Ала ууһуттан тэнийбит нэhилиэктэр түмсэллэр

Ааптар: 
10.04.2017
Бөлөххө киир:

Муус устар 8 күнүгэр 17-c үйэҕэ Ала ууһугар киирэ сылдьыбыт Горнай, Нам, Кэбээйи улуустарын уонна Маҕан бөһүөлэгин уопсастыбаннаһа Дьокуускай куоракка «Ала ууһун күнүн» тэрийэн ыытта.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Бу суолталаах тэрээһин — былыргы үһүйээҥҥэ олоҕуран, 17-с  үйэҕэ Саха сиригэр нууччалар кэлиилэрин саҕана Ала оҕонньортон тэнийбит нэһилиэктэр төрүттэрин-удьуордарын сөргүтэн, түмсэн, аныгы үйэ сайдыытын тэтимигэр бэйэ-бэйэлэрин өйөһүүлэрин дьоһуннаах хардыыта. Ол курдук, Горнайтан: Атамай, Одуну, Октябрьскай, Кировскай;  Намтан: Таастаах, Салбаҥ, I Хомустаах, Маймаҕа, Партизан; Кэбээйиттэн: Кэбээйи, Ньидьили, Арыттаах уонна  Маҕан бөһүөлэгин олохтоох дьаһалталарын баһылыктара бэйэлэрин нэһилиэктэрин уопсастыбаннаһын илдьэ кэлэн, сайдыы суолун тобуларга кэскиллээх кэпсэтиини ыыттылар. Күн бастакы аҥаарыгар Ил Түмэҥҥэ буолбут мунньахха Ала ууһун киинин төрүт аатын тутан хаалбыт уонна күн бүгүҥҥэ диэри Атамайынан биллэр нэһилиэк 125 сыллаах үбүлүөйүн тэрийиигэ санаа атастаһыыта буолла. Бу үөһэ ахтыллыбыт нэһилиэктэр барыларыгар сыһыаннаах историческай түгэнинэн сибээстээн, бары да интэриэстээх буолан, дириҥ ис хоһоонноох олохтоох кэпсэтии таҕыста.

Ол курдук, Ил Дархан сүбэһитэ, Маҕантан төрүттээх саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева «Ала ууһа» диэн кинигэни бэлэмнээн таһаарарга этии киллэрдэ. Оттон Горнай улууһун муниципальнай тэриллиитин баһылыга Никита Андреев от ыйын 1 күнүгэр Ала ууһун киинэ Атамай нэһилиэгэ 125 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах ыһыах ыытылларын уонна алтынньыга Ала ууһун улуустара уонна нэһилиэктэрэ кыттыылаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ былааннанарын иһитиннэрдэ. Эмиэ бу улуус  бэрэстэбиитэлэ Яков Яковлев Сииттэ үрэҕин устун тимир руданы көрдүүр соруктаах тэриллибит археологическай экспедиция үлэтин күүһүрдэргэ, Нам улууһуттан Таастаах орто оскуолатын дириэктэрэ, нэһилиэк сэбиэтин дьокутаата Туйаара Аргунова  Улуу Сыһыыга  127 сыл устата турар Таҥара дьиэтигэр пааспар оҥорторон баран, «Ытык сирдэр» испииһэктэригэр киллэрэргэ, Кэбээйи улууһуттан муниципалитет баһылыгын солбуйааччы Александр Андреев  2016 сыллаахха «Таалаайы» сиригэр Атамай уонна Кэбээйи нэһилиэктэрин бэтэрээннэрэ «Аҕа дойду сэриитигэр өлбүт буойуннарга» диэн стела туруорбуттарын бэлиэтээн туран, нэһилиэктэринэн бэтэрээннэри кытта үлэни биир хайысхалаан, сүрүннээн ыытарга этии киллэрдилэр.

Күн иккис аҥаарыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар үс улуус нэһилиэктэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах «Дойду сурахтаах, алаас ааттаах» диэн кэмпириэнсийэни Горнай Атамайыттан төрүттээх юридическай наука доктора, профессор, РФ үтүөлээх юриһа Макар Яковлев салайан ыытта.

Сахалар былыр былыргыттан алаастаһан олорор айылгылаахпыт. Ол да иһин, билсиһэр буоллахпытына, бастатан туран, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин сураһабыт. Ала ууһуттан биир төрүттээх саха дьоно улуустарынан, нэһилиэктэринэн арахсыбакка, биир хайысхалаах кэскиллээх үлэни сүрүннээн ыытар, бэйэ-бэйэни өйөһөр кэммит кэллэ. Онон бүгүҥҥү көрсүһүүгэ олохтоох толкуйдары тобулар кэпсэтиини ыытыахха, — диэн, Макар Яковлевич санаа атастаһар көрсүһүүнү саҕалаата.

Ала ууһуттан төрүттээх улуустар нэһилиэктэрин бастакынан түмэргэ туруммут Нам улууһун “Таастаах нэһилиэгэ” МТ баһылыга Евгений Федотов бастакы саҕалааһынын билиһиннэрдэ.

— Улахан дьыала өрүү энтузиастартан саҕыллар. Бастаан утаа мин төрөөбүт Таастааҕым тэриллиитэ тоҕо икки бэлиэ дааталааҕын: 30 уонна 170 сыллара буоларын билэн баран, мунаарбытым аҕай. Хаһан эрэ 1,5 тыһ. нэһилиэнньэлээх сир хайдах 300-чэкэ эрэ нэһилиэнньэлээх буолан хаалбыта эмиэ дьикти этэ. Онтон нэһилиэгим историятын үөрэтэн баран, 2015 сыллаахха Атамай нэһилиэгин баһылыга Роман Федоровы кытта кэпсэтэн, биир хайысхалаах үлэни ыытан эрэбит. Маныаха Ала ууһуттан силистээх-мутуктаах улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара бары өйөөн, бары бииргэ көхтөөхтүк ылсан үлэлээн эрэрбит хайҕаллаах суол. Биһиги бүгүҥҥү сорукпут – электроннай архивацияны оҥоруохха наада. Аныгы көлүөнэ “виртуальнай” дэнэр эйгэни эрэ билинэрин, сайдыы аныгы тэтимин учуоттуохха. Оччотугар үүнэр көлүөнэ дойдутун историятын кыра эрдэҕиттэн билэ улаатыа этэ, — диэн санаатын тиэртэ эдэр баһылык.

Кэмпириэнсийэҕэ бэрт үгүс киһи санаатын этиннэ. Ол курдук, Нам улууһуттан муниципалитет баһылыга Александр Атласов, П.И. Сивцев аатынан кыраайы үөрэтэр историческай-этнографическай мусуой дириэктэрэ Иннокентий Кривошапкин, «Хоту сир норуоттарын генеалогиятын уонна этнологиятын үөрэтэр научнай-чинчийэр институт» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Константин Аргунов, Горнай Атамайын дьаһалтатын баһылыга Роман Федотов, Атамайтан төрүттээх СӨ үтүөлээх учуутала, кыраайы үөрэтээччи Николай Аввакумов, Кэбээйи улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Александр Андреев уонна да үгүс киһи кэскилээх санааларын тиэртилэр.

Суолталаах күҥҥэ Ала ууһун улуустарыттан кэлбит нэһилиэктэр холбоһуктаах кэнсиэр көрдөрдүлэр. Ала ууһун дьоно талааннаах  да буолар эбиттэр!

Оттон сатабыллаах маастардар быыстапка тэрийдилэр, нэһилиэктэртэн үүт оҥоһук  бородууксуйатын дьаарбаҥкатын ыыттылар.

Горнай улууһун муниципалитетын социальнай бэлиитикэҕэ отделын салайааччыта Ксения Васильева бэлиэтээбитинэн, кэнсиэр кэмигэр бу сайын Атамай нэһилиэгэ 125 сылыгар анаан ыытыллар Ала ууһун ыһыаҕар анаан тэриллибит пуондаҕа Нам улууһун Маймаҕа, Партизан, Таастаах уонна Салбаҥ нэһилиэктэрин баһылыктара 50-нуу тыһ. солк. харчыны уктулар. Оттон Маҕантан Кириллиннэр дьиэ кэргэннэрэ ат сүүрдүүтүгэр бириискэ анаан убаһа сертификатын туттардылар.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэбитигэр Байаҕантай, Боотуруускай улуустара былыргы төрүттэрин сөргүтэн, улуустарынан уонна нэһилиэктэринэн түмсэн кэскиллээх үлэни ыыта сылдьар эбит буоллахтарына, аны Ала ууһун улуустара түмсэр хайысханы тобуллулар, Ала ууһун нэһилиэктэрин сайыннарар тосхолу торумнаатылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0