Аҕыйах хонуктааҕыта Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академията аккредитацията суох эрээри, быйыл оҕолору үөрэххэ ылар үһү. Ол туһунан чопчулаан суруйуоххут дуо диэн төрөппүттэртэн ыйытыы киирбитэ.
Бу нэдиэлэҕэ “Сахамедиа” өрөспүүбүлүкэтээҕи иһитиннэрэр-бэчээттиир холдинг абитуриеннарга анаан “төгүрүк остуолу” ыытта. Онно кыттыбыт Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын наука үлэтигэр уонна инновацияҕа проректора Николай Сивцевтан тустаах боппуруоһу туоһуластым. Онуоха кини: “Орто үөрэҕи былырыын эрэ аспыппыт. Ол иһин лицензиябыт баар. Аккредитацияны бу билигин бара сылдьабыт. Онон устудьуоннар үөрэҕи аккредитацияламмыт дипломнаах бүтэриэхтэрэ. Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, биир сыл лицензиянан үөрэтиллэр, аккредитацияны иккис сылыгар бэриллэр”, — диэн быһаарда.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академията былырыыҥҥыттан ыла орто профессиональнай үөрэҕи аһан үлэлэтэн эрэр. Сэҥээрбит дьон тустаах үөрэх кыһатын бэйэтин саайтыттан сиһилии билсиэххитин сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru