Алҕаска «ас» аатырбыт арыгы

23.05.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн биһиги Ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин кардиолог-бырааһа Савва Попов арыгылааһынтан ыччаты сэрэтэр сүбэлэрин биэрэбит.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

Эмчит идэлээх киһи арыгы организмҥа дьайыытын, туохтан саҕалаан арыгыһыт буолуохха сөбүн, арыгыны тоҕо иһэрбитин уо.д.а.,  улаханнык билиниэхпитин баҕарбат төрүөттэрбитин аһаҕастык кэпсээһинэ туһалыаҕар саарбахтаабаппыт.

Арыгы итирдэр утах

Арыгыны иhии остуоруйата хас да тыһыынча сыллартан саҕаланар. Арыгылаах утах виноградтан уо.д.а. минньигэс отоннортон оҥоhуллар, санааны көтөҕөр, «күүскэ күүс эбэр» араас арыгыны кытта аргыстаhан кэлэн, алҕаска ас ахсааныгар киирэн аатыра сылдьар. Аймахтарбытыгар монголларга арыгы «араки» диэн аатырар. Ол гынан баран, былыргы сахалар да, монголлар да «аракины» батыhа сылдьан испиттэрэ иhиллибэт. Оччолорго дьонуҥ да сололоро суох олох иhин охсуhа, күн сырдыгын былдьаhан үлэлээн муҥнана сырыттахтара. Күргүөмүнэн элбэх киhи иhэр арыгытын оҥорор ньыма да суоҕа.

Буортутун билэ-билэ иһэллэр:

— Арыгыттан кылгас кэмнэ дуоhуйууну ылаары.

— Санаа түhүүтүн, муунтуйууну устаары, баар кыһалҕалартан арыгы угаарыгар куотаары.

— Мөлтөх хараахтардаах киhи дьон күһэйиитинэн эбэтэр дьону үтүктэн иһэр.

— Санааны күүhүрдээри, харса суох буолаары.

— Эдэр ыччат арыгы дьайыыта, итирии хайдаҕын билээри.

— Бырааhынньыктарга үгэс быhыытынан.

Ама да, ааспытын иһин…

Арыгылааһын кыһалҕата Саха Сиригэр 1960-с сыллар кэннилэриттэн, дьон олоҕо тупсубутун, көммүтүн кэннэ күөрэйэн тахсыбыта. Холкуостаахтарга хамнас төлүүр буолбуттара, онтон үрдүк хамнастаах сопхуостар тэриллибиттэрэ. Үлэ-хамнас эрэһиимэ арыый сымнаан, дьон үлэтин кэннэ, өрөбүл күннэргэ иллэҥ кэмнэммитэ. Иллэҥ кэми тугунан эмэ толорор боппуруос турбута.

Чэпчэки сыаналаах кыhыл арыгыны сельпо маҕаhыыныттан буочукаттан чаанньыгынан, бөтүөнүнэн таhыы буолбута. Бытыылканан атыыланар буокка да сыаната 2 эрэ солкуобайтан ордуга. Нуорманан булуллар эти, арыыны кытта тэҥнээтэххэ, хамнастаах үлэhит күн да аайы «аhыырыгар» тиийэр дэлэй аһынан буолбута.

Аны арыгыга судаарыстыбаннай монополия баар буолан, арыгы атыытыттан киирэр харчы бүддьүөт үбүн лаппа хаҥатара. Ол иhин, судаарыстыба арыгыны утары аатыгар эрэ охсуhара. Дьиҥинэн, дьону, норуоту арыгыга үөрэтэн, арыгы атыытыттан дохуот ылар бэлиитикэ ыытыллара.

Бырааhынньык барыта арыгыта суох барбат буолбута. Туох эмэ туhугар хайаан да күргүөмүнэн үрүүмкэ көтөҕүллүөхтээҕэ, арыгыны “тас” гынан баран, тааһын эрэ хааларыллыахтааҕа. Аны, бырааhынньыкка ыҥырыллан кэлбит киhи итирдэҕинэ, оҕолуу бүөбэйдэнэр кэмнэрэ кэлэн ааспыттара.

Сыыппаралар бэйэлэрэ кэпсииллэр

Билиҥҥи турукпутунан:

Буор иhээччи ахсаана сүүстэн 2 киhи;

Арыгыны элбэхтэ иhээччи сүүстэн 30 киhи (хайаан да нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ амсайар, эбэтэр өлөттөрүөр диэри иһэр, эбэтэр иһэн баран кыайан тохтообот);

Арыгыны кыралаан иhээччи сүүстэн 60 киhи;

Арыгыны олох испэт сүүстэн 5 киhи.

Ити аата, арыгы дьаатын, буортулааҕын билэ-билэ, үс гыммыттан биирбит арыгыны аhары элбэҕи иhииттэн өлөттөрө, ыалдьа-ыалдьа, абааhы арыгытын салгыы иhэ олоробут.

Статистика этэринэн, Арассыыйаҕа 2014 с. биир киhиэхэ сылга 11,1 лиитирэ ыраас испиир, 2015 с. 10,5 лиитирэ испиир иһиллибит. Норуот кэхтибэтин, төрүөҕэ төннүбэтин, доруобуйата алларыйбатын туhугар (Доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтин суоттааhынынан) биир киhиэхэ тиксэр арыгы кээмэйэ сылга 8 лиитирэттэн элбиэ суохтаах.

Арыгылыы, итирэ сылдьар киhи оhолтон өлөр куттала, арыгы испэтэх киhитээҕэр 10 төгүл элбэх. Оhолго түбэhэн эчэйии түбэлтэтэ итирик дьоҥҥо 3 төгүл элбэхтик тахсар. Итирии кэмигэр оноhуллубут «бырааһынньык оҕолоро» диэн төрүөҕүттэн төттөрү төлкөлөммүт, үөскүүрүгэр, улаатарыгар арыгы дьаатыттан сүhүрэн өйүнэн, этинэн-сиининэн итэҕэс төрөөбүт оҕолору ааттыыллар.

Мөлтөх дьон ыарыылара

Аны туран, Арассыыйа атын дойдулартан уратытынан, иhиллэр арыгы баhыйар үксэ үрдүк кыраадыстаах итирдэр утахтартан (буокка, самогон) турара буолар.

Бастатан туран, үрдүк кыраадыстаах арыгы доруобуйаҕа охсуута улахан.

Иккиhинэн, киhи организма түргэнник арыгыга үөрэнэр, убанар, арыгыттан тутулуктанар буолар.

Былыр хоту үлэлии сылдьан, биир иhэр дьахтартан хайдах маннык олоххо тиийэн хаалбытын ыйытан турабын. Онуоха киһим: «Тыбыс тымныы – ол аата хочуолунай алдьанан, ититии ситимэ үлэлээбэт. Хабыс- хараҥа – ол аата уот станцията алдьанан уот кэлбэт. Ким да суох – ол аата аттыгар өйөбүл, көмө буолар киһи суох. Оччотугар бу турбут кыһалҕалары кылгас кэмҥэ арыгы эрэ мүлүрүтэр», – диэбиттээҕэ.

Ол гынан баран, ыарахан да кэмнэргэ киhи барыта арыгыhыт буолбат. Киhиргэс, арыгыттан итирбэт аатыра сатыыр эдэр ыччат, арыгыны сыҥалаатахха кыайан аккаастаабат, туора дьон дьайыытыгар бас бэринэр мөлтөх, дэбдэҥ дьон арыгыга түргэнник ылларар. Алкоголизм мөлтөх майгылаах, олоххо туруоруммут сыала-соруга суох, дьаалаларынан уста сылдьар дьон ылларар ыарыылара.

Итирии

Итирии баҕа өттүнэн өйү сүтэрэн, иирэн ылыы. Аныгы статистика көрдөрөрүнэн, ити «күндү» аспытын аhааhын түмүгэр Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар сылга 200.000 тахса киhи өлөр, Арассыыйа көрдөрүүтэ мөлүйүөн аҥаарын куоhарарын кэриэтэ.

Арыгыны ыччаттар аан бастаан көрүлээн, итирэр хайдаҕын боруобалаан көрөөрү иhэллэр. Аан бастаан арыгы испит киhи өлөттөрөрө кэмнээх буолуо дуо? Сүрэҕэ тэбэр, мэйиитэ эргийэр, айаҕын иһэ куурар-хатар, көлөhүнэ тахсар, сүрэҕэ өлүөхсүйэр, хотуолатар. Ити барыта арыгыттан сүhүрүү бэлиэлэрэ.

Арыгы, этиловай испиир быарга киирэн, алкогольдегидрогеназа (АДГ) диэн фермент көмөтүнэн ацетальдегид диэн сүрдээх буортулаах, дьаат тэҥэ эттиккэ кубулуйар. Аны туран, дьааттаах ацетальдегиды салгыы альдегиддегидрогеназа (АЛДГ) диэн фермент уксуустаах кислотаҕа уонна ууга арааран, организмы ыраастыыр.

АДГ түргэн уонна бытаан диэн көрүҥнэргэ арахсар. Түргэн АДГ ферменнээххэ киhи түргэнник итирэр, күүскэ өлөттөрөр уонна түргэнник өйдөнөр. Бытаан АДГ ферменнээххэ киhи бытааннык итирэр, бытааннык өйдөнөр.

Түргэн АЛДГ ферменнээххэ киhи түргэнник өйдөнөр, кылгастык уонна кыратык өлөттөрөр. Бытаан АЛДГ — киhи бытааннык өйдөнөр уонна күүскэ, уhуннук өлөттөрөр.

Соҕурууҥу Илин Азия олохтоохторугар үксүлэригэр (монголоиднай раса) АДГ түргэн ферменнэрэ, АЛДГ бытаан ферменнэрэ дьайаллар. Ол иһин, кинилэр түргэнник итирэллэр, түргэнник өйдөнөллөр, уhуннук уонна күүскэ өлөттөрөллөр. Онон, айылгылара кытта кинилэр арыгы иhэллэрин утарсан: «Тохтоо, арыгыны иhимэҥ!» диир. Ол иhин, Соҕурууҥу Илин Азия дойдуларыгар арыгыһыт ахсаана аҕыйах.

Хотугу эргимтэ аҕыйах ахсааннаах омуктарыгар АДГ ферменнэрэ аҕыйах, АЛДГ ферменнэрэ бытаан. Онон, кинилэр кыра да арыгыга итирэллэр, күүскэ уонна уhуннук өлөттөрөллөр, арыгыны иhэллэрин айылгылара эмиэ утарсар.

Наука этэринэн, хотугу омуктар атын омуктартан ордук арыгыhыт буолалларыгар олук охсор туох да генетическэй ураты суох. Ол оннугар кыра да арыгыттан итирии, күүскэ уонна уһуннук өлөттөрүү, бытааннык өйдөнүү арыгыны уйбат буолуу бэлиэтэ. Күүскэ өлөттөрбүт киһи организма арыгыны ылыммакка сордонор. Оччотугар бу киһи кэһэйэн арыгыны иһэртэн туттунуохтаах. Ону сорохпут организмнара арыгы иhииттэн аккаастанарын үрдүнэн сыра-хара бөҕөнөн, күүскэ өлөттөрүүттэн өлө сыhа-сыhа, сор бөҕөнөн арыгыhыт буолар.

Сэргэх кэм кэллэ

Ол да буоллар, билигин сэргэх кэм кэллэ үлэлиир-хамсыыр ыччат ситиhиилэнэр, үлэтэ-хамнаhа тахсар буолла. Билиҥҥи дьарыктаах, үлэлээх эдэр ыччат баhыйар үксэ арыгыттан аккаастанан, чөл олоҕу тутуста. Бырааhынньыктары күргүөмүнэн арыгынан бэлиэтиир үгэс суураллаары гынна, итирээччи биллэ аҕыйаата.

Билиҥҥи кэмҥэ арыгыны утары охсуhуу инники кирбиитинэн оҕону иитии буолуохтаах. Оҕоҕо олох кыратыттан табах, арыгы курдук буортулаах дьаллыктар киhи организмыгар омсолоох дьайыыларын туhунан кэпсээн, билиhиннэрэн, табаҕы, арыгыны утарар дьон буола улаатыннарар сорук турар.

Ыччаты туруоруммут сыалы ситиһэргэ, олоххо көрсөр харгыстары, күчүмэҕэйдэри сөпкө сыаналаан, олоххо охсуута суох туоруурга үөрэтиллиэхтээх.

Арыгы иһиитин култууратын тутуһуллуохтаах, киһи бырааһынньык остуолуттан өйдөөх турара ситиһиллиэхтээх.

Киһи олоҕо, дьылҕата тулалыыр эйгэттэн улахан тутулуктаах. Эн тулалыыр эргимтэҥ, алтыһар дьонуҥ хайдахтара бэйэҥ майгыгыттан, дьоҥҥо сыһыаҥҥыттан тутулуктаах. Эн чэгиэн олохтооххун, үлэлээххин-хамнастааххын, олоххор ситиһиилээххин, күүһүҥ тиийэринэн дьоҥҥо көмөлөһөҕүн, арыгыны испэккин, оччоҕо эн тулалыыр эйгэҥ дьоно эмиэ оннук буолуохтара, чөл олоҕу тутуһуохтара, ситиһиилэргэ угуйуохтара.

Арыгыны эккирэтэн иһиэҥ, бэйэҥ курдук арыгыһыттар дьэбэрэлэригэр түһүөҥ, дьиэҕиттэн-уоккуттан матыаҥ, үлэтэ суох хаалыаҥ, киһи аатыттан ааһыаҥ, устунан. арыгыһыттар касталарын киһитэ буолуоҥ. Биирдэ эмэ өйдөнөн, түспүт дьэбэрэҕиттэн тахсаары гыннаххына, тулалыыр эйгэҥ дьоно атаххыттан төттөрү дьэбэрэҕэр соһуохтара, арыгы иһэрдэ сатыахтара…

Куһаҕаҥҥа, мөкүгэ киһи биир хаамыынан тиийбэт. Элбэх сыыһа хаамыыны оҥорон, өлөттөрө-өлөттөрө, организмы күүһүлээн арыгыны элбэхтик иһииттэн тиийэр. Арыгыһыт буолбат биир эрэ суол баар. Ол арыгыһыт буолууга бастакы хардыыны оҥорумуохха, арыгыны иһиини саҕалаамыахха наада. Арыгы ас да, битэмиин да буолбатах дьаат! Дьааты иһиллиэ суохтаах, дьааты сиэниллиэ суохтаах!

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0