

Суунар тэрилбин хомунан хоһум диэки хаамабын. Баран иһэн хаста да куукуна диэки өҥөйтөлүөхпүн санаталаан баран тохтоотум, хоһум диэки аастым. Ок-сиэ билигин хобордооххо сырдьыгыныы буһа турдаҕа. Хайа бэйэлээх астыы сылдьара буолуой? Алаадьытын эргитэ туран тугу саныыра буолуой? Мин астыы туран тоҕо эрэ аҕам оттуур алааһын санаан кэлээччибин. Санаабар, онно куруутун сайын, хаһан да кырыа кыһын кэлбэт, халыҥ хаарынан үллүктээбэт. Онно куруутун чыычаах ыллаан дьырылатар, лабааттан лабааҕа ыстанан ылар, сөрүүн салгын илинтэн илгийэн, тэтиҥнэр сэбирдэхтэрин оргууй кууһар. Күөл ньууругар лаглайбыт үс хатыҥ күлүгүн көрүнэн киэргэнэр, оттон тулатыгар хойуу от тыалга барбах хамсаан суугунуур. Алаас куулатынан үөһэ дабайдахха, кыра ырааһыйа оҕото кэлэр, онно дьэдьэн таптаан үүнэр. Саамай силигилээн турар кэмигэр тиийдэххэ, бэл, сыыртан минньигэс дыргыл сыт муннуга саба биэрэрэ. Оо, билигин онно тиийэр киһи сиэн төһө эрэ абыраныам этэ? Арба, ийэм барыанньа суулаан ыытта этэ дуу?

Санаабыт санаам сойо илигинэ тута чымадааммын хасыһан, ийэм хаһыакка хас эмэ хос кичэллээхтик суулаабыт барыанньатын ойутан таһаарабын – дьэдьэн барыанньата. Били, хатыҥ чараҥнаах ырааһыйабытыттан үргээбит. Бааҥканы арыйбытым – дыргыл сыта хоһум иһин ылан кэбистэ. Бу үчүгэйин! Арай, алаадьы буһарааччыбар бу бэристэхпинэ? Дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо? Бука, маннык минньи­гэс дьэдьэни кини үйэтигэр амсайа илик буолуохтаах. Ийэм барахсан, дойдугун аҕыннаххына ылан сиэр диэн аэропортка бараары тиэтэйэ сырыттахпына, чымадааным быыһыгар аҕалан укпута.

Барыанньабын иһиккэ кутан, онтубун тохпоторбун ханнык диэн сыа-сым курдук тутан, куукуна диэки хаамтым. Куукуна көрүдүөр уһугар баар. Аара баран иһэн биһигиттэн үрдүкү кууруска үөрэнэр күн бэҕэһээ Тываттан көтөн кэлбит Санмааны көрүстүм. Орто уҥуохтаах, чоҕулуччу көрбүт, хоп-хо­йуу хара баттахтаах, онтун куруутун биир гына өрүнэр, омос көрдөххө, иэдэс биэрэ сылдьар кыыс. Кини хараҕа бастаан барыанньалаах иһиппэр хатанна, онтон мин диэки көрдө. Дорооболоһоот ааһа туруохпун кэрэ­йэн, кэпсэтиини саҕалаатым.

– Санмаа, дорообо! Бу ийэм ыыппыт барыанньата, дьэдьэн барыанньата. Эһиэхэ үүнэр дуо?

– Земляника? Үчүгэйиин. Дьэдьэн биһиэхэ честек-кат дэнэр. Үүнэр да үүнэр.

– Куукунаҕа барыах, ким эрэ ­алаадьы астаабыт быһыылаах, – тута этии киллэрэбин.

– Бээ, оччоҕо мин хоспуттан хымыс (тываалыы кымыс) ылыам, – диэт Санмаа хоһугар дьылыс гынна. Өр-өтөр буолбакка, бытыылкаҕа толору кутуллубут хымыһын туппутунан таҕыста.

Иккиэн астарбытын сыа-сым курдук тутан куукуна диэки хаамтыбыт. Ботур-итир кэпсэтэбит. Ол баран истэхпитинэ хоһуттан Ростислав диэн биһигини кытары бииргэ үөрэнэр уол таҕыста. Кини эмиэ иллэрээ күн дойдутуттан, Крымтан көтөн кэлбитэ.

– Слава, биһигини кытта барыах, ким эрэ алаадьы астаабыт. Бары олорон эрэ аһыахпыт, – Санмаалыын үөс-батааска биэрбэккэ, уолбутун куукуна диэки илдьэ барабыт.

– Давайте, тогда я вам предложу виноград и инжир, – диэбитинэн хоһугар дьылыс гынна. Утаакы буолбакка, өрөһөлүү ууруллубут фрукталаах иһитин туппутунан тахсан кэллэ.

Үһүөн куукуна диэки хаамабыт. Ростислав бу кэмҥэ Крымҥа ханнык фрукта, оҕуруот аһа ситэрин кэпсии иһэр.

– Билигин Крымҥа виноград, яблоко, персик, оҕуруот аһын үгэнэ, алтынньыга өссө хурма ситиэҕэ. Маннык минньигэс буолар, – Слава фрукта­лаах иһитин биир илиитигэр көһөрө-көһөрө, тойон эрбэҕин чочоҥнотор.

– Үчүгэйиин, сылаас дойдуга олорор дьон, абыраммыт да дьоҥҥут. Сылы эргиччи оҕуруот аһын, фрукта дэлэгэйин сиигит. Оттон биһиги ити быйаҥтан сайын эрэ сомсобут, ону да өҥ дьыл турдаҕына, – Сахам сирин сайынын уонна кыһынын тэҥнии тутабын.

– Ол эрээри эһиэхэ айылҕа кэрэтэ барыта баар дии. Кыһын – тымныыта, сайын – куйааһа. Соҕуруу дойдуга оннугу тымтыктанан да булбаккын.

– Оннук. Саха сирин кыһына, са­­йына туохха да тэҥнэспэт, – мин, дойдубун хайҕаппыт киһи, мичилийэ түһэбин.

Үһүөн дойдубутун санаан ымманыйан ыллыбыт. Куукунабытыгар кэлэн ааны аспыппыт, арай, доҕоор, буруо-тараа бөҕө, бордууһуната аһаҕас. Буруо быыһыгар иккис куурус устудьуона Коля турар.

– Хайа, бу туох буолла? – Ростислав Коляны өрө көрөн туран ыйытар.

– Бу – ас астаарыбын хоруордан кэбистим, – диэт Коля буруйдаммыттыы кирик-хорук тутунна, сири кымыстаата, илиитигэр тутан турар көстүрүүлэтин тымныы уулаах тааска бырахта.

Билигин бүлүүһэҕэ өрөһөлүү ууруллубут алаадьыны көрүөм диэн саныы испит санаам бордууһунаҕа таласпыт буруону кытары Москва саймаархай күннээх халлааныгар көтөн хаалла.

Буруо сытын ылан, көрүдүөрбүт өһүөтүгэр хам хатанан турар тэрилбит айманан дьиэлээхтэри барыларын туруорда. Биһиги дьэдьэннээх, хы­­мыстаах, фрукталаах иһиттэрбитин туппутунан көрүдүөр ортотугар туран хааллыбыт: Москва эмиэ биир түбүктээх күнэ үүннэҕэ.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0