Максим Ксенофонтов саҥа кэпсээнин ааҕыҥ.
Сырал күн чаҕылыччы тыгар. Куйаас. Оҕолор сайыҥҥы лааҕырдарын аннынан, Эбэ күөл (дьиҥэр, өрүс боротуохата) кытыытыгар, хомоҕо, Маша дьүөгэтэ Ангелиналыын блеснаанан күөгүлүү тураллар. Испиинньиннииргэ саамай табыгастаах кэм, биллэн турар, атырдьах ыйа. Ол эрэн, от ыйыгар да алыhар икки дьорохой икки арыт үчүгэйдик хабаллар.
Лина силикуон балыкчааны иилэн, испиинньинин ураҕаhын киэҥник далайан, алта уонча миэтэрэ кэтиттээх хомо уҥуоругар тиэрдэ сыhан, ыраах быраҕаттыыр. Кытарымтыйар, эрэhиинэ курдук сымнаҕас, мундуга майгынныыр синтиэтикэ балыкка ымсыыран, балтараалыы харыстаах алыhардар субу-субу хабаллар. Ол аайы Ангелина үөрэ-көтө хаппахтаах улахан бөдүөҥҥэ эриэн алыhардарын симэттээн истэ. Балыктар ууну буллугуратан, мөхсө түhэн баран, сыыҥка бөдүөн түгэҕэр иhийэллэр, аныгыскы алыhар «чом» гына түhүөр диэри чуумпураллар.
Оттон Маша бастаан кылбагыр, ылтаhын блеснаны иилэн, быраҕаттаата. Биирдэ, 20-чэ миэтэрэ курдукка бырахта. Икки-үс сөкүүндэ кэтэстэ: ити кэм устата блеснаата икки-үс миэтэрэ дириҥҥэ диэри тимирэр. Эбэ манан дириҥ: түөрт миэтэрэ кэриҥэ. Блеснаатын аа-дьуо субуйан истэҕинэ, лиэскэтэ ыараан хаалла. Уу түгэҕэр баар оту тараан ыллаҕына эбэтэр балык туттаҕына итинник ыарааччы.
Дьэҥкир лиэскэтэ уҥа, онтон хаҥас халыйталаата. Балык! Утаакы буолаат, кыыс икки аҥаар харыстаах суллукуйу ойутан таhаарда. Бастакы балык баар! Эрэhиинэ саппыкытынан үктээн туран блеснаатын күрүчүөгүн суллукуй алын уоhуттан араарда. Булдун ылан уулаах биэдэрэҕэ укта. Сордоҥо, ууну «чаллыр» гыннараат, солууртан ойон тахсан, күөх окко тэйиэккэлээтэ, хайыытын аппаҥнатта.
— У-у! Куота сатыыгын дуу?! Тоҕо балык буолбуккунуй? Маннык, киhиэхэ тутуллаары, минньигэс ыhаары буолаары! Бэйи, тохтоо, ууга ыытыам, — балыксыт кыыс суллукуйу тутан ылан, хонууга сытар сиэккэтигэр укта, Сиэккэни бүтэйдии саба баайда уонна кылгас саппыкытын устан, тобугар диэри сөрүүн ууну кэhэн киирэн, тэрилин ууга укта. Сордоҥ хоппуруон саптаах сиэккэ иhигэр мөхсөн көрөн баран, тахсар сири булумуна, дьылыйан хаалла.
Ол кэнниттэн син балайда туох да туппакка, Ма блеснаатын кураанахтыы субуйан таhаартаата. Онтон блеснаатын устан, саhархайдыҥы бороҥ воблеры кэтэртэ. Воблер диэн «куймаҥныыр» диэн аангылыйалыы тылтан тахсыбыт кыра балыгы эбэтэр уу үөнүн майгыннатан оҥоhуллубут мэҥиэ.
Маша быгыhын кыра быйыты майгынныыр куйаха воблеры куоракка киирэ сылдьан «Норд» атыы-эргиэн дьиэтиттэн ылан тахсыбытын туттарга сананна. Чэпчэки ыйааhыннаах, 3 сүhүөхтээх мэҥиэ балыкчаан, ууга соhор кэмҥэ аллара түhэн устар, лиэскэни субуйары тохтоттоххо үөhэ дагдайан тахсар гына оҥоhуллубут буолан, сордоҥу тутарга бэрт табыгастаах эбит. Аны, куймаҥнаан устара дьиҥнээх балыктан туох да атына суох.
Бастакы быраҕыытыгар саҥа мэҥиэтэ хайдах устарын билээри араастаан субуйда: түргэнник да, бытааннык да воблерын сыҕарытан, былаастык балык хайдах устарын кэрэхсии кэтээн көрдө. Онтон турбут сириттэн уонтан тахса хаамыыны уҥа диэки сыҕарыйан, дьэ, кыhаллан кыыратаары гыммыта, мэҥиэтин өрөҕөтүнээҕи күрүчүөгэ кытылтан чугас үүнэн турар үөт үөhээҥҥи лабаатын хабан ылла. Аны онтун араарда. Воблерын эргим-ургум тутан көрдө. Хата, бүтүн эбит. Бу сырыыга сэрэнэн, лабааны таарыйбат курдук бырахта. Мэҥиэ чугас, уон биэс хас миэтэрэҕэ «чоп» гынна. Чугаhынан даллаахтаан испит тыыраахы, иҥнэх гынан туора көттө.
Маша аа-дьуо мэҥиэтин кытыл диэки соhон истэ. Уонча хаамыы курдугу субуйбутун кэннэ, лиэскэтэ, майаҕас хабан ылбытыныы, тардан «лик» гынна. Кыыс долгуйан сүрэҕэ тиҥиргэччи тэптэ. Субуйан истэҕинэ, жиилката сымнаан, босхо баран хаалла: балыга мүччү түстэ.
— Улахан балык сытар эбит, — диэн ботугураата балыксыт кыыс уонна воблерын чугас соҕус бырахта. Эмиэ тутта. Бу сырыыга сордоҥ хабардыы хабан, мэҥиэни барытын уобан, кытылга чугаhаан баран, мөхсөн биллиргээтэ. Кыайан сонно тута биэрэккэ соhон таhаарыа суоҕун билэн, Маша балыгы сылатан, лиэскэтин босхо ыытан биэрдэ. Онтон эмиэ сыыйа кытылга состо. Улахан сордоҥ эмиэ мөхсөн, мүлчү барыахтыы булумахтанна. Кыыс лиэскэтин хаттаан холкутатта. Итинник ньыманан, сордоҥу сылатан баран, уонча мүнүүтэнэн кытылга таhааран, бөдөҥ балыгы хайыытыттан ылан, ууттан тэйиччи состо.
— Лина-а! Кэлиий! Көр, бу! – дьүөгэтин ыҥырда.
— hи-билиги-эн! – катушкатын эргитэ туран дьүөгэтэ хардарда. Онтон сүүрэн кэллэ. Миэтэрэттэн ордуктаах сордоҥ бүгүллэҥнии сытарын көрө биэрдэ уонна:
— Ай-оо! Мааhыҥка-а, акуула саҕаччаны туппуккун дии! – диэн саҥа аллайда. –hа-hа-hаа!
Кыргыттар күлсэр саҥалара уу үрдүнэн тарҕанна.
— Нэhиилэ хостоотум ээ, hыы-hыы-hыы, — Марина күлэн маҥан тиистэрэ кэчигириир, — доо, воблербын араарыахха эрэ.
— Бастаан бу мантыгын накаабыттыахха наада. Отуо араартарыа суоҕа, — диэт, Айыына сутурук саҕа тааhы хаба тардан ылан, сордоҥу баска биэрдэ. Дириҥ далай адьырҕата мөхсөн, кутуругунан күүскэ охсуоланан, мэктиэтигэр, тэйиэккэлээн ылла. Иккис охсуутунан Айыына бэргэнник тапта: балык хамсаабат буолла, дөйөн, иhийэн хаалла. Кыргыттар сонно тута, көмөлөөн, воблеры арааран ыллылар.
Ити кэмҥэ «Юпитер-5» матасыыкылынан Маша аҕата Алтан Дуораан тиийэн кэллэ. Кыhыл өҥнөөх, кэлээскэлээх тиэхиньикэтин кыргыттар аттыларыгар хорус гыннара тохтотто, мотуорун умулларда уонна доргуччу:
— Кыргыттар, ыhык аҕаллым, эбиэттиэххэ! – диэтэ. Онтон окко сытар улахан балыгы көрөн:
— Оок! Астык сордоҥ, доҕоор! – диэн үөрэн саҥа аллайда. Сордоҥнорун куулга уган, баайан баран, ууга уктулар.
Кытылга кутаа оттон, хоруолаах солууччахха чэй өрүннүлэр, обургу хочулуокка уонча алыhары кытта суллукуйу мииннээтилэр. Кытылтан чугас, хатыҥнар анныларыгар, күлүккэ олорон эбиэттээтилэр. Буспут сибиэhэй балыгы кытта хойуу сүөгэйдээх хара килиэби, кып-кыhыл помидуору астына сиэтилэр, балык хоргуннаах миинин бурулаттылар. Онтон хаптаҕас барыанньатын кытта сүөгэй үүттээх итии чэйи эмааллаах куруускалартан астына истилэр.
Аhыы олорон Маша аҕата бөдөҥ балыктар тустарынан кэпсээтэ.
— Урут, 1984 дуу,1985 дуу сылга, күhүн, Бэрдииҥкэ үрэҕин чүөмпэлэрин кэрийэн, Торуой лиэсбороҥхуоhун үлэhитэ Шибаев испиинньиннии сылдьыбыт. Ол сылдьан, аарыма улахан сордоҥу туттарбыт. Бэркэ сыралаhан, эрэйдэнэн, ууттан таhаарбыт. Хайыытынан лабааны уган баран, санныгар сүкпүтэ, былыгын кутуруга сиринэн соhуллар эбит. Онтон хас да дьорохойу хаптарбытын, суумкаҕа дуу, үрүссээккэ дуу угар курдук, улахан сордоҥун айаҕар симэн испит. Дьиэтигэр кэлэн ыйааhыннаабыта, ол сордоҥо 20-тэн тахса киилэ этэ дииллэрэ.
Айыына хаҥас харытыгар олорбут күлүмэни сыыhа охсон «тэс» гыннаран баран, ытырбыт сирин тарбанна уонна эттэ:
— Күөл сордоҥо өрүс киэнинээҕэр лаппа эмис, бөдөҥ буолар диэн бэҕэhээ кулуупка бильярдыы сылдьар уолаттарга Корнилов Фёдор кэпсии турара.
— Оннук буо. Күөлгэ аhылыга быдан элбэх буо. Аҥаардас кумаар ыамайын уонна баҕалары, тыймыыттары, чохулары да сиэн уойаллар буо. Мундуну, собону, кыhыл хараҕы талбыт тутан аhыыллар, онуоха эбии, — Марина дьүөгэтигэр сөпсөстө.
— Урут, оскуолаҕа 7-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына Никииппэрэп Балыарый диэн табаарыспыт аhара улахан сордоҥу көрбүтүн кэпсээбитэ, — Мааhыҥка аҕата санаан кэллэ. – Арай, сайын Маай учаастагар оттуу сылдьан, биир үрэҕи туораары гыммыт. Синньигэс сиринэн дүлүҥү миинэн туораан испит. Уҥуоргу биэрэк субу чугаhаабыт. Уу ып-ыраас, күн уотугар түгэҕэр дылы дьэрэлийэ сытар эбит. Араас таастар сыталлара, уу ото бытаан сүүрүккэ талбаарыйа турара көстөр эбит. Балыарый аа-дьуо, дүлүҥҥэ сытан, илиитинэн, атаҕынан чалбааттанан, устан испит. Онтон, доҕоор, арай, субу кытылга диэри аҕыйах миэтэрэ хаалбытын кэннэ көрө түспүтэ, анныгар баараҕай улахан сордоҥ сытар үhү. Кини устан иhэр дүлүҥүн аҥаар өттүнэн хаҥас хараҕа, биир өттүнэн уҥа хараҕа, бирэмээнэ, бүлүүhэ саҕа буолан, кылабачыhа сыталлар эбит. Аарыма улахан уонна олус кырдьаҕас балык быhыылааҕа үhү: көхсүгэр муох үүнэн тахсыбыкка дылы көстөр эбит. Балыарый куттанан, бэрт барбах ытыстарынан эрдинэн, кытылы булбут. Туох да олус куттаммыт. «Хата, ытырбата, сиэбэтэ», — диэн, эмиэ да үөрэ санаабыт. Ол сордоҥу «кырата үс миэтэрэ баар этэ» диэн кэпсээбитэ, — Дуораан сэhэргиирин кыргыттар сэҥээрэн иhиттилэр.
— Уо-аай, кутталыын! – Маша хараҕа төгүрүйэр, — хата, тот сытар буолан, наадыйбата ини. Улахан сордоҥ кус оҕолорун кытта тутан сиир диэн суруйаллар дии.
— Чэйиҥ, туран балыктыаҕыҥ. Киэhэ хойут хаппат буолан хаалар, — Лина иhити-хомуоhу хомуйбутунан барда. Бары көмөлөөн кураанах иhиттэрин күөл ньалыар уутугар сууйан кэбистилэр, хомуйан, матасыыкыл кэлээскэтин таhаҕас уурарыгар сааhылаан уурдулар.
Кытылга киирэн балыктаатылар. Чаас курдук кэм устата алта-сэттэ обургу алыhары кытта икки сордоҥу хаптардылар. Ол эрэн, Маша туппут улахан сордоҥун курдук түбэспэтэ.
Бөhүөлэккэ кэлэн, улахан сордоҥнорун кээмэйдээн, ыйааhыннаан көрдүлэр. Биир миэтэрэ отут сантымыатырдаах бөдөҥ балык уон алта киилэни тарта.
— Би-биир буут эбит, — диэтэ Маша эбэтэ Сүөкүлэ (кыратык тардыас), бэркэ астынан.
Балыктарын үллэстэн баран, сордоҥнорун сүгэнэн эттээн аҥаардастылар. Линалаах балыктарын сорҕотун ыhаарылаан, сороҕун бөрүөктээн сииргэ былааннанан, кырбастаан баран тоҥоро уурдулар.
Оттон Машалаах көхсүн этин уонна хаhатын туустаатылар, атынын мииннииргэ бэлэмнээн кырбастаан баран тоҥорор лаары буллардылар.
Кыргыттар аарыма сордоҥу тутан турар хаартыскаларын Маша аҕата «Охота и рыбалка» сурунаалга ыытта.
Максим Ксенофонтов