Академияҕа – саҥа лаборатория

Ааптар: 
05.08.2017
Бөлөххө киир:

Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын базатыгар аныгы технологиянан толору хааччыллыбыт, дьиэ кыылларын чинчийэр, эмтиир-диагностыыр лаборатория арылынна.

edersaas.ru


Манна бэтиринээринэй клиникаларга сүөһүнү-сылгыны, көтөрү, сибиинньэни, дьиэ кыылларын атын да көрүҥнэрин иитэр бары хаһаайыстыбаларга төлөбүрдээх мониториннар ыытыллыахтара. Хааны биохимическайдык чинчийииттэн саҕалаан, араас көрүҥ иммуногенетическай экспертиза оҥоһуллуо. Лаборатория сэбиэдиссэйинэн бэтиринээринэй наука кандидата, үрдүк категориялаах бэтиринээр быраас Сергей Васильев ананна.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0