Академик Чугунов аатынан оскуолаҕа эдэр учууталлар түмсэллэр

10.11.2019
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Мэлдьэхси орто оскуолатыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун  оскуолаларыттан, оҕо саадыттан  62 эдэр педагог кэлэн,  уруоктарга, дьарыктарга сылдьан, биир идэлээхтэрин үлэлэрин билистилэр.

edersaas.ru

Ол курдук, алын сүһүөх кылаастарга  Мэлдьэхси орто оскуолатыттан Анна Герасимова 1-кы кылааска  ахсаан уруогун; Алевтина Кривогорницына 3-с кылааска саха тылын, ааҕыы уруогун; политехническэй хайысхаҕа  6-с кылааска математика уруогун Майа лиссиэйин методист — учуутала Любовь Максимова ыытта, ону тэҥэ «Кумааҕы абылаҥа» диэн маастар-кылааһы көрдөрдө.

Естественнэй наукаларга  Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыттан  Анна Степанова 10-c кылааска биология уруогун; Тиэлиги оскуолатыттан Алена Алексеева 9-c кылааска география уруогун; гуманитарнай хайысхаҕа Мэлдьэхситтэн Туйаара Игнатьева  5-c кылааска саха литературатын; общество уруогун  8-c кылааска Аллараа Бэстээх 2-c оскуолатыттан Февронья Бубякина, ыыттылар.

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго аһаҕас дьарыгы Майатааҕы “Мичил” оҕо саадыттан иитээччи Надежда Алексеева ыытта, ону тэҥэ маастар-кылааһы биэрдэ. “Сайдыс” ресурснай киин үлэтин туһунан Любовь Максимова билиһиннэрдэ, улуустааҕы “Кэскил” психологическай киин эдэр учууталларга тренинг ыытта. Оттон “Түмэн” эдэр учууталлар түмсүүлэрэ кэлбит дьону үҥкүүнэн эҕэрдэлээтэ.

Мэлдьэхси орто оскуолатын дириэктэрэ Лариса Сыромятникова, Улуустааҕы эдэр учууталлар “Битим” түмсүүлэрин салайааччы Николай Петров форум кыттыылаахтарыгар эҕэрдэлэрин тиэртилэр.  Улуустааҕы уопсай үөрэхтээһин салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Татьяна Сидорова үлэлэрин уопутун билиһиннэрбит учууталларга, иитээччилэргэ  сертификат туттарда.

Педагогтар оскуола түмэлигэр экскурсияҕа сырыттылар.

“Түмэн” эдэр учууталлар түмсүүлэрэ, салайааччы Туйаара Игнатьева, педагогтарга олус интэриэһинэй, ыстаансыйаларынан, квест оонньууну  ыытта.

Эдэр педагогтар араас сорудахтары толордулар, ыйытыыларга хоруйдаатылар, “Сатабыл” ыстаансыйаҕа тиийэн, оннооҕор, Мааны диэн ынаҕы кыаһылаан, ыан көрдүлэр.

Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит учууталлар туохха барытыгар олус көхтөөхтүк кыттан, элбэҕи билэн-көрөн, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн, айымньылаах үлэлэригэр саҥа, сонун уопуту ылан тарҕастылар.

Хаартыскаларга: форум түгэннэриттэн.

Надежда Андросова,

Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Мэлдьэхси.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0