Ил Дархан Егор Борисов Ил Түмэн депутаттарыгар анаммыт быйылгы Туһаайыытыгар: “Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үрдүк квалификациялаах механиктары, трактористары, агрономнары, бэтэринээрдэри бэлэмнээн таһаарыы — орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларын сибэтиэй эбээһинэстэринэн буолар”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Өрөспүүбүкэ аҕа баһылыга: “Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһин статуһун үрдэтэргэ, кини үлэлиир уонна олорор усулуобуйатын тэрийэргэ, тыа сирин култуурунай уонна уопсастыбаннай олоҕор актыыбынайдык кыттарыгар тустаах миэрэ ылыллыахтаах”, — диэн эппитэ.
Соторутааҕыта Ил Дархан бу Туһаайыыта олоххо киирэн эрэрин биир кэпсэтии туоһулаата. Мин сэһэргэһээччим Марианна Петрова – Саха государственнай тыа хаһаайыстыбатын академиятын Өктөмнөөҕү филиалын дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу. Бу иннинэ кини академия проректорынан үлэлээбит. Аграрнай үрдүк үөрэх кыһатыгар уон алтыс сылын үлэлиир.
Былырыын Марианна Ильинична ситиһиилээх буолла. Ол курдук, бэс ыйыгар оҕотугар олордоҕуна, аграрнай үрдүк үөрэх кыһатын сайыннарыыга туһуламмыт тэрээһин үлэ саҕаланан, Тыа хаһаайыстыбатын академиятын ректора Иван Слепцов бэлиэтии көрөн, Өктөмнөөҕү филиалга дириэктэринэн ыҥырбыт.
ЫСПЫРААПКА: Марианна Петрова Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх. Үөһээ-Бүлүүтээҕи гимназияны ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Саха государственнай университетын финансовай-экономическай институтугар үөрэммитэ. Бу үрдүк үөрэх кыһатын кыһыл дипломунан бүтэрэн баран, үлэтин “Алмаасэргиэн” баантан саҕалаабыта. Онтон оҕолонон баран, Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар экономика салаатыгар проректор көмөлөһөөччүтүнэн үлэлии киирбитэ. Сотору буолаат, проректорынан анаммыта. Кэргэннээх. 4 оҕолоох.
— Марианна Ильинична, Тыа хаһаайыстыбатын академиятын Өктөмнөөҕү филиалыгар ханнык хайысхалаах идэҕэ үөрэтэҕитий?
— Үрдүк үөрэх кыһатыгар агрономнары, агроинженердэри бэлэмниибит. Быйыл орто анал үөрэҕи эмиэ арыйбыппыт. Манна уон биирис кылаас кэнниттэн биир кэлим эксээмэни туттарбакка, сир сыһыаннаһыытын исписэлииһигэр, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин механиктарыгар уонна агроном үөрэҕэр үөрэтэбит.
— Быйыл хас оҕону үөрэххэ ыллыгыт?
— Бастакы кууруска 160 ыччаты ылбыппыт. Урукку дьылларга икки-үс эрэ группаны ылар буоллахпытына (бөлөх аайы — 25-тии оҕо), быйыл 90 ыччат үрдүк үөрэххэ, 70 оҕо орто анал үөрэххэ киирдэ. 2017 сылтан, нууччалыы эттэххэ, “подушевой” үбүлээһиҥҥэ киирэбит. Ол эбэтэр устудьуон ахсаанынан үбүлээһин көрүллэр.
— Ити биир үөрэх тэрилтэтигэр үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһатын дьүөрэлээн аспыккыт, олус сонун сүүрээн эбит. Ил Дархан Ил Түмэн депутаттарыгар Туһаайыытыгар: “Өрөспүүбүлүкэҕэ аграрнай үрдүк үөрэхтээһин саҥа көрүүгэ, сонун уларыйыыга наадыйар”, — диэн мээнэҕэ бэлиэтиэ дуо? Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Егор Борисов өссө агрооскуола, орто анал үөрэх уонна тыа хаһаайыстыбатын академията биир сибээстээхтик үлэлииллэригэр санаатын эппитэ дии. Орто анал үөрэх кэнниттэн ити оҕолоргут бэйэҕитигэр хаалан, салгыы үрдүк үөрэххэ киирэр буоллахтара. Оттон агрооскуолалары кытта хайдах үлэлэһэҕит?
— Быйылгыттан ыла агрооскуолалары кытта үлэбитин күүһүртүбүт. Оҕо үөрэххэ киириитин ырытан көрбүппүтүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ 96 агрооскуола баар буоллаҕына, быйылгы үөрэх дьылыгар биһиги үөрэхпит кыһатыгар 48 эрэ оҕо киирбит. Бу олох кыра көрдөрүү. Онон сотору кэминэн Ил Дархан уурааҕа тахсыахтаах. Агрооскуола үлэтин көдьүүһүн үрдэтэр туһунан. Оскуола аайы агроучаастактардаахтар, ол онно науканы кытта ыкса сибээстээх үлэ барыахтаах. Бу үлэни ордук биһиги сүрүннүөхпүт.
Биллэн турар, ыччаты үөрэхпит кыһатыгар тардыахпытын баҕарар буоллахпытына, бэйэбит материальнай базабытын хаҥатыахпытын наада. Ханнык баҕарар төрөппүт үөрэҕэр кыахтаах оҕотун сайдыылаах, анал базалаах үөрэх кыһатыгар үөрэттэриэн баҕарара чуолкай. Онон агрономнары үөрэтэргэ биһиэхэ анаммыт бааһынабытын оҥостуохпут. Ол инниттэн тыа хаһаайыстыбатын академиятын салалтата анал тиэхиньикэ ылан биэрдэ. Ону таһынан оробуочай бөлөх тэриллэн, 2021 сылга диэри биэс сыллаах тыа хаһаайыстыбатын академиятын сайдыытыгар сыһыаннаах суолталаах анал тосхолу оҥордубут. Ол онно ыччат үөрэххэ киириитин ахсаанын лаппа үрдэтэр соругу туруордубут. Бүгүҥҥү күҥҥэ Өктөм филиалыгар 500 устудьуон үөрэнэр. Биэс сылынан мин салайар үөрэҕим кыһатыгар 1600 ыччат үөрэнэр буолуохтаах. Бу, биллэн турар, наһаа улахан үлэттэн тахсар сорук.
— Тыа хаһаайыстыбатын академиятын Өктөмнөөҕү филиала 1999 сыллаахха аһыллыбыт иккис тыынын ылан эрэр үөрэх кыһата буолла. Онон сибээстээн уларыйыы, сонун сүүрээн эмиэ киирэн эрэрэ хайҕаллаах суол. Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ үлэһиттэри, кэлэктииби көҕүлүүр туох эрэ ураты ньыма баар буолар. Эһиэхэ оннук холобур баар дуо?
— Преподавателлэри көҕүлүүр сыалтан хамнастарын быйыл балаҕан ыйыттан 15% үрдэттибит. Ол эбэтэр орто хамнас 70 тыһ. солк. тахса буолла. Устудьуоннар истипиэндьийэлэрэ эмиэ улаатта. Ол курдук, орто истипиэндьийэ былырыын 3,5 тыһ. солк буоллаҕына, быйыл — 4,5 тыһ. солк. Өскө устудьуон үчүгэйдик үөрэнэр буоллаҕына, куурус аайы истипиэндьийэтин кээмэйэ үрдээн иһэр. Оттон кыаммат ыал оҕолоругар ураты болҕомто – ыйдааҕы истипиэндьийэлэрэ улахан. Уопсастыбаннай үлэҕэ, наукаҕа, спортка кыттар оҕолору көҕүлүүр сыалтан ый аайы үрдэтиллибит истипиэндьийэ төлөнөр. Филиалбытыгар өрөспүүбүлүкэ хоту улуустарыттан элбэх оҕо үөрэнэр. Ол иһин аҕыйах ахсааннаах норуоттар оҕолоругар эмиэ ураты болҕомто ууруллар. Кинилэргэ биһиги ый аайы харчынан өйөбүл оҥоробут. Онон үтүө дьыала үтүөнэн төлөнөр — филиал устудьуоннара үөрэхтэригэр да, филиал уопсастыбаннай үлэтигэр да олус көхтөөхтүк уонн эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар. Оттон бу барыта филиалбыт үлэтин тахсыылаах үлэтигэр үрүйэ курдук түмүллэн, сүүрүктээх үрэх долгунугар оҕустарыытыгар тэҥнээх. Бу сайдыы олуга үөрэх кыһатын аатын-суолун көтөҕөр, саҥаттан саҥа саҕахтары арыйан, үрдүк таһымҥа таһаарар.
Быйыл икки оҕобут академия 10 оҕотун ахсааныгар киирсэн, атастаһыы быһыытынан Казахстаҥҥа сыл аҥарыгар үөрэнэ барбыттара. Саха сиригэр аграрнай үрдүк үөрэхтээһин тэриллибитэ 60 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ Казахскай агротехнологическай университет бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылбыттара. Наһаа сайдыылаах устудьуоннардаах буолан, сөхтөрдүлэр аҕай.
Ыам ыйыгар икки устудьуоммут Германия Бавариятыгар икки ыйга фермаҕа практикалана барыахтаахтар. Онон оҕолорбут төрөөбүт түөлбэлэриттэн тэйэн, сайдыылаах дойдулар үөрэхтэрин кыһатыгар тиийэн, билиилэрэ улаханнык хаҥыаҕа диэн эрэнэбит.
— Марианна Ильинична, эн олус түбүктээх, эппиэтинэстээх үлэлээх эбиккин. Киһи истэ олорон, сөҕөр эрэ. Хайдах эн, түөрт уоллаах улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, үлэҕэр уонна дьиэ кэргэҥҥэр бириэмэҕин таба аттаран, болҕомтоҕун тэҥҥэ уураҕыный?
— Оҕолорум куорат оҕолоро буолан буолуо, бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэ улааппыттара. Улахан уолум 19 саастаах устудьуон. Хабаровскайдааҕы байыаннай институт иккис кууруһун устудьуона. Иккис уол 10-с кылааска Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа үөрэнэр. “Тымныы саарыстыбата” туркомплекска кассирдыы олорон, омуктары кытта английскайдыы кэпсэтэн, үлэһиттэрин соһутан турардаах. Оҕом тылга дьоҕурун бэлиэтии көрөн, “Азия оҕолоро” оонньуу кэмигэр омук дэлэгээссийэлэригэр тылбаасчытынан анаабыттара. Инньэ гынан үлэлээбит харчытынан бэйэтигэр төлөпүөн ылбыта. Үһүс уол төрдүс кылаас үөрэнээччитэ. “Надежда” бальнай устуудьуйаҕа уонна фольклор куруһуогар дьарыктанар. Кыра уол икки саастаах.
Уолаттар оскуола дьоно буолан, күн сололоро суох, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри онно сылдьаллар.
— Үлэлээбитиҥ тухары туох санааҕа кэллиҥ?
— Миэхэ тус бэйэр олус сөптөөх үлэ: тэрийэрбин, айа-тута сылдьарбын сөбүлүүбүн. Түгэнинэн туһанан, бииргэ үлэлиир кэлэктииппэр махтаныахпын баҕарабын. Бу олус үрдүк профессиональнай таһымнаах күүстээх преподавательскай састаап. Ханна баҕарар “үлэлиир кэлэктииппит туһа” диэн муннукка ытаабыт дьон.
Махтал тыл истиҥин этиэм этэ академия ректорыгар Иван Слепцовка. Сонуну, үйэлээҕи айар эдэр салайааччы былаана, көрүүтэ киэҥэ – барыбытын сомоҕолуур айылгылаах киһи. Ол да иһин үлэлиир хайысхабыт ыыра кэҥээн иһэр. Филиалбытыгар саҥа идэлэри арыйаары сылдьабыт: “Аграномия” салаатыгар – магистратура, “Биологические ресурсы и аквакультура” салааҕа — бакалавр. Покровскай куоракка балыгы үөскэтиигэ өрөспүүбүлүкэтээҕи технопарк арыллаары турар. Онно үлэлиир исписэлистэри бэлэмниэхтээхпит.
… Мин олус ытыктыыр киһим, саха биллиилээх бөлөһүөгэ Борис Неустроев-Мандар Уус “Барҕа санаам, сүбэ тылым” диэн кинигэтигэр “Салайар үлэлээхтэргэ сүбэ тылым” диэн төбөлөөх суруйуутугар маннык бэлиэтиир: “Дьон-сэргэ, Үрдүк Айыылар ыйаахтарынан салайааччы буолар аналлаах киһини кутунан-сүрүнэн билгэлээн, өйүнэн-санаатынан талан, атын дьонтон чорботон өрө анньан таһаарар”. Борис Федорович манна бэлиэтииринэн, Марианна Петроваҕа сыһыаннааҕа – кини улахан салайар үлэҕэ “ыттыбыт бастакы үрдэлигэр сир-дойду, дьон-сэргэ балай эмэ ыраахха көстөр. Бу кэм салайар үлэлээх киһиэхэ эмиэ да суолталаах, эмиэ да кутталлаах кэм – көҥүл айан кэмэ”. Оттон мин сэһэргэһээчим, бэйэтэ бэлиэтииринэн, номнуо биэс сыллааҕы тосхолун “өҥөйөн” олорор. Ол эбэтэр бастакы үрдэлиттэн ырааҕы өтө көрөр. Кэскиллээх уонна балысхан ситиһиилээх буоллун бу көҥүл айаныҥ эйиэхэ, Марианна Ильинична!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru