Акушер күнэ: оҕо былаанныыр кэрэ аҥаардарга сүбэлэр

05.05.2022
Бөлөххө киир:

Мэдиссиинэ национальнай киинин иһинэн үлэлиир Перинатальнай кииҥҥэ III таһымнаах  төрүүргэ көмө оҥоһуллар. Манна  чуолаан доруобуйаларын туругунан  “кутталлаах бөлөххө” киирсэр уонна  болдьоҕун иннинэ эрдэ төрөөбүт ийэлэри көрөллөр-истэллэр.

Аныгы үрдүк технологиялаах,  элбэх хайысхалаах килииникэ Саха сирин ийэлэригэр  уонна оҕолоругар оҥоһуллар мэдиссиинискэй көмө хаачыстыбалаах уонна табыгастаах буоларыгар көмөлөһөр.

edersaas.ru

Перинатальнай киин ЭКО-ҕа (экстракорпоральнай оплодотворение)  эмиэ ситиһиилээхтик үлэлиир. Онуоха, ЭКО барар дьахталларга Киин үлэһиттэрин сүбэлэрин билсиэҕиҥ

 ххх

— Төрүөҕэ суох буолуу (бесплодие)  диэн,  дьахтар уонна эр киһи ханнык да препараттарынан харыстаммакка сылдьыбыттарын  да иһин,  бииртэн ордук сыл кэнниттэн төрүөх үөскээбэтин этэллэр.

35 саас кэнниттэн төрүөх үөскээбэт түбэлтэтигэр, бастатан туран, сыһыарыллыбыт поликлиникаҕар акушер-гинекологка кэлэн көрдөрүөххэ наада. Онуоха гинеколог-быраас эйигин уонна кэргэҥҥин салҕыы чинчийиигэ  уонна анаалыстарга ыытар.

Толору чинчийии кэнниттэн гинеколог-бырааһыҥ  биир кэлим  иһитиннэрэр систиэмэнэн Мэдиссиинэ национальнай киинин Көмөлтө репродуктивнай технологияларын отделениеларыгар (ОВРТ) ыытарга ОВРТ гинеколог-репродуктологар  көрдөрөр күҥҥүн суруйар.  Хаһан көрдөрөр күҥҥүн эйиэхэ поликлиникаттан төлөпүөнүнэн биллэрэллэр.

х х х

Болдьоммут күҥҥэр уонна чааскар ОВРТ регистратуратыгар кэлэҥҥин  амбулатория картатын толортороҕун (бэйэҕин кытта пааспаргын, страховка полиһын, СНИЛС илдьэ кэлэҕин) уонна репродуктолог-бырааска киирэҕин. Кини эйигин кытары кэпсэтэн, ыарыыҥ устуоруйатын туһунан сибидиэнньэлэри  хомуйан уонна чинчийиилэр түмүктэрин билсэн баран, түмүк оҥорор уонна туһааннаах сүбэлэри биэрэр.  Репродуктолог-быраас соруга —  төрүөх үөскээбэт балаһыанньатын төрүөтүн быһаарар уонна тустаах былааны оҥорор.  Сорох түгэннэргэ эбии чинчийии ирдэниллэр. Холобур, гистеросальпингография эбэтэр генетиктэргэ уонна «узкай” идэлээх  исписэлиистэргэ (гематологка буолуон сөп).

х х х

Өскөтүн эйиэхэ ЭКО барарга сүбэлээтэхтэринэ, олорор сиргинэн поликлиникаҕар эбэтэр ОВРТ (анал чинчийии ыытыллыбат улуустар олохтоохторо) көрдөрүнүөххүн наада уонна түмүктэргин,  сайабылыанньаҕын аҕалаҕын. Сайабылыанньаҕа эн ЭКО оҥотторорго талбыт килииникэҥ аатын (килииникэ Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховка систиэмэтинэн үлэлиир буолуохтаах) уонна ОВРТ репродуктолог-бырааһа биэрбит докумуоннарын куопуйатын ыйаҕын. Салҕыы ОВРТ репродуктолог-бырааһа докумуоннаргын барытын бэлэмниир уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр ЭКО-ҕа  сүүмэрдииригэр ыытар (БМС территориятааҕы пуондатын үбүн суотугар барарга).

Министиэристибэ сөбүлэҥи биэрдэҕинэ, бэйэҥ ЭКО килииникэтин кытта сибээстэһэҕин, министиэристибэ сөбүлэҥэ баарын туһунан этэҕин уонна интэриэһиргиир ыйытыыларгын  дьүүллэһэҕин. Онтон ЭКО-ны Мэдиссиинэ национальнай киинин ОВРТ оҥорторорго былааннанар буоллаххына, процедура оҥоһуллуон 1-2 ый иннинэ отделение мэдиссиинискэй үлэһитэ эрийэр уонна ыҥырар.

Манна сыһыаран эттэххэ:

Анал  хамыыһыйа сылга 500-тэн тахса дьахтары ЭКО-ҕа ыытар. Кинилэртэн 270-ча  процедура Мэдиссиинэ национальнай киинин Көмөлтө  репродуктивнай технологияларын отделениетыгар (ОВРТ) оҥоһуллар. ЭКО оҥотторор дьахтар 30 сааһа туола илик буоллаҕына  ЭКО көдьүүһэ — 60%,  40-тан тахса саастаахтарга  10-15% тэҥнэһэр. Бу дьахтар төрүүр сааһа кылгаһын уонна сааһыран истэх аайы яйцеклеткалар ахсааннара  аҕыйыырын эрэ буолбакка, хаачыстыбата мөлтүүрүн кытта сибээстээх. Ол иһин, саастаах дьахталларга ЭКО көдьүүһэ улахана суох. Онон, оҕо төрөтүөн баҕалаах дьахталлар идэлээх исписэлиистэргэ төһө кыалларынан эрдэ кэлэллэрэ ордук.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0